Эргиллиэхпит эрэ кэрэх, кыһыммыт обургу кыстык хаарын кыыдамнатан кэлэ оҕуста, онтон Булуҥ улууһун Бороҕон орто оскуолатын үөрэнээччилэригэр «Эдэр балыксыт» куруһуок үлэтин саҕаланна.
Күрэххэ 5-10 кылааска диэри Бороҕон орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ кытыннылар. Бастакы түһүмэх “Ким саамай улахан балыгы хаптарар эбитий?” диэн аатынан ааста.
Иккис түһүмэхпит бултпут иһинэн ааста, ол курдук, “Ким аһа саамай түргэнник буһар эбитий?” диэн ааттанна. Оҕолор араас ньыманнан ас астаан көрдөрдүлэр, быра сатабылы барытын туһаннылар.
Күрэх түмүгэр, балыктар оскуола ветеран учууталларыгар түҥэтэлиннилэр
“Аны, халлаан тымныйдаҕына муус ыларбыт хаалла, онтон халлааммыт да хараҥарар, онтон күн тахсыыта эмиэ үөрэ — көтө хамсанан барыахпыт, куруһуокпутун салҕыы тэрийиэхпит”, — диэн оҕолор үллэстэллэр.