Быйыл өрөспүүбүлүкэ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Саха сирин обкомун сэкэрэтээрэ, бочуоттаах олохтооҕо Юрий Прокопьев төрөөбүтэ 90 сыла. Балаҕан ыйын 27 күнүн былыттаах, сөрүүн сарсыардатыгар А.К. уонна Н.Г. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускайдааҕы национальнай гимназия IX “А” кылааһын үөрэнээччилэрэ (кылаас салайааччыта Е.С. Григорьева) “Үүнэр көлүөнэ” тыйаатырын кэннинээҕи сквергэ Юрий Прокопьев бюһугар дьулустулар.
Судаарыстыбаннас күнүгэр Ю.Н. Прокопьев бюһун иннигэр сибэкки ууруутун сиэригэр СӨ тас уонна норуоттар дьыалаларыгар миниистирэ Гаврил Кириллин, СӨ норуодунай депутата Сахамин Афанасьев, КПРФ Саха сиринээҕи рескомун бюротун чилиэнэ Иннокентий Романов, “Үүнэр көлүөнэ” тыйаатырын артыыстара кытыннылар. Юрий Прокопьев өрөспүүбүлүкэни салайар кэмигэр КПСС обкома алмааһы, көмүһү, чоҕу хостооһуҥҥа, электроэнергетика, тырааныспар, тыа хаһаайыстыба салааларыгар тус сыаллаах уонна ситимнээх үлэни ыыппытын бэлиэтээтилэр. Тыйаатыр артыыстара П.А.Ойуунускай, Семен Данилов айымньыларыттан иэйиилээхтик аахтылар.
Тохсус “А”-лар кэпсииллэр
Милена Винокурова:
— Аан бастаан сомоҕолоһуу дьиэ кэргэнтэн: ийэ, аҕа, убай, балыс сыһыаннарыттан саҕаланар. Онтон улаата түстэхпитинэ, оскуолаҕа кылаас иһигэр бэйэ-бэйэбит сыһыаммытыттан салҕанар. Ол аата, сомоҕолоһуу диэн кыра эрдэхтэн саҕаланар.
Биһиги өрөспүүбүлүкэбит сирин баайынан биллэр, аатырар. Аны 100 сылынан икки төгүл баай буолуо. Түргэн сырыылаах массыыналар, дьарапылааннар, көтөр, устар ааллар баар буолуохтара. Хоту улуустарга диэри тимир суол тиийиэ. Медицина сайдыа. Дьон бары сүүстэн тахса саастарыгар диэри олоруохтара дии саныыбын.
Былыр даҕаны, билигин даҕаны историяны биир киһи уларыппатаҕа. Историяны норуот оҥорор. Ол норуоту күүстээх салайааччы салайан, биир сомоҕо гынан, история уларыйар.
Эрхан Павлов:
— Сомоҕолоһуу диэн норуот бука бары биир санаалаах, эйэлээх буолуута. Хас биирдии киһи төрөөбүт сирин, ийэ дойдутун таптыахтаах. Манна биһиги дьиэбит-уоппут, чугас дьоммут, доҕотторбут бааллар. Ийэ дойдум — мин тирэҕим.
Өрөспүүбүлүкэбит аны сүүс сылынан сайдыылаах буолуо, элбэх таас дьиэлэр, суол-иис, өрүс нөҥүө муоста баар буолуо. Ону тэҥэ, элбэх сахалыы тыыннаах, саха култууратын харыстыыр сирдэр баар буолуохтара.
История уларыйарыгар хас биирдии киһи тус кылаатын киллэриэхтээх, оҥоруохтаах дии саныыбын. Элбэх киһи биир санаалаах буоллаҕына, история уларыйыан сөп.
Урсун Олесов:
— Төрөөбүт дойду туһугар түмсүүлээх, бэриниилээх буолуу — сомоҕолоһуу диэн. Сүүс сылынан өрөспүүбүлүкэбит бары өттүнэн олус сайдыа. Холобур, экология, суоллар, дьиэлэр. Сахабыт тыла кэскилэ кэҥии турдун. Историяны мин санаабар, былаастаах киһи хайдах баҕарар уларытыан сөп. Холобур, Президент “мобилизация буолар” диэбитигэр, уларыйыы бөҕө буолла.
Юлиана Тегай:
— Мин санаабар, сомоҕолоһуу диэн бары бииргэ араас омук ытыктабыллаахтык бэйэ-бэйэҕэ сыһыаннаһан, эйэлээхтик олороллоро. Оттон Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу диэн төрөөбүт сириҥ сайдарын туһугар кыһаллыы. Сүүс сылынан өрөспүүбүлүкэбит дьоно-сэргэтэ элбиэ, барыта саҥа технологиянан оҥоһуллан туруо дии саныыбын.
Историяны биир киһи уларытыан сөп. Өскөтүн кини күүстээх санаалаах уонна өйүүр, өйдүүр биир санаалаахтара элбэх буоллаҕына.
Жанна Леонтьева суруйуута, түһэриилэрэ.