Кини сиргэ субуллар суһуоҕа, номоҕон дьүһүнэ, көрсүө майгыта, сэмэй бэйэтэ уран тыллаах олоҥхоҕо ойууланар кэрэ куону санатар. Кырдьык даҕаны, оҕо сааһа, идэтэ, үлэтэ – бүтүн олоҕо олоҥхону, тойугу, норуот ырыатын кытта ыкса ситимнээх.
Билсиҥ, Бүлүү эбэ үрдүгэр турар Ньурба Күндээдэтиттэн төрүттээх Олоҥхо тыйаатырын артыыската – Надежда САВВИНОВА.
Бүгүҥҥү ыалдьыппыт оҕо эрдэҕиттэн ыллыыра-туойара, үҥкүүлүүрэ. Оскуола кэнниттэн кулуупка ойоро. “Кэскил” ансаамбылга хас да сыл дьарыктаммыта (сал. Г.П. Степанова). Онон хойукка диэри куруһуоктарыгар сылдьара, сороҕор, кэнсиэр күнүгэр, букатын хойут дьиэлиирэ.
Үҥкүүгэ сылдьар кыргыттары: “Баттаххытын кырыйтарымаҥ”, – дииллэрэ. Надя суһуоҕа улам уһаан испитэ.
Тохсуска үөрэнэ сырыттаҕына, Ньурбаҕа өрөспүүбүлүкэтээҕи ыһыах ыһыллыбыта. Онно Надя уһун суһуохтаахтар куонкурустарыгар кыттыбыта. Кини эрэ оскуола оҕото этэ. “Саамай эдэр кыттааччы” анал ааты ылбыта. Оччолорго баттаҕа тобугар тиийэрэ.
Билигин ол түгэни бу баардыы өйдүүр:
– Сиргэ соһулла сылдьар, субуллар суһуохтаах кэрэ аҥаары олус сөҕө көрбүтүм. “Миэнэ эмиэ итинник уһуура буоллар”, – дии санаабытым.
Тыйаатырга оруоллара:
“Кулун Куллустуур” – абааһы кыыһа,.
“Оҕо тулаайах” – абааһы мэкчиргэтэ.
“Дьырыбына Дьырылыатта” – Сыралыма Куо.
Киинэҕэ: “Ыаллыылар” – Ковбой балта.
Бэйэбин ситэр…
– Кырдьаҕастар этэллэринэн, баттах Үөһээ дойдуну кытта ситимниир. Удьуорунан бэриллэр дииллэр да, төрүттэрбэр оннук долгуннурар суһуохтаахтары өйдөөбөппүн. Баттах дьолгун илдьэ сылдьар, сарбыйтарар аньыы дииллэрин истэбин. Онно соччо итэҕэйбэппин.
Кырдьык, сороҕор мэһэйдэтэбин. Иилистэн хаалар эбэтэр испэктээкилгэ оонньуурбар баттаҕым көстүө суохтаах түгэннэрэ баар.
Баттаҕым – мин харысхалым. Биэс-алта сыл буола-буола тэҥнэтэбин. Былырыын биэс тутуму кырыйтарбытым. Билигин хас тутум буолбутун билбэппин. Бэйэбин ситэр.
Бүрүчүөскэ оҥосторго уустук. Икки-үс буолан, көмөлөөн өрөллөр. Суунарбын соччо ыарырҕаппаппын, үөрэнэн хаалбыппын. Киһи сиэринэн суунабын. Бальзамы туттабын. Онто суох иилистэр, кыайан тарааммаппын. Төбөм ыараан хаалар.
Төрүөҕүттэн…
Надя ийэтин кырдьаҕас акушерка төрөппүт үһү. Күн сирин көрөөт да, улахан үлүгэрдик ытаабыт. Онуоха: “Ырыаһыт оҕо төрөөтө”, – дэспиттэр.
Эһэтэ кыра Надяны көтөҕө сылдьан ыллыыра. Тапталлаах сиэнин тобугар олордон эрэ туойара. Ол иһин да ырыа, тойук, оһуокай тылын ийэ кутугар иҥэринэн улааппыта. Өссө сиэркилэ иннигэр тарааҕы тутан туран, араастаан хамсана-хамсана ыллыыра.
– Эһэм Дмитрий Игнатьевич Саввинов-Ыйааһын биллэр тойуксут этэ. Киһиттэн таһыччы улахан саҥалааҕа. Ынахтарын ыҥырдаҕына, дэриэбинэ биир түгэҕиттэн анараа түгэҕэр иһиллэрэ. Ботугураан дуу, сибигинэйэн дуу кэпсэтэрин биирдэ да истибэтэҕим. Ыһыахха оһуокайдыыра. Тыла-өһө дьээбэлээх буолара.
“Дьыл кэмнэригэр уларыйыыны кэрэхсиибин. Холобур, саас айылҕа уһуктуутун, тыллыытын олус сөбүлүүбүн. Күһүн сэбирдэх саһарарын, маҥнайгы хаары”.
“Саас” диэн тылы иһиттэхпинэ, дойдум халлаан күөҕэ ньургуһунун саныыбын. Чаҕылхай күн көстөр. Үөрүөх-көтүөх, саҥаны саҕалыах санаам кэлэр”.
Кумааҕы куукула, бадараан “бэрэски”
Биэс сылы быһа аҥаардастыы ачаалаабытым. Онтон улахан быраатым төрөөн, эдьиий буолан хаалбытым. Ол курдук, убайдаахпын, икки бырааттаахпын.
Кыра сылдьан, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу кыыс этим. Улаатан истэҕим аайы улам наҕыл буолбутум. Ол эрээри, биирдэ эмит онтум киирэр, түргэтиибин.
Таһырдьа лапталаан, кумааҕы куукуланан, ыаллаах оонньоон, күн солото суох буоларбыт. Отунан-маһынан, бадараанынан ас арааһын “астыырбыт”. Дьэ, “бэрэски” бөҕөтүн “буһарарбыт”.
Кыргыттар күннэригэр хайаан да астаах кэлэрбит. Кылааспытыгар остуол тардарбыт. Онтон оонньуурбут, кыргыттарга араас куонкурустар ыытыллаллара. Төрөппүттэрбит олус кыһаллаллара. Үксүбүт ыал кыра оҕолоро этибит.
“Улахан кистэлэҥим суох. Оскуолаҕа үөрэнэр эрдэхпинэ, холбуу үүтүнэн суунарым, сымыытынан сотторум. Шампуммун сотору-сотору уларытабын. Мэлдьи бииринэн сууммаппын. 750 мл улахан иһиттээхтэри ыла сатыыбын”.
Артыыс дьоло
– Биһиги тойугу баһылыы сатыыбыт. Күн аайы туойа, ыллыы сылдьабыт. Имигэс буолуохтаахпыт. Ол иһин үлэбитигэр үҥкүүлүүбүт, фитнеһинэн дьарыктанабыт. Уһун тыыннаах буолуохтаахпыт. Матыыбы көрдүүр биир туспа үлэ. Биһигини аҕа саастаах артыыстарбыт уһуйаллар. Кинилэртэн элбэххэ үөрэнэбит.
Биир үчүгэй испэктээкили бэлэмнииргэ сыл курдук барар. Бастаан айымньыны ааҕабыт, дьоруой хайдах буолуохтааҕын ырытыһабыт, тыллар суолталарын быһаарабыт. Онтон хамсаныыга киирэбит. Күн аайы хатылыыбыт.
Көрөөччү уйадыйбыт, астыммыт буоллаҕына, ол баар – артыыс үрдүк дьоло, кыайыыта.
Айыына КСЕНОФОНТОВА.