Эһиги биирдэ эмит бэйэҕит искитигэр, санааҕытыгар толкуйдаан көрбүккүт дуо? Биһиги тулалыыр эйгэбитигэр төрүөхтэриттэн доруобуйаларынан мөлтөх оҕолор бааллара буолуо диэн? Ким эрэ хараҕынан куһаҕаннык көрөр, ким эрэ мөлтөхтүк саҥарар, ким эрэ толкуйдуура бытаан. Итинник доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолору государство билиҥҥи уопсастыбаҕа, дьон ортотугар, чугаһата сатыыр үгүс бырагыраамалаах.
Биһиги, Саха гимназиятын XI «А» кылаас үөрэнээччилэрэ, кылааспыт салайааччыта Марианна Алексеевна Андреева тэрийиитинэн аҕыйах хонуктааҕыта, “Аһымал ” диэн акцияҕа кыттыһан, 4-с №-дээх коррекционнай оскуола үөрэнээччилэригэр оонньуу ыытан кэллибит.
Билсэн-көрсөн бардахха оҕолор сүрдээх эйэлээх, элэккэй эбиттэр. Биһиги кинилэргэ анаан эрдэ бэлэмнээбит оонньуубутун тэрийэн ыыттыбыт. Мин тус бэйэм кыайан саҥарбат оҕолор, кэпсэтэ сатыылларыттан сүрдээҕин соһуйбутум. Кинилэр кимтэн да хаалсымаары өрө күүрүүлээхтик оонньообуттара, үөрбүттэрэ-көппүттэрэ.
Бу орто дойдуга маннык оҕолор баалларын биллибит уонна кинилэргэ биир үөрүүлээх күнү бэлэхтээбиппитинэн астынныбыт. Бүтэһиккэ бары флешмоб үҥкүүлээн араҕыстыбыт.
Вася Артемьев, XI “А” кылаас, Саха гимназията.