Оскуолабыт тэрийэр экспедициялара “Ыллык” диэн ааттанан ыытыллаллар. Быйылгы айаммыт Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар ананна. Биһиги Николай Касьянович Стручков мотористаах, бөһүөлэктэн уу суолунан 5,5 көс тэйиччии баар, Үөттээх учаастагар баран кэллибит.
Бу сиргэ Ревком бастакы бэрэссэдээтэтэлэ Гаврил Николаевич Слепцов – Сомоҕоччой көмүллэ сытар. Киниэхэ анаан Олохтоох дьаһалта, баһылык Василий Герасимович Павлов көҕүлээһининэн бу саас өйдөбүнньүк дуоска туруоруллубута.
Нэһилиэкпититтэн сыдьааннаах өссө биир чулуу уол Иннокентий Ильич Аммосов тустарынан оҕолорбут билиһиннэрдилэр. Дакылаат аахпыт үөрэнээччилэри Арассыыйа уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, Учууталлар учууталлара Наталия Алексеевна Слепцова бэлэмнээбитэ.
Неустроев Семен, IX кылаас:
Ревком бастакы бэрэссэдээтэтэлэ.
Коммунистическай өйгө – санааҕа иитиллибит, хоодуот – хорсун санаалаах, сытыы – булугас өйдөөх, Дьааҥы үгүс ахсааннаах эдэр патриоттара бэйэлэрин ыраах хоту дойдуларыгар советскай былааһы олохтуур иһин олохторун толук ууран туран геройдуу, эрдээхтик охсуспуттара. Дьон – норуот дьолун – соргутун олохторун биэрбит кыһыл өрүөллэр сырдык кэриэстэрин советскай дьон, кинилэр биир дойдулаахтара, аныгы көлүөнэ хаһан да умнуохтара суоҕа. Итинник албан ааттаах дьоннор кэккэлэригэр ревком Гаврил Николаевич Слепцов, партийнай ячейка сэкэрэтээрэ Ксенофонт Говоров, Михаил Аммосов уонна да үгүс дьон ааттара киирсэр.
Гаврил Николаевич Слепцов 1875 сыллаахха Сартаҥ нэһилиэгэр дьадаҥы саха бааһынайын кэргэнигэр төрөөбүтэ. Кини төрөппүттэрэ хара дьайдаах ыар олоххо олорбуттара, саастарын тухары сүөһү иитиитинэн уонна булдунан дьарыктаналлара, кинилэр хара көлөһүннэрин олохтоох баайдар супту уулууллара.
Кыра оҕо эрдэҕиттэн эрэйдээх – кыһалҕалаах олоххо үөскээбит Гаврил баайдарга – тойотторго өстөһүүтэ, абарыыта – сатарыыта улам күүһүрэн испитэ. Оботтоох баайдар дьадаҥылары хайдах сирэйэ – хараҕа суох көлөһүннүүллэрин, албынныыл ларын, түөкэйдииллэрин арааран өйдүүр буолбута.Гаврил ситэн – хотон баран, Дьааҥы куоратыгар киирэн, дьаам сүүрдүүтүгэр хас да сыл үлэлээбитэ. Бу сылларга куораттааҕы бассабыыктары кытта билсибитэ, доҕордоспута, революционнай өйгө – санааҕа иитиллибитэ.Кэлин ревком буолан баран, бастаан, нэһилиэк сис баайдарын сүөһүлэрин – астарын, сирдэрин – уоттарын бэрээдэктээбитинэн барбыта Гаврил Николаевич баайдар сүөһүлэрин дьадаҥы ыалларга төбө тыыран тэҥник түҥэппитэ.
Олохтоох баайдар, кинилэр кутуруктара – сыдьааннара ревком ити ыытар үлэтин букатын сөбүлээбэт этилэр. 1923 сыллаахха революцияны утары күүстэр эмиэ төбөлөрүн өндөппүттэрэ, Дьааҥы баайдарын кытта куомуннаһан саҥа тэриллибит Сэбиэт былааһын саа – саадах күүһүнэн хам баттаабыттара.Ити кэмҥэ Өймөкөөнтөн иһэр 30 – чча киһилээх бандьыыттар этэрээттэрэ кэлэн, өмүтүннэрэн Верхоянскай куораты ылбыттара.Куораты осадалааһын саҕаламмыта. Коммунист доҕотторун толук биэрбэтэх
Г.Н.Слепцов – Сомоҕоччой бандьыыттарга бэриммэтэҕэ. Кинилэргэ утары маннык хардарбыта: “Эһиги, үрүҥнэр, өлөрүҥ. Ол эрээри, миигин өлөрбүккүтүнэн өрөгөйдүөхпүт диэн сыыһа суоттанаҕыт. Сэбиэскэй былааһы көмүскүүр дьон мин кэннибэр син – биир хаалыахтара, кинилэри барыларын кыргыаххыт суоҕа. Хата, өйдөнөн – төйдөнөн, биһиги диэки буолуҥ, оччоҕо, Сэбиэскэй былаас эһигини буруйдуо суоҕа”. Кини бу тылларын хара санаалаахтар истибэтэхтэрэ. Хаан утахтаахьар атах сыгынньахтыы таһырдьа таһааран, биир кутуу табаҕы тартарбакка, хамсатын уоптарбытынан тоҥ чигдигэ ытан түһэрбиттэрэ. Хамса уобуулаах тоҥмут коммуниһы биир дойдулаахтара, бэрт улаханнык көрдөһөн, харайбыттара. Бу сыл сааһыгар Миискэ оҕонньор сыарҕалаах атынан киирэн, коммунист өлүгүн тиэйэн таһааран, төрөөбүт – үөскээбит Үөттээҕэр (билигин Арыылаах сельсоветын сирэ) сахалыы тастаан көмпүтэ биллэр.
Гаврил Николаевич Слепцов – Сомоҕоччой кылгас, ол эрээри, чахчы чаҕылхай олоҕу олорон ааспыта, кини сырдык аата умнуллубат. Кини аатын тыыннаахтар мэлдьи кэриэстии туруохтара.
Винокуров Коля, VII кылаас:
Иннокентий Ильич Аммосов
Биһиги нэһилиэкпит Тарҕана учаастагар Илья Аммосов диэн баара үһү.Кини уола Кеша Аммосов улахан үөрэхтээх юрист гражданскай сэрии кэнниттэн Дьокуускайга баран, өр кэмҥэ адвокатынан үлэлээбитэ биллэр. Бүгүн мин уһулуччу прогрессивнай өйдөөх – санаалаах, хоту сиргэ советскай былаас олохтонуутун уонна туругурарын иһин Саха норуотун охсуһуутун биир активнай кыттыылааҕын туһунан сырдатыам. Кини 1897 сыллаахха Верхоянскай оройуонун Сартаҥ нэһилиэгэр орто бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Доруобуйата мөлтөҕүнэн кини оскуолатын бүтэрбэккэ быраҕарга күһэллибитэ. Ол эрээри, Кеша политическай сыылынайдарга чааһынай уруогу ылан, үөрэҕин дьаныардаахтык салҕаабыта. Биллиилээх революционердар Ногин уонна Адаев кини учууталлара этилэр. 1915 сыллаахха Казаннааҕы университет юридическай факультетыгар үөрэнэ киирбитэ. Кини онно рабочай кылаас, прогрессивнай кэмнэр ыраахтааҕыны утары революционнай охсуһууларын өссө дириҥник билбитэ. 1917 сыллаахха доруобуйата мөлтөөн, үөрэҕин тохтотон, төрөөбүт нэһилиэгэр төннөргө күһэллибитэ. Сиппит – хоппут, политическай өттүнэн үүммүт буолан, кини онно тута активнай общественнай олоххо төбөтүн оройунан түспүтэ. Сотору советскай былаас иһин биир туруулаһар охсуһааччы быһыытынан КОБ атын активнай чилиэннэрин кытта бииргэ хаайыллыбыта уонна Дьокуускайдааҕы түрмэҕэ утаарыллыбыта. 1919 сыл муус устарга Верхоянскай куоракка төннөн кэлэн коммунист М.Л.Новгородов тэрийбит кистэлэҥ куруһуогун үлэтигэр саамай актыыбынай кыттыыны ылбыта. 1919 сыл ахсынньыга кистэлэҥ куруһуок биир түмсүүтүн кэмигэр киниэхэ Верхоянскай куорат оборонатыгар бэлэм буоларга, Верхоянскайга Колчак сэриилэрэ кэлбэттэрин туһугар Верхоянскай уонна Якутскай икки ардынааҕы сибээһи быһарга сорудах бэриллибитэ. Аммосов сонно тута төрөөбүт Сартаҥын нэһилиэгэр эппиэттээх сорудаҕы толорууга барбыта. Кини дьоҥҥо – сэргэҕэ Колчак режимин ис дьиҥин саралыыра, Советскай былаас иһин агитацияны ыытара.1923 сыллаахха Верхоянскай куораты генерал Пепеляев үрүҥ бандьыыттара биэс ыйдаах осадалааһыннарын кэмигэр Кеша Аммосов гарнизон национальнай чааһын начальнигын поһун толорон туран, Верхоянскай активнай оборонатын тэрийбитэ. Гражданскай сэрии түмүктэммитин кэннэ Иннокентий Ильич Верхоянскай оройуонугар народнай суудьуйанан үлэлээбитэ. 1927 сылтан 1937 сылга диэри САССР кылаабынай суудьуйатын иһинээҕи адвокаттар коллегияларыгар үлэлии сылдьан, билиилээҕин – көрүүлэҕин, принципиальнайын көрдөрбүтэ. Иннокентий Ильич Уһук Хотугу сир народностарын биир общественнай, государственнай деятель быһыытынан Советтар Бүтүн Саха сиринээҕи II, III, IV сийиэстэригэр делегатынан талыллыбыта. СКСК чилиэнинэн буола сылдьыбыта.
Уолаттар ылыннарыылаахтык билиилэрин үллэстэн сэҥээриини ыллылар. Биһигини Үөттээх хаһаайыннаара Татьяна, Василий Слепцовтар үөрэ-көтө көрүстүлэр. Толору астаах остуоллара минньигэс аһынан угуйда. Остуол тура олорон бары ирэ-хоро кэпсэттибит, сонун үллэһиннибит. 82 саастаах, 6 оҕо ийэтэ, 16 сиэн (Коля Винокуров кини сиэнэ) уонна уонча хос сиэн эбээлэрэ Елена Христофоровна Слепцова “Жданов” аатынан колхоз туһунан кэпсээтэ. Колхозтааһын бу Үөттээх сиригэр тэриллэ сылдьыбытын элбэх улахан иэннээх хотон өтөхтөрө уонна самнархай туруктаах билигин да турар оннулара туоһулууллар.
Кэлбит сыалбытын толору ситиһээри Үөттээх сириттэн почва ылан кэллибит. Бу почваларын оҕолор быйыл оскуолабытыгар биология, химия, физика предметтарын дириҥник чиҥэтэн үөрэтэр гына арыллыбыт “Точка роста” экологияҕа сыһыаннаах датчигынан почва быйаҥа – почва үүнүүнү биэрэр дьоҕурун, сиигин чинчийиэхтэрэ.
Ити курдук биир күммүтүн туһалаахтык атаардыбыт. Сымнаҕастык айаннаппытыгар Н.К. Стручковка, наһаа истиҥник үөрэ көрсүбүт Үөттээх дьонугар махталбытын этэбит. Доруобай-чэгиэн буолуҥ!
Розалия Слепцова, география учуутала.
Арыылаах агро хайысхалаах оскуолата,
Дьааҥы