Быйыл Саха АССР 100 сылын көрсө, биир дойдулаахпыт, үйэтин тухары сылгыга үлэлээбит, Г. Я. Бубякин төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан нэһилиэкпитигэр өйдөбүнньүк бэлиэ туруорулунна.
Бу бэлиэни мин аҕам — Спиридон Васильевич Бубякин оҥордо . Аҕам 55 саастаах, сылгы собуотун үлэһитэ. Кини сайын устата маһынан тупсаҕайдык толкуйдаан, чаппараак быһыылаах, сэргэлэрдээх бэлиэни оҥорон таһаарда. Уһун кэмнэргэ үйэлээх буоллун диэн, тимири сваркалаан күрүөлээтэ. Оҥоһугун аҕам бэркэ кичэйэн, кэмнээн, барытын бэйэтэ айан -тутан оҥорбута.
Бу бэлиэҕэ биһиги нэһилиэкпитигэр сылгы иитиитигэр үйэлэрин анаабыт сылгыһыттар ааттара суруллан, хаартыскалара үйэтитилиннэ. Өйдөбүнньүк бэлиэ тыа хаһаайыстыбатын үлэһитин күнүгэр үөрүүлээх быһыыга арыллан дьон-сэргэ сэҥээриитин ылла. Онон аҕам үлэтин дьон-сэргэ хайгыы көрөн биһирээтэ.
Аҕам уус тарбахтааҕынан, мындыр толкуйдааҕынан, эппиэтинэстээҕинэн олус киэн туттабын. Аҕабын наһаа таптыыбын. Доруобай буолан өссө да айымньылаахтык үлэлииригэр баҕарабын.
Сааскылаана Бубякина, 5 кылаас,
Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл б.