Алтынньы ый саамай элбэх бэлиэ күннээх ыйынан биллэр. Ол курдук, Аан дойдутааҕы кыргыттар күннэригэр, Саха Республикатыгар Ийэ сылыгар, Ийэ күнүгэр, Россияҕа култуура сылыгар анаан +Орто Халыма улууһун Г.Г.Софронов аатынан Өлөөкө-Күөл орто оскуолатыгар «Куклы разных народов» диэн ааттаах быыстапка тэрилиннэ. Манна оскуолабыт кыргыттара бары ийэлэрин кытта куукулаларын омук таҥаһын тигэн кытыннардылар.
Киһи сөҕүөх курдук, араас дьэрэкээн омук таҥастаах, эгэлгэ киэргэтиилээх, бииртэн биир ураты куукулалар кэчигирээтилэр. Бэлиэтии көрдөххө, үксүн улахан кээмэйдээх куукулалары таҥыннарбыттар. Куукула баһыйар өттө саха норуотун таҥаһын симэммит. Сорохтор бэлэм куукуланы, сорохтор бэйэлэрэ оҥорбут куукулаларын таҥыннарбыттар.
Хас уоскулаҥ аайы быыстапка остуолун тула сэҥээрбит, сэргээбит харахтаах оҕолор кыргыттар да, уолаттар да, кыралар да, улахаттар да умсугуйа мусталлар. Ханнык куукула ордугун, ханнык омук таҥаһа кэрэтин, туохтан куукуланы оҥоруохха сөбүн, киэргэллэри, симэхтэри бүппэккэ ырыталлар, мөккүһэн да ылаллар.
Бу быыстапкаттан элбэх оҕо билбэтэҕин билэн, көрбөтөҕүн көрөн элбэххэ үөрэммитэ буолуо дии саныыбыт!
И. Ноговицына
Орто Халыма Өлөөкө-Күөл б.