Чэйи угар тимир бааҥкалары, испиискэ, духуу хааларын, кэмбиэр ойууларын, салпыакканы, харчыны, бэчиэнньэ, кэмпиэт сууларын, о.д.а. бөххө-сыыска бырахпакка, барытын имэрийэн-томоруйан, сууйан-сотон, аатынан-суолунан наардаан мунньар дьон аҕыйаҕа суохтар.
Олортон биирдэстэрэ Таатта улууһун Чычымах нэһилиэгин олохтооҕо Мария Лаврентьевна Софронова буолар. Киниэхэ бу ааттаммыт көрүҥ барыта баар. Ону дьиэтигэр тус-туһунан наардаан, сороҕун эркиҥҥэ кэчигирэтэн, сатабылынан сааһылаан, ууран турар.
Маны барытын көрүү-истии, харайыы, хаһааныы бэйэтэ туспа үлэ, быраабыла. Ол курдук, быыл киирбэт, сиик ылбат, күн уота “сиэбэт”, куурбат-хаппат, хороонноох кутуйах булбат миэстэлэрин таба тайаныыга эмиэ толкуйдаах, тобуллаҕас өйдөөх, сатабыллаах буолуохтааххын.
Барыта балаҕантан
Мария Лаврентьевна бу дьарыгын туһунан маннык сэһэргиир:
– Урут оҕо сылдьан, балаҕаҥҥа олорор кэммитигэр, муспут кэмпиэппит, бэчиэнньэбит суута билигин да баар. Оччолорго суубут ахсаана элбэҕэ суох этэ. Ол да буоллар, игирэм аҥаарын Александраны кытта сууларбытын остуолбутугар тэлгэтэн, ойууларын астына-дуоһуйа, олус сэргээн көрөр этибит. Өссө кэмпиэт сытын ылан, сиэбит тэҥэ сананарбыт. Аттынааҕы ыалбытыгар тахсан, атастаһарбыт.
Бу кэнники кэмҥэ улууспутугар арааһы мунньар дьону кытта бииргэ түмсэн үлэлиирбит, сэһэргэһэрбит олус тоҕоостоох, таһаарыылаах. Сүрүн үлэлээх дьон курдукпут. Сибээс сайдыбыт үйэтэ буолан, бэйэ-бэйэбитин кытта өрүү билсэ, көмөлөсүһэ, ылса-бэрсэ, хайҕаһа, сэлэһэ олоробут.
Оттон быыстапкаларга ахтыбыттыы көрсүһэбит. Маннык көрсүһүүлэртэн элбэҕи билэбит, сонуну соһуйа, үөрэ, махтана көрөбүт. Дьон арааһы да мунньар буолар эбит диэн сөҕөбүт. Быыстапкаҕа кыттыбыт хас биирдии туоһу сурукпун эмиэ ууран иһэбин.
Хаан уруу аймаҕынан
Игирэм аҥаара Александра Уолбаҕа олорор. Кини эмиэ маннык дьарыгы олус сэргиир, умсугуйар. Уопсайынан, бииргэ төрөөбүттэр бары тус-туһунан сөбүлүүр дьарыктаахпыт. Бука барыбытыгар мунньар “ыарыы” сыстыбыт.
Суу… кэпсиир
Хас биирдии суу бу ханнык эрэ кэми көрдөрөр, кэпсиир бэлиэ буолар. Сыныйан көрдөххө, бэйэтэ туһунан дьиктилээх, кэрэлээх, суруктаах-бичиктээх, араас эгэлгэ ойуулаах, сонуннаах. Оттон имэрийдэххинэ, илиигэр бу кэмпиэт сыта хааларыттан киһи манньыйар. Өссө амтана кэлэргэ дылы буолар. Аны тус-туһунан наардаан уурдаххына, сүрэҕиҥ сылаанньыйар, уоскуйар.
Холобур, «Кыһыл бэргэһэчээн» кэмпиэти амсайбатах оҕо суоҕа буолуо. Хас биирдии кэмпиэт ыйааһынынан, көрүҥүнэн, састаабынан, ханнык сиргэ оҥоһуллубутунан, суруга хайдах түспүтүнэн, суутунан уратылаах. Быһата, ааттара эрэ биир буолуон сөп. Өссө тус-туһунан сыттаах, мип-минньигэс. Ити мин хас биирдии кэмпиэти амсайан этэр буолбатахпын. Суу тас көрүҥэ кытары минньигэс. Көрөөр эрэ.
Мыыла эмиэ суулаах
Биир ураты мунньуубунан мыыла суута буолар. Оҕо эрдэхпиттэн мунньубут буоламмын, ахсаана – 250. Мыылаҥ ханна, хаһан оҥоһуллубутун, туох сыттааҕын, туохха туттулларын, кимиэхэ анаммытын билиэххин баҕардаххына, суутун ылан көрүөххэ сөп.
Атастаһар албас
Мунньарбытыгар биирдии, иккилии эрэ устууканы уурунар буолбатахпыт. Хайаан да хастыы эмит буолар. Тоҕо диэтэххэ, билэр-билбэт дьоҥҥун кытта атастаһар албас диэн баар. Атастаһыы хайдах курдук тардыылааҕын, баҕалааҕын, умсугутуулааҕын мунньунуулаах эрэ киһи өйүнэн-санаатынан билэр.
Холобур, кэмпиэтим суутун эбэтэр мунньубут 350 ахсааннаах салпыаккам арааһын элбэтээри, өрүү тугу эрэ саҥаны көрдүүбүн. Ол курдук, быыстапкаларга эрэ буолуо дуо, бырааһынньыктарга сырыттаххына, ыалга, маҕаһыыҥҥа киирдэххинэ, сонун суулаах кэмпиэккэ, наадыйар туһааннаах малгар хараҕыҥ өрүү “хатана түһэр”. Аны сөбүлүү көрбүт суугун, тэрилгин бэйэҕэр иҥэринээри, араас ньыманы барытын туһанаҕын. Онно атыы-тутуу, атастаһыы, иэс ылсыы-бэрсии буолааччы.
Баҕа санааҕын толорон, илиигэр туппут күндү булумньугун, дьиэҕэр аҕалаат, тутатына тутан-хабан, сыттаан-сытырҕалаан, кимин-тугун быһаараҕын. Дьэ, ол кэннэ миэстэтин булларан баран, уоскуйаҕын, өрө тыынаҕын. Мунньуу диэн оннук дьикти абылаҥнаах.
Анна ЖИРКОВА. Чычымах, Таатта.