Күүтүүлээх күһүҥҥү сынньал күннэрбит, дьэ, тиийэн кэллилэр. Хас биирдии оҕо сынньалаҥмытын хайдах туһалаахтык уонна интэриэһинэйдик атаараргытын саныыр буолуохтааххыт. Биллэр туран, сибиэһэй салгыҥҥа күүлэйдиир, доҕоттордуун киинэҕэ, катокка сылдьар, араас маастар-кылаастарга, куруһуоктарга сылдьар үчүгэй бөҕө буоллаҕа дии.
Ол эрэн, мин бүгүн бэйэм сөбүлүүр дьарыкпын эһиэхэ эмиэ туһалаах буолуо диэн кэпсиэхпин баҕардым. Мин кыра сааспыттан иллэҥ кэммэр пластилинынан араас кыыллары, сөбүлээн көрбүт мультиктарым, оонньууларым дьоруойдарын оҥорорбун сөбүлүүбүн. Онуоха нэһилиэкпитигэр үлэлиир Кэбээйитээҕи кэрэ эйгэ оскуолатын уруһуй кылааһын бүтэрбитим көмөлөстө дии саныыбын.
Пластилинынан үлүһүйэр туох туһалааҕый? Учуонайдар дакаастаабыттарынан:
- Мэйииҥ икки полушарията тэҥинэн үлэйлиир,
- Саҥарарар саҥаҥ сайдар,
- Айар, толкуйдуур дьоҕурун сайдар,
- Кыраттык кыыһырбат, ниэрбинэйдээбэт буолаҕын,
- Кутталлаах харамайдары оҥороҥҥун, кутталгын суох гынаҕын,
- Телефоҥҥа олорбокко, иллэҥ кэмҥин туһалаахтык атаараҕын!
Аня ЛУГИНОВА, 7 кылаас үөрэнээччитэ,
«Дьоҕур» пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.