Бүгүн — Ийэ күнэ. Ийэҕэ хомоҕой хоһоон, ылбаҕай ырыа бастыҥнара айылла тураллар. Ол курдук, Кэбээйи орто оскуолатын «Дьоҕур» пресс-киин оҕолоро күндү киһилэригэр хоһоон анаатылар.
Ийэ – диэн мин дьолум,
Ийэ – диэн мин соргум,
Ийэттэн ордук туох да суох
Ийэттэн истиҥ тыл да суох.
Ийэ күн курдук мичээрдээх,
Үтүө, сэмэй майгылаах,
Амарах сүрэхтээх, дууһалаах
Нап-намыын куоластаах.
Чыычааҕым диэн ыҥырар
Эйэҕэс нарын куоластаах
Көмүскэс санаалаах
Сымнаҕас майгылаах.
Айсен Егоров, 8 «а» кылаас
Күн курдук мичээрдээх,
Сып-сылаас илиилээх,
Нап-намыын сүрэхтээх,
Амарах санаалаах.
Хомойор күннэргэр
Уоскутар алыптаах
Минньигэс аһынан
Күндүлүүр дьоҕурдаах.
Аан дойду кэрэтин
Күн күбэй ийэни
Харыстыы сылдьыахха,
Тапталы аныахха.
Марина Завгородняя, 8 «а» кылаас
Ийэ! Төһөлөөх кэрэтик иһиллэрий?
Ийэ! Төһөлөөх элбэҕи этэрий?
Икки атахтаах баарын тухары
Истиҥ тыл баарын билбэппин.
Төһө да кыыһырыаҥ,
Хас да күн өчөһүөҥ,
Ийэ эйигин өйдүөҕэ,
Сылаастык кууһуоҕа.
“Оҕом, улааппыт,
Туһа киһитэ буолбут” — диэн
Үөрэ-көтө саныаҕа,
Киэн тутта кэпсиэҕэ.
Ийэ үөрэрин туһугар
Мичээрдии сылдьарыгар,
Эн ийэҕин харыстаа,
Күндү киһигин убаастаа.
Сайаана Терехова, 8 «а» кылаас, «Дьоҕур» пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.
Салайааччы: Мария Егоровна Павлова, саха тылын уонна литературатын учуутала