«Ааҕар Саха сирэ» көҥүл түмсүү, Олоҥхо тыйаатыра, Олоҥхо Ассоциацията «Оҕо айымньыта» диэн оҕоҕо аналлаах сахалыы уус-уран кэпсээн (фэнтези-омуннаах кэпсээн, мүччүргэннээх кэпсээн) күрэҕин биллэрэр. Биһиги күрэх туһунан сиһилии билээри, кини тэрийээччитин, филологическай наука кандидатын Кириллина Мария Афанасьевнаны кытары кэпсэттибит.
— Мария Афанасьевна, «Оҕо айымньыта» күрэх аан бастакытын ыытыллар дуо? Сыала-соруга тугуй?
— Оҕо айымньытын күрэҕэ урукку сылларга ыытыллар этэ. Ол эрэн чопчу фэнтези уонна мүччүргэннээх кэпсээн көрүҥэр ыытылла илик буолуохтаах. Күрэх ыытыллар сыала, бастатан туран, сахалыы ааҕыы култууратын үрдэтии, оҕо сахалыы уус-уран айымньыны ааҕар сатабылын сайыннарыы, төрөөбүт тылга умсулҕаны уһугуннарыы; иккиһинэн, сахалыы үрдүк уус-уран таһымнаах айымньы сурулларыгар көдьүүс буолуу, суруйар идэлээх дьону көҕүлээн, айар эйгэҕэ саҥа ааттары арыйыы. Бу күрэххэ саҥа суруйан эрэр ааптардар, идэтийбит суруйааччылар кыттыахтарын сөп. Оҕо айымньыта диэн оҕоҕо анаан суруллубут айымньы буолар, ол эрэн ааптар оҕо да буолуон сөп. Күрэх түмүгүнэн, аныгы оҕо биһирээн ааҕар үчүгэй таһымнаах сахалыы уус-уран айымньыта суруллуо диэн эрэнэбит.
— Билигин оҕо ааҕар дуо? Бу тыын боппуруоска туох диэн санаалааххыт?
— ХХI үйэ оҕото кинигэттэн, ааҕыы эйгэтиттэн ыраах курдук эрээри, ис иһигэр киирдэххэ, билиэн-көрүөн баҕата, айар дьоҕура олус күүстээх. Ону төрөппүттэр, учууталлар өйөөн, сөптөөх усулуобуйа тэрийэн, сайыннарыах эрэ тустаахпыт. Бу улахан кыһалҕаны оҕоҕо салайан, оҕо аахпат буолла диэбэккэ, төрөппүт аахпат, оҕотун аахтарбат диэххэ сөп буолуо. Оҕо сахалыы ааҕыахтааҕар, сахалыы саҥарара, кэпсэтэрэ улахан кыһалҕа буолла. Кинигэни, уус уран айымньыны ааҕыы – бу оҕолорбутун гаджет содулуттан быыһыыр суол, ньыма диэн төрөппүт (ийэ, аҕа, эбэ, эһэ) өйдүөх тустаах.
— Оччотугар оҕоҕо ааҕыы эйгэтин хайдах сыһыарабыт?
— Төрөппүттэр сүрүн сорукпут – ХХI үйэ ааҕааччытын иитии, дьиэ кэргэҥҥэ ааҕыы үгэһин тэрийии, уус уран литература, кинигэ суолтатын (престиж) үрдэтии буолар. Ол туһугар араас тэрээһини ыытыахха сөп: “Ааҕар ийэ – ааҕар оҕо” бырайыак, ыал библиотекатын тэрийии, ыалынан, тэрилтэнэн күргүөмүнэн ааҕыы, айымньы тула сэһэргэһии, ырытыы.
— Күрэххэ тоҕо чуолаан фэнтези жанрын таллыгыт?
— Аныгы тэтимнээх үйэҕэ билиҥҥи оҕо умсугуйан ааҕарыгар, ылынарыгар, «Гарри Поттер», «Властелин колец» курдук, фэнтези-омуннаах кэпсээн уонна мүччүргэннээх кэпсээн ордук барсар диэн тэрийээччилэр сүбэлэһэн, биир санаанан быһаардыбыт. Фэнтези-омуннаах кэпсээн хайа эрэ өттүнэн олоҥхо сюжетыгар, истиилигэр чугас буолан, инникитин оҕо олоҥхону ааҕарыгар, ылынарыгар көмөлөөх буолуон сөп. Сахалыы тылынан суруллубут оҕону умсугутар сонун сюжеттаах, кэлин ойуулук, киинэ буолуон сөптөөх саҥа айымньы айыллан тахсарын күүтэбит!
— Сахалыы суруйар дьоҕурдаах оҕолор эмиэ бааллар, кинилэри кытары биһиги эмиэ үлэлиибит, эһиги санааҕытыгар оҕо суруйар талаана хас сааһыттан арылларый?
— Суруйааччы уратыта диэн олоҕу уобарастаан көрөр сатабылын уус-уран тыл көмөтүнэн дьүһүйүү буолар. Мин санаабар, суруйар талааннаах оҕо ааҕа, суруйа илигиттэн көрбүтүн, истибитин өйүгэр хатаан, дууһатыгар иҥэрэн, ураты уобарастаах толкуйдаах улаатар. Чопчу бачча сааһыттан суруйар талаана арыллар диэн этэр уустук. Хас биирдии оҕо, киһи сайдар, арыллар кэмэ, туруга тус-туһунан, хатыламмат уратылаах.
— Билигин үйэ сайдан оҕо сахалыы саҥарбат буолла диибит, уус-уран саха тыла сүтэн эрэр, бу тирээбит кыһалҕаҕа эһиги туох этиилээххит?
— Бу кыһалҕа төрөппүттэн, ыалтан быһаччы тутулуктаах. Оҕону төрөөбүт тылынан төрөппүт саҥардыбат, ииппэт диэхпитин сөп. Аныгы төрөппүт ийэ тылынан көҥүл саҥарар, оҕотун иитэр кыаҕын, быраабын толору туһаммат. Манна уһуйаан, оскуола, общественнай түмсүүлэр, тыл активистарын өттүттэн төрөппүтү өйдөтөр, үөрэтэр үлэ күүскэ барыахтаах. Саха омук буолар уратыбытын – ийэ тылбытын – оҕолорбутугар, ыччаппытыгар чөл туруктаах тиэрдэр, салгыы сайыннарар норуоппут иннигэр ытык иэспит буолар.
— «Оҕо айымньыта» күрэх кыайыылаахтарыгар үчүгэй бириистэр турбуттар эбит, ол туһунан.
— Бастыҥнар туоһу сурук уонна харчынан биһирэбил тутуохтара. Фэнтези-омуннаах кэпсээн: I чыпчаал – 50 тыһ. солк., II чыпчаал – 30 тыһ. солк., III чыпчаал – 20 тыһ. солк. Мүччүргэннээх кэпсээн: I чыпчаал – 50 тыһ. солк., II чыпчаал – 30 тыһ. солк., III чыпчаал – 20 тыһ. солк. Күрэх бирииһин Олоҥхо Ассоциацията үбүлээн, тэрээһиммитин улаханнык өйөөтө. Түгэнинэн туһанан, Февронья Васильевна Шишигинаҕа барҕа махталбытын тиэрдэбит!
— Мария Афанасьевна, күрэх усулуобуйата хайдаҕый?
— Күрэх ирдэбиллэрэ: фэнтези-омуннаах кэпсээн эбэтэр мүччүргэннээх кэпсээн көрүҥ (жанр) киэбинэн суруллубут, орто (10-15 с.) уонна улахан (16-17 с.) саастаах аныгы үйэ оҕото ааҕарыгар табыгастаах тылынан суруллубут буолуохтаах. Үлэ көмпүүтэргэ А4 кээмэйгэ 12-лээх сириибинэн 1,5 арыттаах бэлэмнэнэр. Сахалыы сурук үгэһин тутуһуу, сахалыы бичиги туттуу булгуччулаах. Биир көрүҥҥэ биир эрэ айымньынан кыттар көҥүллэнэр. Айымньы эрдэ бэчээттэммэтэх, атын күрэххэ кыттыбатах буолуохтаах. Айымньыны 2022 сыл ахсынньы 1 күнүгэр диэри litkonkurs2022@mail.ru аадырыска ыытаргытын күүтэбит.
— Кэпсэтиибит иһин махтанабыт. Ситиһиилэри! Ааҕар ыччат үксүү турдун!
— Махтал. Айар куттаах, суруйар дьоҕурдаах ааптардар, суруйааччылар, «Оҕо айымньыта» күрэххэ көхтөөхтүк кыттаргытыгар ыҥырабыт!
Кэпсэттэ Анна СЛЕПЦОВА.