Шарль Перро
Биир миэлиҥсэһит өлөрүгэр үс оҕотугар туох да улахан баайы-дуолу хаалларбатах. Арай миэлиҥсэлээх, өсүөллээх уонна куоскалаах эбит.
Улахан уол миэлиҥсэни, орто уол өсүөлү, кыра уол куосканы ылбыттар. Аччыгый уол санаата түспүтүн көрөн куоска эппит: «Санаарҕаама, тойонуом, миэхэ куулла уонна саппыкыта биэр. Дьэ уонна куһаҕана суох өлүүгэ тиксибиккин көрүөҥ».
Тугу көрдөспүтүн ылан баран, Куоска саппыкыларын кэппит, куулу санныгар бырахпыт, икки илин баппаҕайдарыгар куулун баайар быалары ылбыт уонна куруолуктар баар тыаларыгар барбыт. Куулугар оту-маһы симпит уонна биир эмэ кэһэлтэ диэни билбэтэх куруолук куулга аһыы киирэрин күүтэн сыппыт. Өр күүттэрэ барбакка үөрүү тосхойбут: биир куруолук куулга киирбит, онуоха Куоска түргэн соҕустук быаларын тардан хаайан кэбиспит. Булдунан киэн тутта ыраахтааҕыга кэпсии тиийбит. Бэйэтин баҕатынан тойонун аатын Карабас маркиз диэн киэргэтэн уларыппыт.
«Бу куруолгу, Үрдүк Сололоох Тойон, Карабас маркиз тойон Эйигин кытары көрсөргө бэлэх уунарын миэхэ соруйда», – диэн тоҥхоҥнообут. «Тойоҥҥор тиэрт. Мин киниэхэ махтанабын уонна олус астына дуоһуйдум», – диэн хоруйдаабыт ыраахтааҕы.
Куоска аны сэлиэһинэйгэ саспыт. Куулун эмиэ аһаҕас хаалларбыт. Икки хабдьы киирбитин тутан ылбыт. Эмиэ ыраахтааҕыга илдьэ барбыт. Ыраахтааҕы астына-дуоһуйа ылбыт. Ити курдук Куоска ыраахтааҕыга икки дуу, үс дуу ый тухары тыа көтөрүн-сүүрэрин бэйэтин тойонун аатыттан аҕалан испит.
Арай биирдэ ыраахтааҕы өрүс кытылын устун кыыһын кытта дьаарбайарын туһунан истибит. Кыыһа бу сиргэ баар кэрэттэн кэрэ принцесса эбит. Ону истэн баран куоска тойонугар эппит: «Мин сүбэбин ылынар буоллаххына, дьолуҥ тосхойуо: мин көрдөрбүт сирбэр баран өрүскэ сөтүөлээ, уоннааҕытын бэйэм оҥоруом». Карабас маркиз Куоска тугу сүбэлээбитин, туох үчүгэйгэ тиэрдэрин билбэтэр да, толорбут. Кини сөтүөлүү сырыттаҕына, ыраахтааҕы каретата ааһан испит, онуоха Куоска туох баар күүһүнэн хаһыытаабыт: «Көмөлөһүҥ, көмөлөһүҥ! Карабас маркиз ууга түһэн эрэр!». Ыраахтааҕы каретаттан өҥөйөн көрбүтэ: киниэхэ тыа көтөрүн-сүүрэрин аҕалан биэрбит Куоската хаһыытыы турар эбит. Харабылларыгар Карабас маркизка суһаллык көмөлөһөллөрүгэр соруйбут. Маркиз барахсаны өрүстэн таһаара сырыттахтарына, Куоска каретаҕа чугаһаабыт уонна ыраахтааҕыга «тойонум сөтүөлүү сырыттаҕына, төһө эмэ туох баар күүһүм кыайарынан хаһытаабытым үрдүнэн, уоруйахтар кэлэн таҥаһын илдьэ бардылар» диэн эппит. Албынчык таҥастарын бэйэтэ улахан таас анныгар кистээбит. Ыраахтааҕы саамай кыраһыабай таҥаһы Тойон Карабас маркизка ыыталларыгар соруйбут. Кыраһыабай таҥас киниэхэ олус барсыбыт. Ыраахтааҕы кыыһа уолу сөбүлээн кэбиспит, онтон Карабас маркиз принцессаны таптаабыт.
Ыраахтааҕы маркиһы каретаҕа тахсан олороругар, кинилэри кытта дьаарбайарыгар ыҥырбыт. Куоска сорунуута табыллан иһэриттэн дьоллонон, иннилэрин диэки сүүрбүт. Бааһынайдар от охсо сылдьалларын көрсүбүт уонна эппит: «Отчуттар, ыраахтааҕыга бу охсор оппут тойон Карабас маркиз ото диэбэтэххитинэ, күл гынан көтүтүөм», – диэн куттаабыт. Ыраахтааҕы ким ходуһата буоларын ыйыппытыгар: «Тойон Карабас маркиз ходуһата», – диэбиттэр бары биир киһи курдук. «Үчүгэй нэһилиэстибэлээх эбиккин», – диэбит ыраахтааҕы.
Куоска инники сүүрэн иһэн аны бурдук быһааччылары көрсүбүт уонна эппит: «Бу бурдук барыта тойон Карабас маркиз бурдуга диэбэтэххитинэ, күл гынан көтүтүөм», – диэбит. Ыраахтааҕы бу көстөр бурдук кимиэнэ буоларын билиэн баҕарбыт. Бурдук быһааччылар: «Тойон Карабас маркиз бурдуга», – диэн хоруйдаабыттар. Ыраахтааҕы тойон Карабас маркиз элбэх баайдааҕыттан-дуоллааҕыттан сөҕүөн сөхпүт.
Кэмниэ кэнэҕэс Куоска кэрэ көстүүлээх замокка тиийэн кэлбит. Бу тойон сиэхсит замога эбит. Кини наһаа баай эбит. Ыраахтааҕы көрбүт сирдэрэ барыта сиэхсит бас билэр сирдэрэ эбит. Куоска киниттэн көҥүллэтэн, бэйэтин билиһиннэрэ диэн кэпсэтэ кэлбит. «Эйигин ханнык баҕарар кыылга кубулуйар айдарыылаах диэн миигин итэҕэппиттэрэ, холобур, хахайга, слоҥҥа», – диэн эппит Куоска. «Кырдьык, сөпкө эппиттэр. Билигин эйиэхэ эрэ анаан хахай буолан кубулунуом», – диэбит сиэхсит. Куоска бэйэтин иннигэр хахайы көрөн олус куттаммыт. Сиэхсит көрүҥүн уруккутугар уларыппытыгар эппит: «Эйигин өссө саамай кыра кыыллар быһыыларын-таһааларын ылынар сүдү күүстээх диэбиттэрэ. Мин маны кыаллыбат суол дии саныыбын». «Билигин көрөөр», – диэбит сиэхсит. Уонна түргэн баҕайытык кутуйах буолан хаалбыт. Куоска ону көрө түспүт да көрүөх бэтэрээ өттүгэр үрдүгэр саба түһэн сиэн кэбиспит. Ол кэмҥэ ыраахтааҕы ааһан иһэн сиэхсит кыраһыабай замогун көрбүт. Куоска утары сүүрэн тахсыбыт уонна ыраахтааҕыга туһулаабыт: «Нөрүөн нөргүй, Үрдүк Сололоох Тойон, тойон Карабас маркиз замогар киир, аас». «Хайдах, тойон Карабас маркиз?» – диэн ыраахтааҕы саҥа аллайа түспүт.
Ыраахтааҕы тойон Карабас маркиз ураты үтүө майгытыгар абылаппыт. Маркиз үгүс-элбэх бас билиилээҕин сөҕөн-махтайан туран эппит: «Тойон маркиз, миэхэ күтүөт буолуоххун баҕарбаккын дуо?». Маркиз ыраахтааҕы көрдөһүүтүн чиэстээхтик ылыммыт уонна бу күнү аһардыбакка эрэ принцессаны кэргэн ылбыт. Куоска улахан сеньор буолбут уонна мантан ыла кутуйахтары аанньа сырсыбат, арай биирдэ эмэ аралдьыйа таарыйа бултуур буолбут.
Остуоруйаҕа этиллэр санаа
Аҕа уолугар анаабыт баайа-дуола былыр-былыргыттан суолталаах.
Елена Прядезникова сахалыы тылбааһа
Худуоһунньук Матрена Васильева