Биһиги эҥээр бу кэрэ көстүү сэдэх соҕус буолар. Онтон ааспыт түүн олус дьэрэкээн дьүкээбил оонньоон халлааны сырдатта.
Элбэх нэһилиэк дьоно бу көстүүнү устан, түһэрэн ыллылар. Дьон халлаан тымныйарыгар, дьүкээбил оонньуур диэччилэр. Онтон бу сырыыга, баҕар, ракета тобоҕо түһэн ол радиацията буолуон сөп дииллэр. Тоҕо диэтэххэ, Роскосмос эрдэ сэрэтэн турар, былааннаммыт запуск буолуохтааҕын туһунан…
Дьэ, хайдаҕын да иһин дьүкээбил, кэрэ көстүүлээх!
Ааптар: Наталья Жданова.
Ньурба уул.