Тааттатааҕы Оҕо ускуустубатын оскуолатын уруһуй салаатын үөрэнээччилэрэ уһуйааччыбыт Саргылаана Константиновна Билюкина салайааччылаах ыам ыйын 21 күнүгэр Аан дойдутааҕы түмэл күнүн Кижи арыыга көрсүбүппүт.
Манна Кижи түмэл-заповедник тэрийэр «Түмэлгэ түүн» анал бырагырааммаларын чэрчитинэн ыытыллыбыт быыстапканы, маастар-кылаастары, ааптар экскурсияларын кэрэхсии, сэргии көрдүбүт. Онега күөх далай баал арыыларын эргимтэ эгэлгэлээх кырдалыгар анаан уурбут-туппут курдук ыпсаран, 1714 сыллаахха тутуллубут, 40 сыл чөлүгэр түһэриллэн аһыллыбыт. Аҕыс иилээх-саҕалаах Аан дойдуга саамай элбэх куупаллаах, саамай үрдүк таҥара дьиэтин кэрэхсии көрдүбүт, тыҥ хатыыта саһарҕаны оҕуурдаан кустук оонньуур толбонунан буһуурҕаан хартыыналарбытын суруйдубут.
Күммүт иккис аҥарыгар Нарья хайата диэн Кижи муҥутуур чыпчаалыгар тахсан, биһиги иннибитигэр арыллыбыт киэҥ сир ийэ ача күөҕүнэн симэнэн силигилээн эрэр киэлитин киистэбитинэн умсугуйа уруһуйдаатыбыт, ойууга түһэрдибит. Арыыга тиийдэххэ, уу сүүрүгүнүү түргэнник ааһар бириэмэ нуурайбыкка дылы гынар, Виктор Васнецов хартыыналара илэ көстөн кэлэллэр. Үлүскэн байҕал баараҕай таастарыгар баалларын күүгүнэ, кэрэ айылҕатын хамсыыр харамайа, шунгитынан тэлгэммит байылыат сир өлгөм үүнээйитэ уонна баай остуоруйалаах уустаан-ураннаан тутуллубут ааспыт кэм кэрэһиттэрэ — архитектура пааматынньыктара — умнуллубат өйдөбүлү иҥэрдилэр.
Мэндээрийэр кэрэ көстүүлээх күөлү оломноон, аны улуу Санкт-Петербург Пушкин куоратын «Ыраахтааҕы сэлиэнньэтэ» Судаарыстыбаннай түмэлин, ЮНЕСКО аан дойдутааҕы нэһилиэстибэлэрин эбийиэгин Екатерина дыбарыаһын маасланан уруһуйдуурга холоннум. Бу I Екатерина, II Екатерина уонна Елизавета Петровна резидиэнсийэлэрин тутуутугар 1717 сылтан И. Браунштейн, М. Земцов, А. Квасов, С. Чевакинский, Ф.-Б. Растрелли уо.д.а.улуу архитектордар айа-тута үлэлээбиттэр. Эдэр уруһуйдьут Амелия Николаева паарка көлүйэтигэр көҥүл устар кустары, «Сайыҥҥы сад» кэрэ ыстаатыйатын, Финн тоҕойугар томтойор «Петергоф», «Нептун» фонтанын көмүс пааматынньыгын гуаһынан ойуулаата. Сара Алексеева түһэрбит ураты тыыннаах, хатыламмат дьикти түгэн суһумнаах хаартыскалара — ойдом айымньы.
Нева өрүс ханаалларынан Пётр I төрүттээбитдойдубут культурнай киинин сонургуу көрдүбүт. Русскай түмэлгэ, ону таһынан Москубаҕа Третьяковскай галереяҕа, Пушкин аатынан ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба түмэлигэр сылдьан, улуу худуоһунньуктар үлэлэрин кэрэхсээтибит, сэҥээрэн иһиттибит, элбэҕи биллибит. Ол курдук, Иван Айвазовскай, Архип Куинджи, Иван Шишкин, Алексей Саврасов, Карл Брюллов айымньыларын сөҕө көрдүбүт.
Айымньылаах айантан дойдубутугар кэлэн бэс ыйын 15 күнүгэр «Таатта» уус-уран литературнай-художественнай түмэлин хартыына галереятыгар Карелияҕа тиийэн уруһуйдаабыт үлэбит түмүгүн билиһиннэрэр быыстапкабытын тэрийбиппит, биир дойдулаахтарбыт дьүүлүгэр таһаарбыппыт, дьон-сэргэ кэрэхсии көрөн үөрүүбүт өссө үрдээбитэ, инники кынаттаабыта.
Түгэнинэн туһанан уһуйааччыбытыгар Саргылаана Константиновнаҕа олус туһалаах, дириҥ суолталаах, айымньылаах сырыыбыт иһин барҕа махталбытын тиэрдэбит! Өссө да пленэрдар буола турдуннар!
Лия МАРКОВА, 9 кылаас,
Таатта улууһун Алампа аатынан Ытык Күөл ОО
“Ситим” кулуубун эдэр кэрэспэдьиэнэ.