Сахабыт сирин айылҕата төһөтүн да кэрэ! Айылҕаҕа оҕо-аймах сынньанара, сүүрэрэ-көтөрө уонна саҥа дьоҕурга үөрэнэрэ саамай сөп. Ол курдук, Буотама өрүс тамаҕар «Сээркээн Сэһэн» диэн оҕолорго научнай-образовательнай киин тэриллиэхтээх. «Сээркээн Сэһэн» туһунан keskil14.ru суруналыыһа Аан айылгы «Элиэнэ туруук Хайалара» директорын солбуйааччытын Виктор Петрович Ноговицынныын кэпсэттэ.
– Саха Сиригэр Аан Дойдуга биллэр лидердэри бэлэмниир таһым спорт эйгэтигэр эрэ баар. Атын эйгэҕэ: предпринимательство буоллун, тутуу, оҥорон таһаарыы, оҕону иитии, үөрэх, экология, сынньаныы – ким даҕаны итинник үрдүк таһымҥа тахса илик. Малая академия наук диэн оҕолору кытта үлэлиир тэрилтэ бу 20-чэ сыл иһигэр икки эрэ оҕону Россия сүүмэрдэммит хамаандатыгар кандидатынан киллэрэ сырытта. Бүрээттэр биһигиннээҕэр үчүгэйдик үлэлииллэрин Россия үөрэххэ академиятын институттарын салайааччыта этэн турар. Бу боппуруоуһу Михаил Ефимович Николаев мин ыччат министринэн үлэлии сырыттахпына хаста да этэн турар. Ону «Солнечный городок» для детей диир этэ. Ол саҕана мин эдэрбэр оҕустаран уонна 4 хайысхаҕа үлэлиир буолан, түбүгүрэн өйдөөбөтөхпүн. Сааһыраммын, «хартленд» диэн күөнтэһии транснациональнай хампаанньалара Сибииртэн бэттэх 50 мөлүйүөн сатабыллаах дьону аҕалан үлэлэтиэ диэн Лондон клуба ааспыт үйэ 70 сылларыттан суруйарын аа5аммын, Россия үөрэҕин сокуона киһи олорор эйгэтиттэн тутуллан сайдарын хааччахтыырын, хас биирдии омук өйө-санаата төрүттэрин гиэннэриттэн тутулларын билэн, Аан дойду чулуу дьонун кинигэлэрин ааҕан, дьон олоҕо дьаһаҕа улаханнык уларыйаары турарын өйдөөммүн, үөрэхпит рейтинэ намыһаҕын ырытан билэн Михаил Ефимович кэлэр кэми сөпкө ыраҥалаан үөрэх таһымын үрдэтэри эппит эбит.
Элиэнэ очуостара сайдар суолларын суруйдубут. Онно «Сээркээн Сэһэн» диэн ити этиллибит кыһалҕалары туоруур кыахтаах дьону бэлэмниир киин үлэлиэхтээх. Биһиги билиҥҥи кэпсэтиибитинэн Үүнэр көлүөнэлэр фондалара ити санааны үбүлээн өйүөх буолбута. Ол гынан баран бырайыак суруга-бичигэ саҥа бүттэ. Кинигэ курдук таһаарыахпыт, ону научнай-техническай совет сөпсөстөҕүнэ Россия Айылҕатын харыстабылын научнай отделыттан көҥүл ылан бэйэбит правительствобытыгар киллэрэн бигэргэтэн, программа оҥотторон үлэлиэ этибит диэн баҕалаахпыт. Онон туох барыта былаастан, үбүлэнииттэн тутуллар.
«Сээркээн Сэһэн» эбии үөрэх чэрчитинэн оҕо айылҕаттан анаммыт дьоҕурун билэн, үөрэх дьыла бүтээтин кытта сайыҥҥы лааҕыр курдук үлэлиэхтээх. Күһүн, кыһын, саас ол лааҕырга сылдьыбыт оҕолору кытта эмиэ эбии үөрэх курдук үлэлэһиэхтээхпит. Тоҕо диэтэххэ дьоҕурдаах дьон ахсаана элбээн ханнык баҕарар идэ эйгэтигэр күөнтэһии күүһүрэр. Ол күөнтэһиини оҕо олох эрдэттэн талан ылбыт идэтинэн 10 000 чаас хас күн аайы дьарыканнаҕына эрэ Аан дойду таһымын кыайар идэлээх киһи буолар кыахтанар. Ону кыайбатаҕына үлэтэ суох хаалар.
Мин санаатын ууран туран үлэлиир учууталлары кытта элбэхтик кэпсэппитим. Хайа баҕарар омук өйө-санаата төрүттэриттэн үөскээн аҕатын хаанынан тарҕанан мэйиини таҥар, өлүөххэр диэри хааныҥ өйгүн салайар. Ол иһин былыр былыргаттан саха кыыһа атын омукка эргэ барбат эбит. Билигин уолаттарбыт, кыргыттарбыт тымныыттан куоппута буолан атын дойдуга көһүүлэрэ элбэх. Бу оҕолор маргинал буолан атын омугу үтүктэн олорор турукка киирэллэр. Ол төрүөтэ итэҕэлбит үс үйэттэн ордук кэмҥэ бобуллубутугар сытар. Онон билиҥҥи оҕолорбутугар саха төрүт үгэстэрин иҥэриэхтээхпит, киһилии киһи таһымын ылалларын туһугар. «Боже, помилуй раба твоего» диэн бэйэбитин о5о эрдэхпититтэн буруйдана сатыы сылдьарбыт сүрбүтүн мөлтөтөн сэнэниигэ, араас куһаҕан дьаллыкка, арыгылааһыҥҥа тиэрдэрин өйдүөх кэриҥнээхпит. Ыал бэйэтэ үгэстээх буоллаҕына, оҕолор ол үгэскэ үөрэннэхтэринэ – киһилии киһи буолаллар. Оттон ыал үгэһи тутуспат буоллаҕына – оҕолор ыһыллан хаалаллар. Ол иһин саха үгэһин, итэҕэлил тилиннэрэн үүнэр көлүөнэҕэ иҥэриэх кэм кэллэ.
Өктөбүрүөнэк, пионер, комсомол идеология кулуттара этилэр. Атын эйгэ үөскээтин кытта сүппүттэрэ, дьон-сэргэ кинилэргэ наадыйбат буолан. Биһиги итилэри саха төрүт үгэстэрин тилиннэрэргэ, эти-сиини, куту-сүрү, өйү-санааны чэбдигирдэргэ, үөрэҕинэн бэйэни сайыннарарга диэн концепция суруйан, ыччат конгреһыгар бигэргэтэн, правительствонан ыччакка анаан программа оҥотторон үлэлэппиппит. Ол саҕана хомуньуустар син биир олордохторо дии, инньэ гынан барыта биһиги санаабытынан буолбатаҕа буолан баран син маарыннаттахтара дии. Сөптөөх үөрэҕи мин бастаан Финляндияҕа сылдьан билбитим. Ол үөрэх – «Универсальное образование» диэн. Кинилэр педагогическай принциптара: үөрэнээччи бэйэтэ кинигэттэн ааҕан, интернеттан булан үлэлээбитин учуутал бэрэбиэркэлээн чиҥэтэр. Киһи бэйэтин бэйэтэ сайыннарарыгар олоҕурдаҕына уонна ону ситиһэ сатаатаҕына – олоххо сыһыана тосту уларыйар. Хас биирдии оҕо айылҕаттар дьоҕурдаах, ол дьоҕурун сайыннара сатыахха наада. Болонскай соглашение үөрэҕэ – «Неформальное образование», мин санаабар, мэлдьи сөптөөх үөрэх. Биһиги ону төһө кыалларынан киллэрэ сатыахпыт этэ.
Элиэнэ очуостара парка Арассыыйа научнай академиятын кытта илии баттаспыта, кинилэр биһиэхэ туризмы сайыннарарга көмөлөһүөхтээхтэр. Ол төрүөтэ 450 мүллүйүөн сыл анараа өттүгэр олорбут уҥуохтаах харамайдар. Соторутааҕыта биһиэхэ академик Алексей Юрьевич Розанов, Сергей Владимирович Рожнов диэн академиктар кэлэ сылдьыбыттара. Ой мырааҥҥа, Еланкаҕа академиктар «Эллэйада» оҕолорун кытта трилобит бөҕөтүн буллулар. Академиктар Дьокуускай куоракка уонна Ой мыраан диэн Үөдэй сиригэр аһаҕас халлааннаах түмэл арыйарга тыл эттилэр, Айсен Сергеевичтыын көрсөн кэпсэппиттэрэ. Түмэл арылыннаҕына биһиэхэ олус кэскиллээх үлэ саҕаланара буолуо.
Аны Дириҥ Үрэххэ биһиги академикпыт Юрий Мочанов таас, сүгэ, биилээҕи булбута. Олору быһаарыахтаахпыт. Американецтар быһаарыыларынан 370 тыһыынча сыл анараа өттүгэр оҥоһуллубуттар. Ону быһааран баран хотугу дьон дбиэлэрин эволюциятын оҥоруохтаахпыт. Наукаҕа, оҕо үөрэҕэриитигэр 300 тыһыынча сыл анараа өттүгэр Саха Сиригэр дьон олоро сылдьыбыта улахан уруоллаах. Ол хайысхатынан «Сээркээн Сэһэн» үлэлихтээх. Буотама төрдүттэн сүүрбэттэн тахса маршрут оҥоруохтаахпыт.
Элиэнэ туруук Хайаларын тула археологтар булууларынан, аҥардас мин ааҕыыбынан 13 былыргы үйэтинээҕи дьон олорбут культуралара бааллар. Үүнэр көлүөнэлэри үөрэтэргэ биһиги дойдубут баай! Олоххо эрэ киллэриэххэ наада! Оскуолаларга, оҕолорго тиэрдиэххэ наада! Биһиэхэ билигин Кембрийи үөрэтэр специалиспыт да суох. Академиктар кэлэ сылдьан кэпсээннэр- ипсээннэр ХИФУ айылҕа үөрэҕин факультетын устудьуона Аркадий Эверстов кембрий специалиһа буолар кыахтаах эбиппин диэн быһаарынна. Бу университет үлэһиттэрин ситиһиилэрэ. Онон, сотору кэминэн, Саха Сиригэр сиргэ олох хайдах төрүттэммитин, үөскээбитин үөрэтэр дьон үүнүөхтэрэ диэн эрэнэ саныыбыт!
Виктория Тарабукина