Биһиги тапталлаах саха гимназиябытыгар сылын аайы айар-тутар талааннаах, илиилэригэр дьоҕурдаах оҕолор быыстапкаларын ыытар. 4 «а» кылаас кэллэктиибэ алтынньы 3 күнүттэн 14 күнүгэр дылы бэйэбит оҥорбут араас оҥоһуктарбытын бэлэмнээн быыстапкалаатыбыт. Иккис нэдиэлэбитигэр «Ситиһии түгэнэ» диэн бэйэбит оҥоһуктарбытын кэпсээтибит, маастар кылаас ыыттыбыт.
Бастакы күммүт «Уруһуйдуурбун сөбүлүүбүн» диэн ааттаах буолла. Манна кылааспыт уруһуйдьуттара Ева Нестерева ийэтинээн Юлия Васильевналыын уруһуйдарын сөҕө-махтайа көрдүбүт. Диана Тимофеева, Амелия Баланова, Сайаана Кычкина, Давид Петров, Уран Канаев, Айгылаана Фёдорова, Люсьена Федотова уруһуйдарын, кэпсээннэрин истэн астынныбыт. Атын оҕолор остуолларга, түннүккэ олорон бэлэм аниме дьоруойдарын кырааскалаан, бэлэх тутан үөрдүлэр- көттүлэр.
Иккис күммүт «Уран оҥоһуктар түһүлгэлэрэ» диэн ааттанан оҕуруоннан, баайыыннан дьарыктанар кыргыттарга ананна. Манна Нарина Васильева, Саяна Брызгалова дьикти дьэрэкээн өҥнөөх биһилэхтэрин, браслеттарын Жанна Егорова баайыы бэргэһэтин, Сайнаара Дьячковская туораахтартан, таастартан оҥоһуктарын кэпсээбиттэрин олус сэҥээрэ иһиттибит.
Үһүс күммүт «Талба талаан тарбахтар» диэн ааттанан араас оҥоһуктарга ананна. Бу күн Люсьена Федотова пластилинтан, туойтан оҥоһуктарын, Артем Федоров араас сиртэн аҕалбыт таастарын кырааскалаабытын, Портнягин Леонид кумааҕы оҥоһуктарын астына көрдүбүт.
Түмүккэ быыстапкаҕа кыттыбыт, ситиһиилэммит оҕолор туоһу сурук туттулар. Маннык айар талааннаах, дьарыктаах, араас куруһуоктарга сылдьан бэйэлэрин оҥоһуктарын сырдаппыт бииргэ үөрэнэр оҕолорбутугар, маннык ситиһиилээх түгэни бэлэхтээбит тапталлаах гимназиябытыгар махталбытын тиэрдэбит! Быыстапка туһунан оҕолор санааларын истиэҕиҥ:
Федоров Артём, IV “а” кылаас: Быйыл эмискэ быыстапкаҕа кыттар санаа киирбитэ. Интэриэһинэй таастары араас сирдэртэн, дойдулартан хомуйарбын санаан кэлбитим. Ийэм таастарынан хартыына оҥоруохха диэн идея киллэрбитэ. Улахан таастарбын кырааскалаан киэргэппитим. Быыстапкаҕа кыттарбын олус сөбүлээтим. Инникитин да кыттыам дии саныыбын. Маннык тэрээһин олус туһалаах. Кылааһым оҕолоро араас дьарыктаах талааннаах эбиттэр диэн биллим.
Петров Давид, IV “а” кылаас: Мин санаабар биһиги быыстапкабыт наһаа үчүгэйдик турбута, кыраһыабай, интириэһинэй оҥоһуктар баар этилэр . Уруһуйдарбын кэпсиирбэр олус долгуйбутум . Кыра эрдэхпиттэн уруһуйдуурбун олус сөбүлүүбүн. Инникитин да бу маннык интириэһинэй быыстапкалар тэриллэ турдуннар!
Петрова Юлиана, IV “а” кылаас: Мин санаабар бу маннык быыстапкалар киһи сэҥээрэн көрөрүгэр уонна интириэһиргииригэр олус наадалаах. Кэпсиирбэр наһаа долгуйбатаҕым, тугу кэпсиирбин бэйэм толкуйдаабытым. Быыстапка кэнниттэн мин аны бисероплетениены олус интириэһиргээтим уонна инникитин дьарыктанан көрүөм дии санаатым.
Баланова Амелия, IV “а” кылаас: Быйыл гимназиябытыгар «Ситуация успеха» диэн быыстапка буолан ааста. Мин уруhуйдуурбун сөбүлүүр буоламмын аниме стиллээх уруhуйдарбынан кыттыбытым. Кэпсиирбэр олус долгуйбутум. Быыстапка олус интэриэhинэй, наадалаах дии санаатым. Учууталым аниме уруhуйдаах раскраска аҕалбытын оҕолору кытары бары бииргэ кырааскалаабыппыт, эhиилги быыстапкаҕа өссө элбэх уруhуйдаах кыттыам.
Люсьена Федотова,
IV «а» кылаас,
Саха гимназията,
Дьокуускай куорат.