Саҥа үөрэх дьыла Е. А. Шишигин аатынан Сатаҕай орто оскуолатыгар сүрдээх сэргэхтик саҕаламмытын сырдатыам. “Дьөһөгөй» кулууп уолаттара буолан үөһэ үрэх баһыгар тахсан биир хонукка балыктаан, оонньоон кэлбиппит.
Тахсыахпыт иннинэ хас да күннээх ардах бөҕө түһэн, сахалыы өс хоһоонугар олоҕуран эттэххэ, «уйабытыгар уу киирбитэ». Бултуу тахсар баҕаттан уолаттар санаабытын түһэрбэтибит. Суола куһаҕан буолан синтай тыраахтарынан тахсабыт диэн эрдэ быһаарыммыппыт. Оскуолабыт суоппара — Дьөһөгөй кулууп выпускнига Яковлев Афоня. Аппуонньабыт куоракка үөрэнэ . сырыттаҕына, бултуу-алтыы, сирбитин-уоппутун үөрэтэ тахсыахтаахпыт диэн эппиппитигэр, уолбут үөрэхпиттэн көҥүллэтэн, бырааттарбын таһаартыам диэн тута сөбүлэспитэ. Биһиги үөрүү бөҕө.Суолбут куһаҕан буолан, уолбут киэһэ хойутуу баҕайы кэллэ. Күһүҥҥү ыйданалаах киэһэ айаммытыгар туруннубут.
Айаннаан иһэн «улахан булчуттар» курдук сананныбыт. Таала диэн сискэ 3-4 батыллынныбыт. Бу сискэ улахан Беларусь кытта батыллар сиһэ. «Норуот күүһэ, көмүөл күүһэ» диэн бары биир санаанан тыраахтарбытын хостоон таһааран иһэбит. «Бэкинэ» диэн күөллээх алааспытыгар кэллибит. Үүтээнэ учугэйиэн. Барыта тып-тап курдук. Оттук мастарын учугэй баҕыйытык аттаран кыһыҥҥы уонна сайыҥҥы диэн наардаан- бэлиэтээн профлиһынан бүрүйэллэр эбит.
Дьэ, кэлээт оһохпутун отто охсон, сирбитин уоппутун аһатан, чээйдээн баран, күөл үрдүгэр баар томторго таҕыстыбыт. Күөлү үрдүттэн көрөн олорорго скамейка оҥорбуттар. Онно тахсан былыргы уһуйээннэри кэпсэттибит.Сарсыарда уһуктаат Филиппов Рустам, Дордосов Демид 11 кылаас үөрэнээччилэрэ, кутааҕа чэй оргуйуор дылы илимнэрин, оҥочолорун бэлэмнии, илимнэрин үтэ таҕыстылар. Кулуупка сылдьыһар убайдарбыт биһигини куруук элбэххэ үөрэтэллэр-такайаллар.
Эбиэттээн баран илиммитин көрө охсон «Аранас» диэн алааска туруннубут. Бу алааска үлэ геройа Тимофей Спиридонович Лукин үлэлээн ааспыт. Манна үлэ геройа буолбут мэдээлин туттараары Москваттан кэлэр дьоҥҥо анаан массыынанан таҕыстыннар диэн урут просека кэрдибиттэрэ үһү. Маны таһынан, былыргы мельница, былыргы балаҕаннар, ампаардар бааллар.
Урукку дьон олус мындырдарыттан сөҕөн кэллибит. Салгыы сылгыһыттар базаларыгар «Успурдуон Булгунньаҕар» айаннаатыбыт. Бу базаҕа саас, күһүн, кыһын сылгы аһаталлар уонна сайыҥҥы кэмҥэ оттууллар.
Күһүҥҥү айан туспа кэрэ көстүү. Кыра салгыннаах буолан суолбут сүрдээҕин куурбут этэ. «Күһүҥҥү киһи сылбаммытынан» дииллэрин курдук. тиийээт Бэкинэбит күндүлээбит соботун хатырыктыы, кутаа отто охсон, мииннээн тото-хана, үөрэ-көтө отчуттарбытын күндүлээтибит.
Онтон Лукин Т. С. төрөөбүт «Дьабака» диэн алааһын, өтөҕүн, сиэнэ Лукин Степан Степанович (эһэтин утумнаан тыа хаьаайстыбатын үлэһитэ) сирдээн, көрдөрөн, «Дьоруой Луукун» туһунан кэпсээбитэ. Онтон төттөрү дэриэбинэбитигэр туруннубут.
Бу курдук, сирбитин-уоппутун көрөн-истэн, илимнээн, айылҕалыын алтыһан этэҥҥэ дьиэбитигэр кэлбиппит. Маннык сырыы хас биирдии уол оҕоҕо олус туһалаах.
Түгэнинэн туһанан, Аппуонньабытыгар ону тэнэ Рустаамнаах, Демидка кулууп уолаттарын аатыттан, тус бэйэм ааппыттан уонна төрөппүттэрбит ааттарыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит. Баҕарабыт үөрэххитигэр ситиһиилэри уонна дьин саха саарыннара буола улаатыҥ!
Александр Пахомов,
X кылаас,
Е. А. Шишигин аатынан Сатаҕай орто оскуолата,
Амма.