Алексей Романов — СӨ кинематографистарын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ, режиссер, сценарист, продюсер, Россия бочуоттаах кинематографиһа, СӨ үтүөлээх деятелэ, «Золотой Орёл Россия кинематографическай искусстволарын уонна наукаларын Академиятын чилиэн-кэрэспэдьиэнэ, «Ника» Россия кинематографическай искусстволарын чилиэнэ, Россия киинэтин режиссердарын Гильдиятын чилиэнэ. Быйыл төрүттэммитэ 30 сыл буолбут «Сахафильм» национальнай хампаанньа тэриллиитин төрдүгэр турбут дьонтон биирдэстэрэ.
Киинэлэрэ: «Мааппа», «Орто Дойду», «Ойуун түүлэ», “Детство, которое мы не знали”, “За нами будущее”, о.д.а.
Мин оҕо эрдэхпинэ, биһиэхэ дьиэбитигэр сахалыы ханаал көстүбэт, хаппат этэ. Моһуок диэтэҕиҥ, оччолорго тоҕо эрэ сахалыы ханаал хабар-хаппат сирэ үгүс этэ. Хата, «Бэлэм буол»-«Кэскил» хаһыат уонна «Чуораанчык» сурунаал баар буоланнар, баҕалаах сахалыы эйгэбин биллэ байыталлара. Мин буоллар, мэлдьи сахалыыны көрүөх, истиэх баҕам олус улахан этэ. Онон буолуо, биирдэ «Мааппа» диэн сахалыы киинэ көстөр үһү диэн, ону көрөөрү, ыалга барбыппыт. Ыалга мөлтөхтүк да буоллар, сахалыы ханаал баар этэ. Сүрүн герой, Мааппа кыыс “ыччуу-ычча», диирэ баччааҥҥа диэри өйгө хатанан хаалбыт. Истиэҕиҥ эрэ, “Сахафильм” төрүттэниитигэр быһаччы сыһыаннаах режиссер Алексей Романов санааларын:
Оскуолам бибилэтиэкэтин ааҕан бүтэрбитим
-Оҕо сылдьан наһаа кэпсээнньит этим. Ханна көрбүппүн, хантан билбиппин: улахан да дьон кэпсээтиннэр, оҕолор даҕаны — ол барыта өйбөр хаалан иһэрэ. Кинигэни элбэхтик ааҕарым. Чуолаан, саха литературатын уонна былыргы фольклору, остуоруйалары. Сороҕун бэйэм фантазиялаан, уларытан-тэлэритэн, оҕолорго кэпсиир идэлээҕим. Мин тула оҕолор мусталлара. Ханна эмэ киирэн: хараҥа хоско, остуол анныгар дуу, абааһылааҕы, кутталлааҕы кэпсэтэрбит. Онтон-мантан билбиппин эбэн-сабан, эбии толкуйдаан кэпсиирим. Эрилик Эристиин, Амма Аччыгыйа, Суорун Омоллон, Николай Заболоцкай-Чысхаан, Анемподист Софронов-Алампа, Платон Ойуунускай айымньыларын, ханнык кинигэ түбэһэринэн, оскуола бибилэтиэкэтигэр баары барытын ааҕарым. Онон оскуолам кинигэлэрин ааҕан бүтэрэн, аны кулууп бибилэтиэкэтигэр сылдьар буолбутум. Чуо маннык суруйааччыны сөбүлээн ааҕарым диэн өйбөр суох. Арай, өйдөөн хаалбыт айымньыларым: “Мааппа” (Н.Заболоцкай-Чысхаан), Амма Аччыгыйын “Сааскы кэмэ”, Былатыан Ойуунускай “Улуу Кудаҥсата”. Кинигэ ааҕыыта режиссерга улахан суолталаах. Уопсайынан, оҕо эрдэхпинэ кинигэ аахпытым миигин айар киһи быһыытынан оҥорон таһарбыта. Тоҕо диэтэххэ, тылыҥ-өһүҥ сайдар, иккиһинэн, олоҕу, драматургияны билэ үөрэнэҕин, үсүһүнэн, араас толкуйдар ол онтон кэлэллэр, олоҕу-дьаһаҕы көрүүҥ кэҥиир.
Киинэ Бүтүн Сойуустааҕы институтугар
—Киинэ Бүтүн Сойуустааҕы институтугар (ВГИК) иккис сылбар биирдэ киирбитим. Сүүмэрдээһин кытаанаҕа этэ: 7 миэстэҕэ… 811 киһи туттарсыбыта! ВГИК-кэ үөрэнэ сырыттахпытына, маастардар каникуллуу барарбытыгар сыалай испииһэк биэрэллэр этэ: аан дойду, нуучча классикатын ааҕыҥ диэн. Ону барытын уһун өрөбүллэргэ ааҕан кэлэн баран, ырытарбыт. Онно улахан суолта ууруллара, көннөрү ааҕан эрэ буолбакка, үүнэн эрэр режиссердар буоларбыт быһыытынан, ону барытын ырытыахтаахпыт, толкуйдуохтаахпыт диэн этэ. Туох идеялаах, туох толкуйдаах, туох драматургиялаах айымньы буоларын үчүгэйдик билиэхтээх этибит.
Институту бүтэрэр кэммэр Николай Заболоцкай-Чысхаан «Мааппа» айымньытыгар тохтообутум. Онон «Мааппа» — ВГИК-кэ дипломнай үлэм этэ. Саха сиригэр, сороҕун Свердловскайга устубуппут. Оруолларга Маргарита Борисова, Дмитрий Михайлов уһуллубуттара. Бу киинэни дьиҥэ, толору метрдээх гына устуохха сөп этэ. Оччолорго ыбыс-ыарахан ыйааһыннаах «Конвас» диэн аппарааты сүгэ сылдьан устарбыт. Билигин аудиовизуальнай технология сайдан, киинэни устуу уруккуга тэҥнээтэххэ, быдан судургутуйда.
Киинэ ситиһиитэ туохтан тутулларый?
—Киинэ нөҥүө киһи бэйэтин көрүүтүн үллэстэр. Режиссер буолуу —олус эппиэтинэстээх. Бэйэм бөлүһүөктүү хабааннаах киинэлэри сэҥээрэбин. Аны, киинэ төһө ситиһиилэнэрэ сценарийтан, оператортан олус тутулуктаах. Уопсайынан, литератураны, искусствоны билбэт буоллаххына, киинэ эйгэтигэр үлэлиириҥ, айарыҥ-тутарыҥ ыарахан.
Режиссер Романов сүрүн уратыта тугуй?
Кини оҥорон көрөн, дьиҥэ суоҕу устубута диэн суох. Хас биирдии киинэтэ этнографическай матырыйаалга олоҕурар, онон итэҕэтиилээх, оруо-маһы ортотунан буолбакка, саха киһитин сүрэҕин, өйүн, толкуйун иһинэн киирэр. Ылан көрүҥ, “Орто Дойду” этнографическай киинэтин. Саха олоҕо барыта итиннэ көстөр диэтэххэ, омуннааһын буолбатах. Хрестоматийнай киинэ.
Ханыылыы сюжеттаах киинэлэр
Мин санаабар, “Колдунья” уонна “Падение дома Ашеров” диэн айымньы матыыбыгар олоҕуран уһуллубут киинэлэр Романов “Мааппатыгар” чугастар. “Колдуньяны” — А. Куприн “Олеся” сэһэнинэн үүт-маас да буолбатар, Франция, Швеция кинематографистара устубуттар. Эдэр инженер “колдунья” диэн сүрэхтэммит ойуур быыһыгар олорор кэрэчээн кыыска тапталынан умайар. Дьон кырыктаах санаата, холус быһыыта-майгыта эдэр дьону араартаан кэбиһэр. Кыыһы Таҥара дьиэтиттэн холдьоҕоллор, онтон ыла уол таптыыр кыыһын хантан да булбат.
“Падение дома Ашеров”—детектив, дьулаан түбэлтэ жанрын хото баһылаабыт Америка биллиилээх суруйааччытын Эдгар По биир бэлиэ айымньыта. Эмиэ “Мааппаҕа” курдук, Мадлен диэн кыыс ситэ хараллыбатаҕын түмүгэр, Ашердар дьиэлэригэр күһүҥҥү кэмҥэ истиэхтэн, көрүөхтэн дьулаан быһыы буолар. Ону ааптар (сүрүн герой) олус үчүгэйдик иҥэн-тоҥон суруйар, оттон араас кэм режиссердара бу айымньыны 1928 сылтан саҕалаан, XXI үйэҕэ диэри сөбүлээн, табан усталлар.
Саха үһүйээннэригэр үөр буолбут кыыс туһунан кэпсэл элбэх. Холобур, “Туман буолбут таптал” диэн Константин Эверстов айымньытынан уһуллубут Аркадий Новиков киинэтин геройа эмиэ Мааппа курдук үөр буолбут кыыс.
Бэлиэлэри таба туттар
Өскөтүн режиссер Андрей Борисов “Тайна ЧингисХаана” киинэтигэр уонна испэктээкиллэригэр бэлиэлэри мэлдьи анаан-минээн туттубут эбит буоллаҕына (кини ону бэйэтэ кистээбэт), Алексей Романов “Мааппаҕа” бэлиэлэри сүрэҕин иминэн, көрөөччүгэ соҥнообокко эрэ хото туттубута көстөр. Хаар, сэргэ, хатыҥ, ат, тойук, суол, уот, тыал — сүрүн бэлиэ буоланнар, киинэни биллэрдик байыталлар. “Ыччуу-ычча”, диэн тыл эмиэ бэлиэ быһыытынан туттуллар, тымныыны, бүппүтү, өлүүнү бэлиэтиир курдук.
“Мааппа” — арааһа, саха киинэтин историятыгар бастакы “хоррор”. Итинтэн салгыы, атын да дьулаан түбэлтэлэрдээх киинэлэр тахсыбыттара. Холобур, “Сайылыкка” (1992 с.), “Сэттээх сир” (1996 с.). Билиҥҥи кэмҥэ баҕар, “Мааппаны” ким эмэ өссө устуо буолаарай?
Саха бастакы “кутталлаах” “Мааппа” киинэтин туһунан санааларгытын 4sakral@mail.ru почтаҕа күүтэбит.
Жанна Леонтьева