Биһиги тэрилтэбит Ольга Петровна Иванова – Сидоркевич аатынан Амматааҕы айар сайдыы киинэ балаҕан ыйын 12 күнүгэр төрүттэммитэ 50 сыла буолла. Амма оройуонугар биир бастакынан тэриллибит эбии үөрэхтээһин тэрилтэтэ буолар.
Ол курдук 1972-1973 үөрэх дьылыгар «Дом пионеров и школьников» диэн ааттанан тэриллибитэ, кэпсэтии сиэринэн кылгатыллан «Пионер дьиэтэ» диэн олоххо киирбитэ. Бастакы директорынан Евдокия Иннокентьевна Тимофеева анаммыта. Кини обкомол сорудаҕынан Минпростан направление ылан Аммаҕа Пионер дьиэтин үлэтин тэрийэр сыаллаах-соруктаах кэлбитэ. Кини пионер дьиэтин айымньылаах үлэтигэр олук уурбута, оҕолорго оҕо саастарын дьоллоохтук, туһалаахтык атааралларыгар саҥа суолу тэлбитэ.
Евдокия Иннокентьевна кэнниттэн дириэктэринэн үлэлээбиттэрэ Раиса Александровна Окоемова, Екатерина Николаевна Сидорова, Анастасия Николаевна Бокойорова, Зоя Павловна Моякунова, Галина Афанасьевна Бочугурова.
1974 сылга тэрилтэ урукку үүт куукунатын дьиэтигэр бэйэтэ бас билэр муннуктанан оҕолору куруһуокка дьарыктыыр кыахтаммыта. Бастакы куруһуоктар арыллан үлэлээбиттэрэ. Оҕолор саахымат уонна дуобат, фотокружокка, радиотехника, үҥкүү, ырыа, хомус, хор, уус -уран ааҕыы о.д.а. куруһуоктарга дьарыктаммыттара.
Тэрилтэ оҕолору үс сүрүн хайысханан дьарыктаан саҕалаабыта: спорт, техника уонна кэрэ эйгэтэ.
1980 сыллаахха оройуоннааҕы үөрэҕирии отделын бирикээһинэн Амматааҕы Пионер дьиэтин саҥа директэринэн Ольга Петровна Иванова – Сидоркевич ананыаҕыттан үлэ хайысхата элбиир, нэһилиэктэр оскуолаларын базаларыгар араас хайысхалаах куруһуоктар арыллан, үлэлээн бараллар. Хабыллар оҕо ахсаана сылтан сыл аайы эбиллэн иһэр. Үлэни түмүктүүр, көрдөрөр тэрээһиннэр эмиэ элбииллэр, саҥа ис хоһооннох тэрээһиннэр ыытыллаллар, методическай үлэ күүһүрэр. Материальнай-техническэй базата уларыйар, тупсан байытыллар.
1995 сыллаахха Пионердар дьиэлэрэ ааппыт уларыйан, Оҕо айымньытын дьиэтэ буолбута. 2007 сыллаахха Вячеслав Анатольевич Штыров дьаһалынан Ольга Петровна аата иҥэриллибитэ. Онтон кэм кэрдии уларыйан, 2017 сыллаахтан «Центр творческого развития» буолбуппут. Билигин тэрилтэбит улуус 12 оскуолаларыгар филиаллардаахпыт, 5 хайысханан 50 куруһуок үлэлиир. Маны таһынан «Амма кэскилэ» оҕо общественнай түмсүүлэрин уонна тэрилтэлэрин холбоһуга 1992 сылтан тэриллэн, күн бүгүн бэрт таһаарыылаахтык Зоя Пахомова салалтатынан үлэлии олорор.
Билиҥҥи кэмҥэ директорынан Иванна Ивановна Шестакова 2013 сылтан ананан үлэлии сылдьар. Тэрилтэбит эбии үөрэхтээһиҥҥэ улууска тутаах тэрилтэ буолар. Үбүлүөйдээх сылга тэрилтэбит кэккэ ситиһиилэрдээх. Ол курдук «Амма кэскилэ» оҕо общественнай түмсүүтүн нөҥүө быйыл тохсунньу ыйга Российскай Федерация Президенин гранын «Дьөһөгөй — сылгыны таптааччылар кулууптара» бырайыагынан ыллыбыт. Манна уол оҕону үлэнэн иитии диэн сыаллаах тэрээһиннэр бара тураллар. Ол курдук уолаттары сылгы иитиитигэр чугаһатыы, күрүө тутуутугар, от үлэтигэр сырыттылар.
Ону таһынан «Аmgarun» бырайыагынан Саха республикатын Ил Дарханын гранын кыайыылааҕа буолан Аммаҕа оҕолорго бастакынан экологическай сүүрүү тэрилиннэ. Онно «Добрые крышечки» пластик хаппахтары туттардылар. Амма Солобуодата тэриллибитэ 370 сылыгар, О. П. Иванова – Сидоркевич 90 сааһыгар, тэрилтэбит 50 сылыгар О. П Иванова – Сидоркевич аатынан сквер арылынна. Манна ортотугар уоттардаах сыана, куар кодтаах скамейкалардаах. Скамейкаҕа сынньана олорон Ольга Иванова ырыаларын уонна телефону ииттэриэххэ сөп. Биһиги тэрилтэбит улууска эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрин иһинэн күрэххэ икки сыл устата бастаан Улуус главатын харчынан сертификатын ыллыбыт. Тэрилтэбит үлэтин үйэтитэн методическай хомуурунньуктар, альбомнар тахсыбыттара.
50 сыллаах Амматааҕы Пионердар дьиэлэрин билиҥҥитэ Айар сайдар киинин бары үлэлээн ааспыт ветеран үлэһиттэрбитигэр, педагогтарга, төрөппүттэргэ, оҕолорго ситиһиилэри баҕарабыт!
Александра Егорова, Феврония Данилова