Биһиги кылааспыт ааспыт үөрэх сылыттан уопсай биир бырайыагынан үлэлиир, ол курдук биһиги бары экологическай отряд чилиэннэрэ буолабыт, ону барытын кылааспыт салайааччыта Титова Александра Михайловна салайар.
Бырайыак чэрчитинэн биһиги быйылгы үөрэхпит чиэппэрин түмүктүүр тэрээһининэн «Отходы» диэн чинчийэр үлэлэрбитин көмүүскээhинэ буолла. Кылааспыт салайааччыта Александра Михайловна айылҕа үөрэхтээх буолан биһигини сири-дойдуну харыстыырга үөрэтэр. Ол курдук бырайыак темалара билигин күннээҕи олоххо туттуллар маллар тустарынан буолбута (пластиковай бутылка, пакет, батарейка уо.д.а ). Бэлэмнэнии чааһа сайыҥҥы каникулга сорудах курдук бэриллибитэ. Сайыҥҥы сынньалаҥмытын туһаҕа таһааран чинчийэр үлэбитин саҕалаабыппыт. Кэлин, үөрэх кэмигэр ситэрэн биэриэхпит диэн былааннаммыппыт. Үлэлэрбитин көмүскүүрбүтүгэр дьүүллүүр сүбэ сыанабыла күүстээхтик ааспыта, химияҕа учуутала Лена Николаевна Тырылгина уонна биология учуутала Саргылаана Ильинична Алексеева сүрдээх чиэһинэйдик, ирдэбиллээхтик сыаналаабыттара, сүбэлээбиттэрэ.
Барыта уон дакылааты истибиппит. Наһаа интэриэһинэй, киһини үөрэтэр үлэлэр бааллара. Бастыкы миэстэни Архипов Афоня уонна Афанасьев Харысхан энергосберегающай лампа туһунан суруйаннар ыллылар, Чирков Артем өстүөкүлэ банка туһатын уонна буортутун чинчийэн, кэпсээн иккис миэстэ буолла, үһүс миэстэни тас дойдуга бөҕү хайдах хомуйалларын чинчийэн «Как сортируют и перерабатывают мусор в Японии» диэн үлэни көмүскээн Семенов Слава буолла.
Дьүүлүүр сүбэ уолаттар үлэлэрин эбэн, кэҥэтэн куорат иһинээҕи ааҕыыларга кытталларыгар сүбэлээтилэр. Мин бэйэм санаабар маннык тэрээһиннэр айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга үөрэтэллэр.
Левина Саввелия,
Герой Ф.К. Попов аатынан Дьокуускай куорат 20 нүөмэрдээх оскуолатын
7 «г» кылаас үөрэнээччитэ
Салайааччы Титова Александра Михайловна.