Бу дьыл алтынньы 25 күнүгэр норуот поэта, прозаик, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, “Бочуот знага” орден кавалера, суруйааччылар Сойуустарын чилиэнэ, Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ Петр Николаевич Тобуроков-Бүөтүр Тобуруокап 105 сыла туолар.
Алтынньы 21 күнүгэр оскуолабытыгар норуот поэта Бүөтүр Тобуруокап үбүлүөйүн бэлиэтиир тэрээһиннэр ыытылыннылар. Ол курдук алын кылаастарга поэт айымньыларынан Ааҕыы күрэҕэ ыытылынна. Күрэххэ биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн ааҕыыга уопсайа 50 оҕо кытынна.
Оҕо уһуйааныгар сылдьан бастаан доргуччу аахпыт “Тоҕо” диэн хоһоонтон саҕалаан ырыа буолбут хоһооннорго тиийэ аахтылар. Дьүүллүүр сүбэ ааҕааччы хоһоонноохтук ааҕыытыгар, сценаҕа тутта-хапта сылдьыытыгар бэйэтин болҕомтотун уурда уонна кыттааччылар үчүгэйдик бэлэмнэммиттэрин бэлиэтээтэ.
Күрэҕи оскуола педагог-библиотекара Клавдия Дмитриевна Бакычарова иилээн-саҕалаан ыытта.
Ф.Г. Охлопков аатынан Майа орто оскуолатын пресс-киинэ.