Өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан сылга иккитэ бэлиэ күҥҥэ үөрэ-көтө тоҕуоруһаллара: кыһыны этэҥҥэ туораан сайыны көрсөр ыһыахха уонна муус аннынан балыктааһыҥҥа — муҥхаҕа.
Билигин да өбүгэ үгэһинэн, эбэ мууһа киһини уйар буолла да, саха дьоно муҥхаҕа сылдьар, кыһыҥҥы балыгын булунар.
Ааспыт өрөбүлтэн биһиги нэһилиэкпитигэр муҥха саҕаланна. Муҥханы сылын аайы Дүллүкү ытык кырдьаҕаһа 90 сааһын ааспыт Николай Николаевич Руфов тэрийэн ыытар. Субуотаҕа улахан дьон, ыал ийэлэрэ, оскуола оҕолоро Николай Николаевич тиэргэнигэр мустан айаннаан, Үттэ эбэҕэ муҥха тэрийдилэр. Күнүс олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ эмис эттээх күөһүнэн, итии үүттээх чэйинэн муҥхаһыттары аһаттылар. Муҥха Тойонун сатабыллаах салалтатынан анньыыһыттар, үтүмэхситтэр, нырыыһыттар таһаарыылаах үлэлэрин түмүгэр муҥхаһыттар, 90-ча киһи, 2-лии сүүр бөдөҥ собону үллэстэн, илии тутуурдаах, өттүк харалаах дьиэлэригэр тарҕастылар.
Дүллүкү «Эрчим» эдкорпост, Үөһээ Бүлүү