3 «а» кылаас оҕолоро ааспыт үөрэх дьылыгар “Чуораанчыктыын бииргэ” диэн бырайыак ылынан ситиһиилээхтик үлэлээбиттэрэ. Оҕо-аймах сөбүлээн ааҕар сурунаалыгар “Чуораанчыкка” кылааһынан суруйтаран элбэҕи билбиттэрэ, көрбүттэрэ, үлэ оҥорон бэчээттэммиттэрэ.
Бу бырайыак сүрүн сыала – айар дьоҕуру сайыннарыы. Кыайыыны уһансыбыт эһэлэригэр, аймахтарыгар, оччотоогу кэм көлүөнэтигэр анаан истиҥ тыллардаах “Кыайыыны уһансыбыт дьоммутугар” диэн хоһоон айбыттара. Бу хоһоону сурунаал үлэһиттэрэ анал видеоҕа устан, сурунаалга таһаарбыттара (5-с нүөмэр, 2022 сыл). “Кэскил” хаһыакка бэйэлэрин сөбүлүүр кыылларын туһунан суруйан сыалай биир балаһаҕа бэчээттэммиттэрэ.
Бырайыак чэрчитинэн, Дьокуускай куорат биир сүрүн аныгылыы хабааннаах библиотекатыгар, SMART-библиотекаҕа сылдьыбыттара, элбэҕи билбиттэрэ-көрбүттэрэ. Ону таҺынан, саха культуратын билэр сыалтан, Е. Ярославскай аатынан кыраайы үөрэтэр музейга ыалдьыттаабыттара, гид кэпсээнин сэһэргии истибиттэрэ, араас историческай экспонаттары харахтарынан илэ көрөн астыммыттара. Интэриэһиргээбит, билиэхтэрин баҕарар боппуруостарыгар чинчийэр үлэ ыытан саҕалаабыттара.
Оҕолор бэйэлэрэ остуоруйа айан, суруйан, саҥардан, республикаҕа ыытыллыбыт күрэххэ II-с бочуоттаах миэстэни ылан, дипломунан уонна 10000 суумалаах бириэмийэнэн наҕараадаламмыттара. Оҕолор бу үлэлэригэр быйыл уруһуй оҥорон, электроннай кинигэ оҥорор былааннаахтар.
Бүгүн 3 «а» кылаас оҕолоругар, “Ааҕыы абылаҥа” дьарыкка, Чуораанчык сурунаал үлэһитэ Ньургуйаана Захарова кэлэн ыалдьыттаан, үөрэн-көтөн барда. Чуораанчык уол эдьиийэ диэн оҕолор таптаан ааттаатылар. Сэһэргэстилэр, тугу билбиттэрин, сатыыр буолбуттарын, баҕа санааларын эттилэр, суруйдулар. Чуораанчык уол доҕотторугар минньигэс кэһии ыыппытын туттулар. Ону таһынан, Ньургуйаана оҕолорго сабыс саҥа сурунаал, дьэрэкээн ойуулаах сахалыы хартыына, уруһуйдуур ойуу бэлэх уунна. Оҕолор махтаннылар, салҕыы «Чуораанчыгы» кытта ситимнээхтик үлэлииргэ бэлэмнэр.
Н.П.Федорова, кылаас салайааччыта,
М.А.Санникова, педагог-библиотекарь.