Саха норуодунай бэйээтэ Петр Николаевич Тобуруокап 105 сылын Ороһуга, оҕо сааһа ааспыт түөлбэтигэр, киэҥ бырагыраамалаахтык, үрдүк таһымнаахтык, умнуллубаттык бэлиэтээн аастылар. Тэрээһини Ороһу орто оскуолатын иитэр үлэҕэ саабыһа Т.Г. Кысылбаикова биир дойдулаахпыт Д.Н. Скобелева кэргэнинээн Алексей Максимовичтыын туттарбыт балаҕаныгар тэрээһини иилээн ыытта.
Тэрээһин уопсастыбаннас кыттыылаах биэчэртэн саҕаланна. Бу киэһэ Петр Николаевич Тобуруокап олоҕун, үлэтин туһунан кэпсэтиигэ кыттыыны бэйээт кыыһа Саргылаана Петровна, күтүөтэ норуодунай суруйааччы Дмитрий Федосеевич Наумов, улуус дьаһалтатыттан Л.С. Тойтонова, нэһилиэк баһылыга А.В. Антонов, Ороһу орто оскуолатын директора П.У. Никонов, этнопедагог К.С. Чиряев аатынан норуот педагогикатын музейын директора Р.А. Васильева, аймахтара У.Ф. Гольдерова уонна учууталлар, оҕолор.
У.Ф. Гольдерова Петр Николаевич туһунан хаһыакка, сурунаалга тахсыбыт ыстатыйалары, сыыска түһэрбэккэ, анал паапкаҕа тиһэ сылдьарын көрдөрдө. Р.А. Васильева бэйээккэ аналлаах хос баарын, бэйээт учуутал, суруйааччы, коммунизм суолун тутуһуом диэн андаҕар ылыммытын чиэстээхтик толорбутун уонна кэргэнин, олоҕун аргыһын Евгения Васильевна тапталлаах кэргэн, оҕолоругар ийэ, сиэннэригэр эбэ, бэйээт айымньытын бастакы истээччитэ, кириитикэһитэ, бэчээттээччитэ буоларын итэҕэтиилээхтик кэпсээтэ.
А.В. Антонов Петр Тобуруокап дэгиттэр мааны киһитин туһунан оҕолорго туһаайан этэ. «Инникитин оҕолор улаатан, бэйээт үбүлүөйүн сыллата дьоһуннаахтык ыытыаххыт диэн эрэлбит улахан», — диэтэ.
Л.С. Тойтонова оҕолорго ананан бэчээттэммит кинигэлэрин ааҕан, бэйээт айымньыларын билиҥ, тус сайдыыгытыгар туһаныҥ диэн тус санаатын эттэ.
Бэйээт кыыһа Сардаана Петровна: «Биһиги оҕо сылдьан аҕабытын дьиэ баһылыгын быһыытынан билинэрбит, улаатан истэхпит аайы дьон-сэргэ кини айымньыларыгар сүгүрүйэллэрин, сэргииллэрин билэн астынар, үөрэр этибит. Кэлин, ийэ буолан баран, оҕолорбутугар эһэлэрин оҕолорго аналлаах айымньыларын аахтаран, үөрэтэн улаатыннартаабыппыт», — диэн эттэ.
Күтүөтэ Д.Ф. Наумов аҕа кыннын убаастыырын, бииргэ балыктыырын, кини айымньыларын өрө тутарын, кини олоҕо, үлэтэ салҕанан барарыгар төһүү күүс буоларын эттэ.
Ороһуттан төрүттээх бэйээт И.Е. Иванов-Ороһуунускай аатын сүгэр олохтоох библиотека сэбиэдиссэйэ Ж.С. Иванова уһуйаан оҕолорун хоһооннорун, «Иэйиэхсит» оҕо бөлөҕүн остуоруйатын, архыыпка баар матырыйааллары туһанан, илиинэн оҥоһуллубут кинигэтин куйаар нөҥүө истэр гына оҥорбутун көрдөрдө. Аны сайын өрөспүүбүлүкэ оҕолорун түмэн, нэһилиэгинэн айар куттаах оҕолорго «Хоһоон хонуута» диэн улахан тэрээһини ыытарга былааннанабыт диэн иһитиннэрдэ.
Маны таһынан оскуола оҕолоро П.Н. Тобуруокап хоһооннорун аахтылар, айымньыларынан уруһуй, оҥоһук быыстапкатын туруордулар.
Ыалдьыттар выпускниктар сквердэригэр бэйээт айымньыларыгар олоҕуран мас уустара оҥорбут оҥоһуктарыгар экскурсиялаатылар.
Норуот билиниитин ылбыт ырыаһыт Г.Г. Николаев аатын сүгэр сынньалаҥ киинигэр Д.Е. Иванов аатын сүгэр олохтоох театр «Тобуруокаптыын биир долгуҥҥа» литературнай-муусукаалынай дьүһүйүүнү сэргээн көрдүлэр. Тамалакаантан, Харбалаахтан, улуус кииниттэн этно-муусукаалынай бөлөх кыттыыны ыллылар.
Ити курдук, саха норуодунай бэйээтэ Петр Николаевич Тобуруокап оҕо сааһа ааспыт түөлбэтигэр, Ороһуга, кэрэхсэбиллээх бэлиэ күн буолан ааста.
«Тымтык» эдкорпост, Ороһу орто оскуолата.