Ийэлэргэ аналлаах декада чэрчитинэн Өлөөкө-Күөл орто оскуолатыгар «Аргыс» оҕо түмсүүтэ ийэлэргэ уонна кыргыттарга «Көрдөөх стартары» тэрийэн ыытта.
Кылаастан биирдии ийэ сүүмэрдэнэн, ийэлэр хамаандалара уонна «Аргыс» оҕо түмсүүтүн кыргыттара 12 түһүмэххэ күрэхтэстилэр. Түһүмэхтэр бииртэн биир олус интэриэһинэйдик, көрдөөхтүк аастылар. Ийэлэр кувыроктаан да сөхтөрдүлэр, противогаз да кэтэн сүүрдүлэр, шпагат да түстүлэр. Барытынан холобур буолалларын көрдөрдүлэр. Онон сымсаларын, быһыйдарын көрөөччүлэр бэркэ сөхтүлэр.
Түмүккэ күн күбэй ийэлэр хамаандалара кыайыылааҕынан тахсан, минньигэс тордунан наҕараадаланна. Оскуолабытыгар маннык хабааннаах спорт дьоро киэһэтэ бэрт тэрээһиннээхтик ааста. Тэрийээччилэр да, кыттааччылар да олус астынан тарҕастыбыт.
Теннис куруһуогун төрөппүттэр ыыталлар
Быйылгы үөрэх дьылыгар оскуолабытыгар остуол тенниһин куруһуогун төрөппүттэр ыытарга сөбүлэһэн, дьарыктар тиһигин быспакка ыытыллаллар. Ол курдук, эдэр ийэ Мария Васильевна Макарова түбүгүттэн, үлэтиттэн быыс булан кыргыттары, оттон уолаттарга нэһилиэкпит эдэр спортсмена, икки кырачаан оҕо амарах аҕата, Николай Бубякин дьарыктыыллар.
Кыргыттар дьарыктарын туһунан маннык кэпсииллэр:
Олимпия Винокурова, 2 кылаас: «Биһиги куруһуокка түргэнник хамсанарга үөрэнэбит. Онно ыскамыайканы ыстанан ойуоккалыыбыт. Итинник гыннахпытына, мээччиги түргэнник ыларга үөрэнэбит. Өссө скакалкалыыбыт, ол аата илиибитин эрчийэбит. Теннис куруһуогар сылдьар наһаа үчүгэй.»
Айнура Захарова, 5 кылаас: «Куруһуокка, бииргэ үөрэнэр доҕорбун, Эмилияны кытта иккиэн сылдьабыт. Куруһуокка сылдьыаҕым иннинэ, бу спорт көрүҥүн сатаабат этим. Оҕолор оонньуулларын көрө-көрө ымсыырар этим. Мария Васильевна наһаа үчүгэйдик үөрэтэр. Түргэн хамнаныылаах буоларга, илииҥ имигэс буоларыгар араас эрчиллиилэри оҥоробут. Куруһуогу көтүппэккэ сылдьабын. Улааттахпына, теннисист буолан күрэхтэһиилэргэ кыттыам этэ».
Куруһуок салайааччыта Мария Макарова дьарыгын туһунан маннык кэпсиир: «Устудьуоннуур сылларбар теннис дьарыгар сылдьыбытым. Онно хайдах үөрэппиттэрин өйдүүрбүнэн, оҕолору дьарыктыыбын. Бэйэм ол саҕана ракетканы сатаан да туппат этим. Онтон үөрэнэн –үөрэнэн бу спорт көрүҥүн олус сөбүлээбитим. Билигин бириэмэ, түгэн көһүннэҕинэ оонньуубун. «Оҕолору дьарыктаабаккын дуо?» диэн оскуолаттан көрдөспүттэригэр, үөрүүнэн сөбүлэспитим. Дьарыкпын кыргыттарга анаан ыытабын. Билигин нэдиэлэҕэ иккитэ мустабыт. Кылаастарынан бөлөхтөөн, улахаттар уонна кыралар диэн арахсабыт. Эбии үөрэхтэр кэннилэриттэн, киэһэ алтаттан икки чаас, дьарыктанабыт. Кыргыттар остуол тенниһин сөбүлүүллэр эбит. Көтүппэккэ сылдьан дьарыктаналлар».
Кыргыттарбыт бу куруһуоктан элбэххэ үөрэнэн, элбэҕи сатаан үүнэн-сайдан тахсыахтара диэн эрэнэбит. Оҕо тула өттүнэн сайдарыгар күүс-көмө буолар төрөппүттэрбитигэр махтанабыт.
И.Ноговицына,
Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл б.