Сунтаар бастакы нүөмэрдээх орто оскуолатыгар чөл олох ыйынньыга саҕаланна. Ол чэрчитинэн, 5 кылаастар икки ардыларыгар «Көрдөөх стартар» буолан аастылар.
Барыта түөрт бэһис кылаас кытынна: 5 «а», 5 «б», 5 «в», 5 «в».
Күрэҕи физкультура учууталлара Вячеслав Валентинович Васильев, Асламбек Максимович Михалев, Михаил Михайлович Слюсарь.
Хамаанда састаабыгар 6 уол, 6 кыыс буоланнар, алта түһүмэҕинэн күрэхтэстилэр: эстафета, аҥаар атахха ыстаныы, икки мээчиги тутан сүүрүү, баскетбольнай мээчиги тэйитии, сыалы табыы, мэһэйдээх сүүрээһин.
Тыҥааһыннаах киирсии кэнниттэн бастакы миэстэни — 5 «в» кылаас, иккис миэстэни — 5 «а» кылаас, үһүс миэстэни — 5 «г» кылаас ыллылар. Кыайыылаахтар грамотанан наҕараадаланнылар.
keskil14.ru