Бу күннэргэ Иван Васильевич Николаев аатынан Харбалаахтааҕы сынньалаҥ киинэ Өрөспүүбүлүкэбит 100 сылынан түөлбэлэринэн олус интэриэһинэй “Эргиллэн көрдөххө…” диэн ааттаах быыстапка күрэҕин тэрийдэ.
Онно түөлбэлэр урут туттулла сылдьыбыт малы-салы ыалларыттан хомуйан, оччотооҕу дьиэ ис бараанын силигин сиһилии ситэрдилэр, олох урукку удьуордарын араас малларын кэккэлэччи тэниттилэр. “Чараҥ” түөлбэ олохтоохторо Харбалаах маҥнайгы ыалларын 4 хоһун сиһилии көрдөрбүт буоллахтарына, “Таатта” түөлбэ олохтоохторо олох урукку маллары көрдөрүүгэ ууран, дьон болҕомтотун тартылар. “Эрэл” түөлбэ сэбиэскэй кэм универмагын сынньалаҥ киинигэр киирээти кытта тэниччи тарпыта – оччотооҕу кэмҥэ сиэтэн киллэрэр.
Холбоһук үөрэнээччилэрэ нэдиэлэни быһа уочаратынан баран бу сонун быыстапканы көрдүлэр, сэҥээрдилэр, түөлбэлэр олохтоохторун кэпсээннэриттэн урукку кэм туһунан элбэҕи биллилэр-көрдүлэр.
Мин үһүс кылаас үөрэнээччилэрэ быыстапкаттан үөрэн-көтөн иһэллэрин көрсөн, кэпсэттим.
— Мин сөбүлээн көрбүтүм урукку фотоаппарат уонна урукку уруучука, өссө былыргы өтүүгү бэлиэтии көрдүм, − Коля Попов.
— Быыстапкаҕа аан бастаан киирбиппитигэр биһиэхэ урукку таҥас сууйар тэрили көрдөрбүттэрэ, мин бэлиэтии көрбүтүм өтүүк, олус ыарахан ыйааһыннаах этэ, − Алгыстаана Федорова.
— Мин интэриэһиргии көрбүтүм: урукку керосиновай лаампа, фотоаппарат, самовар. Өссө урукку кэминээҕи таҥас-сап бөҕө баар этэ, − Афродита Бурцева.
— Быыстапкаҕа урукку маҕаһыыны ойуулаабыттар этэ, онтон мин бараанканы наһаа ымсыыра көрбүтүм. Ону таһынан наһаа астык кыыс киэргэлэ − ытарҕалар бааллар этэ, − Туйаара Боярова.
— Мин быыстапкаҕа сылдьаммын урукку малы-сабы олус интэриэһиргээн көрдүм, онно бааллар этэ: урукку телефон, фотоаппарат, холодильник, ковер, − Артем Сотрудников.
— Миэхэ саамай өйбөр хатанна урукку кэмнээҕи маҕаһыын. Онно урукку таҥастар бааллара, көрөргө наһаа астык, − Слава Винокуров.
— Мин быыстапкаҕа сылдьан астынным аҕай, онно сылдьаммын урукку телефону көрбүтүм, бу 1963 сыллаахтан хаалбыт, − Сеня Соломонов.
— Мин урукку, историческай маллары наһаа сөбүлүү көрдүм. Саамай бэлиэтии көрбүтүм урукку оҕолор оонньуурдара, ону таһынан, урукку таҥас-сап, − Диана Дьяконова.
— Мин улахан баахыла буһарары көрбүтүм, олус ыарахан ыйааһыннаах этэ. Өссө урукку бигудины уонна фены көрбүтүм, − Сайыына Винокурова.
— Урукку монпансье кэмпиэт баар этэ, урукку кэмнээҕи оонньурдар, киэргэллэр баалларын көрбүтүм, − София Петрова.
Оттон бу оҕолору билии киэҥ эйгэтигэр сирдиир учууталлара, быйыл саҥа үөрэҕин бүтэрэн кэлбит эдэркээн уһуйааччы Кристина Игнатьевна Старостина санаатын маннык диэн үллэһиннэ:
— Наһаа астык… Урут дьоммор баар маллары, таҥастары көрөн уйадыйдым диэххэ. Наһаа үчүгэйдик оҥорбуттар, итинниги киинэҕэ эрэ көрдөҕүм дии. Үчүгэй баҕайытык барытын кэпсээбиттэрэ, истэргэ, көрөргө наһаа бэрт, оҕолор, хата, наһаа сөбүлээтилэр, сэргэхсийэн кэллибит.
Ити курдук, бу быыстапкаттан долгуйуор диэри үөрбүт киһи күннэтэ элбээн иһэриттэн тэрийээччилэр сүргэлэрэ көтөҕүллэр.
VIII кылаас уолаттара Сайаан Иванов, Ньургун Винокуров билигин да үлэлии турар патефону олуһун сөбүлээбиттэрин, холбоон ыллатан көрбүттэрин туһунан учууталлара Варианна Васильевна Макарова кэпсээтэ.
Ити курдук, сэргэх тэрээһиннэр Харбалаахтары аралдьыта, кэскиллээҕи, үйэлээҕи кэрэхсэтэ туруохтун!
Валентина Кривошапкина, Харбалаах