Аныгы үйэ сайдыытынан оҕолору «Кванториум» эйгэтигэр уһуйаары алтынньы 24 – 26 күннэригэр М.А.Алексеев аатынан Баппаҕаайы оскуолатыгар Дьокуускайтан уонна Бүлүүттэн мобильнай технопарк хамаандата кэлэн үлэлээтилэр: Дьокуускайдааҕы оҕо дыбарыаhын «Кванториум» технопаркатын салайааччыта Дедюкин Айсен Григорьевич, Бүлүүтээҕи “Кэскил» оҕо киинин дириэктэрэ Васильева Саргылаана Алексеевна, методист Федорова Зарида Андреевна, эбии үѳрэхтээhин педагогтара Дашевский Дмитрий Александрович, Лукин Василий Васильевич.
Оскуолабыт дириэктэрэ Макаров Виталий Владиславович тэрийиитинэн технопарка испэсэлиистэрин кытта тѳгүрүк остуол тула олорон, үс күннээх үѳрэх барылын былааннаатылар.
Биhиги оскуолабыт уонна Бүлүүтээҕи Н.И.Протопопова аатынан «Кэскил» эбии үөрэхтээһин киин дириэктэрэ Васильева С.А. бииргэ үлэлэһэр туһунан дуогабардастылар.
Баппаҕаайы уонна Лөкөчөөн оскуолаларын V-VIII кылаастарыттан, уопсайа 48 оҕо, үөрэннилэр.
Бастакы күн оҕолору 3 хамаандаҕа арааран, маннык хайысхаларынан үөрэттилэр:
— Аэроквантум (пилота суох көтөр аппараттар);
— It программирование;
— 3D моделирование и прототипирование.
Оҕолор элбэх саҥаны биллилэр, билиэн- кѳрүѳн баҕалара ѳссѳ күүһүрдэ.
Салгыы оҕолору түмэр сыаллаах станцияларынан оонньоотулар.
Иккис күн оҕолор «вертушка» ньыматынан дьарыктаннылар, 3D моделированияҕа, аэроквантумҥа уонна программированияҕа үѳрэннилэр. Сарсыардаттан оҕолор квадрокоптеры бэйэлэрэ хомуйан оҥорон, салайарга үѳрэннилэр. 3D моделированияҕа принтергэ бэчээттээн, брелок оҥорордулар. Ону таһынан оҕолор бэйэлэрэ компүүтэргэ анимация оҥорон, «Уруһуйдьут хомурдуос» диэн оонньууну оҥордулар.
Күн иккис аҥарыгар виртуальнай оонньуулары билистилэр, VR музыкальнай оонньууга күрэхтэстилэр. Оонньуу аата «саабыланан охсуһуу” диэн.
Технопарк үөрэҕин үһүс күнүгэр компүүтэргэ бырайыагы былааннаан, 3D моделированиеҕа төлөпүөн уурары оҥорорго үөрэннилэр. “Виртуальная реальность” оонньоотулар. Оҕолор араас бырагыраамаларга үөрэммиттэрин, бырайыактарын хайдах оҥорбуттарын презентация оҥорон көмүскээтилэр.
Үс күннээх «Кванториум” үөрэҕэр оҕолор элбэх саҥа технологиялары биллилэр, олус интэриэһиргээтилэр, салгыы үөрэниэхтэрин баҕардылар.
Мобильнай технопаркаҕа үөрэммиттэрин туоһулуур сертификаттары туттулар.
ТЕХНОПАРКА САЛАЙААЧЧЫТЫТТАН ЫЙЫТЫЫ
— Айсен Григорьевич, бу технопарк туһунан сырдатыаххыт дуо?
— 2017 сыллаахха Кванториум диэн оҕо технопарката бүтүн Россия үрдүнэн хас биирдии региоҥҥа биирдии анал киин арыллыбыта. Бу «Успех каждого ребенка» диэн федеральнай бырайыак чэрчитинэн уонна «Национальный проект образования» иһинэн арыллыбыта. Биһиги технопаркабыт 9 хайысхалаах, эбии үөрэхтээһининэн дьарыктанабыт. Куруһуоктарбыт үксүн техническэй хайысхалаахтар – “IT программирование”, “Виртуально-дополненная реальность”, “Энерджиквантум”, аэроквантум, 3D моделирование, прототипирование, промышленная робототехника, “Космоквантум” о.д.а. Кванториум “сүрэҕэ”- «хайтекцех». «Хайтекцех» диэн технология аныгы уруога. Онно лазернай станоктар, ЧПУ станок, 3D принтердар уо.д.а. оборудованиялар бааллар. Ону таһынан, 2022 сылтан мобильнай технопарк «Кванториум» диэн үлэлээн саҕалаабыта. Эмиэ федеральнай бырайыак иһинэн арыллан үлэлии-хамныы сылдьар. 7 хайысхалаахпыт, ол онтон бу Бүлүү улууһуттан ИТЦ «Кэскил» диэн технопарканы кытта үлэлии сылдьабыт. Мобильнай технопарк 5 улууһу кытары үлэлиир: Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Уус Алдан, Мэҥэ Ханалас уонна Нам.
— Технопарк диэн туох өйдөбүллээҕий?
— Технопарк — диэн техническэй паарка. Ол эбэтэр оҕо бэйэтэ кэлэн, техническэй хайысхаҕа, наука уонна техника өйдөбүлүнэн дьарыктанар. Программирование тылларын эрэ үөрэппэккэ, кини бэйэтэ бырайыак толкуйдуур, хамаанданан бырайыак оҥороллор уонна ол бырайыактарын көмүскээн, улахан күрэхтэһиилэргэ кыттан, олоххо киллэрэн бизнес инкубаторга тиийэ тахсыахтарын сөп. Ону таһынан, улахан IT парк «Технопарк Якутия» кытары эмиэ тэҥҥэ ыкса үлэлэһэбит.
ОҔОЛОРТОН ЫЙЫТЫЫ: ТУГУ СӨБҮЛЭЭТИҤ, ИНТЭРИЭҺИРГЭЭТИҤ?
Алексеев Алгыс, Лөкөчөөн оскуолатын VIII кылаас үөрэнээччитэ:
— 3D моделированиены саамай сөбүлээтим. Оонньуулар интэриэһинэйдэр. Программированиенан моделы хамсатарга, анимацияны оҥорорго үөрэнним. Бу технопарк олус наадалаах эбит. Кэлин улааттахха, бэйэ дьарыктанарга туһалыа дии санаатым.
Васильев Олег, Баппаҕаайы оскуолата, VIII кылаас:
— Технопарканы олус интэриэһиргээтим. Анимация бырагыраамалыырга, дрону таҥан оҥорон көтүтэри сөбүлээтим. VR оонньуу ордук интэриэһинэй этэ, музыкальнай күрэххэ оонньоотубут.
Корякина Юлиана, Лөкөчөөн оскуолата, VIII кылаас:
— Биһиги икки күҥҥэ үөрэнэн элбэх саҥаны биллибит. 3D моделированиеҕа брелок, төлөпүөн уурары оҥорору интэриэһиргээтим, принтергэ бэчээттиири биллибит. Салгыы манныкка үөрэниэм этэ. Оскуоланы бүтэрэн, идэ ыларбар наада дии санаатым.
Никифорова Саяна, Баппаҕаайы оскуолата, VI кылаас:
— Ноутбукка уруһуйдаан, бырайыак оҥорорго үөрэнним. БСОШ диэн суруктаах брелок оҥорбуппут, ону 3D принтергэ таһаарбыттара. Дрон салайан көтүтэри биллибит. Көмпүүтэргэ кыыллары хамсатан, анимациялаан бырайыак оҥорорго үөрэнним.
Николаев Эрэл, Лөкөчөөн оскуолата, VIII кылаас:
— Программированиеҕа код оҥорору үөрэттибит. 3D моделированиеҕа үөрэннибит. Салгыы маннык кванториум араас хайысхаларыгар үөрэнэр баҕалаахпын.
“Кѳмүс бѳрүѳ” пресс-киин эдкордара.
Баппаҕаайы оскуолата, Бүлүү.