Бар дьонум махтала, оҕо саас таптала эйиэхэ ананар, эйиэхэ, учуутал киhиэхэ!
Учуутал — хас биирдии үөрэнээччи олоҕор уhулуччу улахан суолталаах киhи буолар. Кэлэр кэнчээри ыччаты үөрэтэн-такайан, сүбэлээн-амалаан, олох киэҥ аартыгын боруогун атыллыыр маҥнайгы хардыыларбытын бэлэмниир, убаастыыр, куруутун сылаас тылларынан ахта-саныы сылдьар күндү киhибит.
Оскуолаҕа үөрэнэр уруоктартан мин омук тылын үөрэтэрбин ордук сөбүлүүбүн. Тоҕо диэтэххэ, омук тыла аныгы олоххо улахан оруолу ылар, ол иhин омуктуу саҥарар олус наадалаах дии саныыбын. Биhиги оскуолабытыгар хас биирдии учуутал бэйэтин үөрэтэр уруогун толорутук билэр, оҕолорго өйдөнөр гына быhаарар. Мин барыларын убаастыыбын, учууталларбар махтанабын.
Ол эрэн мин саамай сөбүлүүр учууталым Александра Яковлевна Горохова буолар. Кинини холобур оҥостобун, кини миэхэ омук тылын төрөөбүт тылыҥ курдук үчүгэйдик билиэххэ сөп диэн эрэли үөскэтэр. Онон мин омук тылын интэриэhиргээн үөрэтэбин.
Маша Мордовская, Боронук орто оскуолата.