Варя Колтовская, Г. С. Донской аатынан Бүлүү 2 нүөмэрдээх орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ: «Екатерина Николаевна Сотрудникова салайар «Ровесник» куруһуогар дьарыктанабын. Оскуоланы бүтэрэрим бу кэллэ. Суһал көмөнү оҥорор сулууспа үлэһитин идэтин баһылыахпын баҕарабын. Ол эрээри, суруналыыстыка эйгэтин кыра эрдэхпиттэн сэҥээрэбин. Хаартыскаҕа түһэрэрбин, видеоҕа уһуларбын сөбүлүүбүн».
Кыһыҥҥы кэрэ
Хаар түһэн сирбитин кылбатта,
Хараҥа уулуссанан хааман иһэбин
Хаар хаачыргыырын истэбин,
Харыйалар киэргэнэн тураллар,
Халлааҥҥа сулустар кыламныыллар,
Айылҕам көстүүтэ кэрэтиэн!
Ааспыт санаа миигин таарыйар,
Умуннум хом санаабын бу тымныыга,
Санаам ырааһырда бу тумаҥҥа,
Кыһын, эн кэлэҥҥин, тулалыыр эйгэбит
Күндээрдэ, сырдаата, чаҕылыйда!
3 3
Наһаа үчүгэй хоһоон!
Ис санаатын бэркэ суруйар
Ситиһиини ,