Н.С. Охлопков аатынан Нам улуустааҕы гимназиятын II кылааһын үөрэнээччилэрэ, Туйаара Ионовна салайааччылаах, ийэлэргэ аналлаах «Ийэм мичээрэ» тэрээһиннэрин ыыттылар.
«Кылааспыт иһинэн ыытыллар тэрээһиннэргэ үөрэнээччилэрим бары өрүү тэҥҥэ сылдьан, ыытарга көмөлөһөллөр, тэҥҥэ толкуйдаһабыт. Оҕолор көхтөөхтүк араас тэрээһиннэргэ кытталлара, бииргэ ону-маны оҥорорбут, айарбыт, кылаас иһинэн эйэлээх, доҕордоох эйгэ үөскүүрүгэр олус көмөлөөх. Ону таһынан, бу тэрээһиммитигэр көмө буолбут практиканнарбытыгар, Ирина Игоревнаҕа уонна Дьулус Альбертовичка махталбыт муҥура суох», — диэн кылаас салайааччыта, Туйаара Ионовна үллэстэр.
Аан маҥнай, оҕолор ийэлэригэр бэлэмнээбит хоһооннорун аахтылар. Ол кэннэ бэйэлэрэ ийэлэрин уруһуйдаабыт портреттарын дуоскаҕа туруоран таайтардылар.
Иккис чаас быһыытынан, хамаандаҕа арахсан бириистээх викторина оонньоотулар, мультик, мелодия таайдылар.
Салҕыы, үөрэнээччилэр харахтарын симэн туран ийэлэрин илиилэрин таайса ооньоотулар.
Тэрээһин түмүгэр, бэлэмнэммит ырыаларын ыллаатылар, ааспыт ийэ күнүн чэрчитинэн бэлэхтэрин туттардылар, уопсай хаартыскаҕа түһүү буолла.