Алтынньы 19 күнүгэр биһиэхэ, Улахан Аан нэһилиэгэр, «Дьөһөгөй оҕото» диэн музей арылынна. Бу күҥҥэ анаан, киирии ааҥҥа саха омугун маанылаах атын симэҕинэн киэргэппит этилэр. Алгыстаах уоту уматан, алгысчыт үтүө тылын эппитэ уонна арыылаах алаадьынан, саламаатынан, кымыһынан күндүлээбитэ.
Бу күн мин Хаҥалас улууһун баһылыгын Иринеев О.В. кытта кэпсэппитим. Кини санаатын маннык үллэстибитэ:
— Бастатан туран, хас биирдии нэһилиэккэ историятын сырдатар түмэл баар буолуохтаах. Бу 90-с сылларга биһиги оскуолабытыгар сүрдээх үчүгэй музей баар этэ. Игнатий Васильевич салалтатынан үлэлээн саҕалаабыта. Кэнники сылларга нэһилиэк историятын кэпсиир-кэрэһэлиир музейбыт суох. Оскуола учуутала Максимова П.И. нэһилиэк салалтатын урукку дьиэтигэр “Дьөһөгөй оҕото” түмэли оҥорору туруорсубута. Манна нэһилиэк историята барыта киирэр. Биһиги ыалдьыттарбыт, кэнэҕэски ыччаттарбыт Улахан Аан нэһилиэгэ хайдах төрүттэммитин, үлэһит, бастыҥ дьоннорун барытын ити түмэлтэн билэн-көрөн тахсыахтаахтар. Бу маннык сыаллаах үлэлээн-хамсаан эрэр.
— Тоҕо бу музей “Дьөһөгөй оҕото” диэн ааттанна?
— Сылгы куттаах бөртөлөр диэн урут-уруккуттан үлэни кыайбыт уонна ат сэбин-сэбиргэлин, атынан уонна сылгынан күн бүгүн республикаҕа биир тарбахха баттанар нэһилиэгинэн буолар. Ханнык да нэһилиэккэ “Хотугу сулус” бириэмэийэлээх сылгыһыт суох. Биһиги нэһилиэккэ Васильев И.Г. баар. Онтон Терентьев Е.Г. “Үтүөлээх сылгыһыт” ааты ылбыта. Күн бүгүн Улахан Аан нэһилиэгэ 1800 сылгыны иитэн-аһатан олорор. Хас биирдии нэһилиэк олохтооҕо бары сылгылаахтарын кэриэтэ. “Бөртө” сылгы иитэр собуот биһиэхэ баар, 100-тэн тахса үлэһиттээх, онон бу аат сөптөөх диибин.
Салгыы Малдьаҕар 2-с нэһилиэгин баһылыгын Алексеев А.С. кытта кэпсэттим: «Музей арыллыыта былааҥҥа киирбитэ ыраатта. Биһиги нэһилиэкпит киэҥ историялаах, өбүгэлэрбит хайдах үөскээн-олорон ааспыттарын, инники кэскиллэрбит билиэхтээхтэр диэн сыаллаах-соруктаах. Биһиги улууспутугар туристическай маршрут элбэх, онон кэлбит ыалдьыт интэриэһиргээн сылдьыан сөп. Бөртөлөр дьөһөгөй оҕотун символ быһыытынан ылынабыт. Музей эрэ буолбакка, туристическай хайысхалаах дьиэ буолуохтаах. Нэһилиэк олохтоохторо экспонаттары үөрэ-көтө музейга туттардылар, онон махталбыт улахан, инникитин бу музей кэҥээн иһиэ диэн эрэнэбит».
Үөрүүлээх арыллыы күн мин музейга киирэн, урукку саха малын уонна сэбиэскэй кэм малын интэриэһиргии, сөбүлүү көрбүтүм. Бэйэм дьиэ кэргэммин кытта урукку сэбиэскэй остуолбутун, олоппостору уонна урукку бурдук мунньар сундугу музейга анаан биэрбиппит. Музей иһигэр элбэхтэ хаартыскаҕа түспүтүм. Түмэл экспонаттара бары даҕаны киһини умсугутар этилэр.
Бу түмэли көрөн баран, мин маннык түмүккэ кэллим: хас биирдии норуот бары туспа историялаах буолуохтаах. Билиҥҥи кэмҥэ норуокка ол олус наада. Онон дьон барыта бэйэтин дьиэ кэргэнин уонна норуотун историятын билиэхтээх дии саныыбын.
Аман ЕРЕМЕЕВ,
М.Е. Васильева аатынан 2 Малдьаҕар орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ.
Хаартыскаҕа түһэрдилэр: Алина Гаврильева, Ангелина Алексеева, Аман Еремеев, 7 кылаас үөрэнээччилэрэ.