Сунтаар улууһугар Ааҕыы сыла биллэриллибитинэн, Ааҕыы эстафетата А. А. Иванов-Күндэ аатынан Кутана оскуолатыгар тиийэн кэллэ. «Ааҕыы чорооно» кэлбитинэн, оскуолабытыгар алтынньы 10-15 күннэригэр ааҕыыга араас бырайыактар үлэлээтилэр.
«Ааҕыы Чороонун» көрсүү өрө көтөҕүллүүлээхтик барда. Киирии тылынан линейканы Изабелла Николаевна Третьякова аста. Чороону Сиэйэ оскуолатыттан дириэктэрин солбуйааччыта Лариса Афанасьевна Кривошапкина уонна детсад сэбиэдиссэйэ Марфа Максимовна аҕаллылар. Лариса Афанасьевна бу эстафета ис хоhоонун билиhиннэрдэ уонна саха норуодунай суруйааччыта Леонид Попов уонна чороон туhунан кэпсээтэ. Онтон «Ааҕыы Чороонун», Кутана оскуолатын дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччытыгар, Ольга Витальевна Минина5а туттарда.
“Мичээр” детсад иитээччилэрэ уонна оҕолоро кыттыыны ыллылар. Кырачааннар поэт тэттик хоhоонноруттан аахтылар. 9-11 кылаас уолаттара Леонид Попов патриотическай, Ийэ дойдуга таптал уонна көмүскэл хоhооннорун аахтылар. “Күн сардаҥата” ансаамбыл оҕолоро салайааччыларыныын, Мария Павловна Афанасьевналыын, поэт тылыгар “Бүлүү эбэкэм” диэн ырыаны күпсүүр доҕуhуоллаах ыллаатылар.
Кутана оскуолатын Тыл холбоhугун салайааччыта Александра Иннокентьевна Андреева «Ааҕыы чорооно» кэлбитинэн, оскуолаҕа ааҕыыга туох тэрээhин буолуохтааҕын кэпсээтэ. Ол кэннэ, мустубут дьон, оҕолор, учууталлар, детсад иитээччилэрэ-бары «Ааҕыы Чороонун» кытта хаартыскаҕа түстүлэр.
Оскуола библиотекатыгар ааҕыыга көҕүлүүр кинигэ быыстапката турда. Ол курдук, Кутана оскуолатын араас сыллааҕы выпускниктарын айымньылара, кэпсээннэрэ, хоhоонноро; выпускниктар таhаарбыт ахтыы кинигэлэрэ уонна бэтэрээн учууталбыт РФ уонна СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, олохтоох суруйааччы В.Г. Дьячковская айымньыларын быыстапката.
Бэнидиэлниктэн саҕалаан, алын кылаастарга остуоруйа ааҕыы, истии, викториналар буоллулар. Оскуола библиотекатыгар алын кылаас оҕолоругар ”Кэскил” хаһыат сирэйдэринэн айан, ким хаhыакка суруттарбытын сэҥээрии сэргэхтик ааста. “Айар” кинигэ кыhата ыыппыт «Ааҕыы дневнигин» 1-4 кылаас оҕолоругар туттарыы, ону хайдах толорору үөрэтии буолла. Ахсынньы ортотугар дневник туолааhынын көрүү буолуоҕа. Бастыҥнар наҕараадаланыахтара.
5-11 кылаас оҕолоругар переменаларга «Дорҥоонноох ааҕыы» түһүлгэтин тэрийдибит. Сахалыы, нууччалыы, ангылыйалыы тыл учууталлара ыыттылар.
Сахалыы уонна нууччалыы Ийэ дойду көмүскэлигэр аналлаах айымньылары аахтылар
Учууталларга анаан Ааҕыы сатабылыгар нэдиэлэ аайы ыытыллар семинары тыл учууталларын холбоһуга ыытта. Тиэмэтэ: “Специфика формирования читательской грамотности на уроках.” Семинары педагог-библиотекарь И. Н. Третьякова иилээн-саҕалаан ыытта. Ааҕыыга туhаайан, оҕо сайдарыгар ааҕыы суолтатын нуучча тылын учуутала А. И. Андреева тоhоҕолоон кэпсээтэ. А. В. Меркурьева, английскай тыл учуутала, Е. Е. Архангельская, саха тылын учуутала, тиэкиhи кытта үлэ ньымаларын көрдөрдүлэр. Семинарга учууталлар актыыбынайдык кытыннылар, санааларын эттилэр.
«Ааҕыы чорооно»- “Мичээр” детсад кырачааннарыгар ыалдьыттаата. Оҕолор Леонид Попов хоhоонугар ырыалары иhиттилэр, чороон уруhуйдаатылар, хоhоон аахтылар.
Күүкэй оскуолатыгар «Ааҕы чороонун» Изабелла Николаевна уонна Елена Евгеньевна илдьэн туттардылар. 8-11 кылаас үөрэнээччилэригэр айымньылары төһө билэллэрин тургутар ток-шоу ыытылынна.
“Ааҕыы-билии-сайдыы төрдө” диэн 1-11 кылаас төрөппүттэрин кэмитиэтин салайааччыларыгар брифинг буолла. Иhитиннэриини оскуола педагог-библиотекара Изабелла Николаевна, нуучча тылын учуутала Александра Иннокентьевна, саха тылын учуутала Елена Евгеньевна, дириэктэри үөрэх чааhыгар солбуйааччы Валентина Валерьевна ыыттылар .
Кылаастарынан ааҕыыны күөдьүтэллэрин курдук, оҕо дьиэҕэ кинигэ ааҕарыгар усулуобуйа тэрийэн, туспа полкаланан, дьиэ кэргэнинэн ааҕары киллэрэр туhунан кэпсэттибит. Оҕо алын кылаастан кинигэни сатаан ааҕарыгар бары көмөлөстөххө, уонна төрөппүттэр ааҕыыга болҕомто уурдахтарына эрэ, ааҕыы кыаллыа этэ диэн биир санааҕа кэллибит.
Төрөппүттэр «Ааҕыы Чороонун» көрсөр ааҕыы нэдиэлэтэ көдьүүстээх буоларын туһугар туох үлэ барбытын сэргии иһиттилэр. «Кэскил» хаһыаты ааҕан сэҥээрдилэр. Хаһыакка сурутууну салгыы ыытыах буоллулар.
Оскуола линейкатыгар «Ааҕыы Чороонун» нэдиэлэтигэр ситиhиилээхтик кыттыбыт оҕолорбутун добун, махтал суруктарынан наҕараадалаатыбыт. Тыл холбоhугун учууталлара 2016 сылтан ааҕыыга сыһыаннаах араас бырайыактары ыытабыт. Ааҕыы сылынан былырыын тохсунньу ыйга оскуолабытыгар араас Граннар, премиялар олохтоммуттара. Саамай бастыҥ ааҕааччы дириэктэр В.Н. Архипов Гранын ылыаҕа диэн тоhоҕолоон эттибит.
И.Н. Третьякова, оскуолаҕа педагог-библиотекарь,
«Кутана кыымнара» пресс-киин.