Быстыбат ситим
Саха сирин суруналыыстыкатын киэн туттар, холобур оҥостор киһитэ, өрөспүүбүлүкэҕэ оҕо бэчээтэ сайдарыгар бэлиэ суолу-ииһи хаалларбыт, «Кэскил» («Бэлэм буол»), «Юность Севера» оҕо хаһыаттарыгар 50-тан тахса сыл кылаабынай редакторынан үлэлээбит Нина Иннокентьевна ПРОТОПОПОВА уонна СӨ бастакы Президенэ М.Е. НИКОЛАЕВ быстыспат ситимнээхтэр.
Бу икки киһи баар буолан, кинилэр мындыр, сырдык санааларынан Саха сиригэр оҕо бэчээтэ сайдыылаах.
Биһиги редакциябыт олунньу 16 күнүгэр ийэ тылга анаммыт декада чэрчитинэн Эркээни хочотугар, бастакы Президент М.Е. Николаев төрөөбүт дойдутугар Өктөмҥө тахса сырыттыбыт.
Бу күн «Юность Севера» хаһыакка редакторы солбуйааччы Алексей Васильев Бочуоттаах редакторбыт, «Бочуот Знага», «Доҕордоһуу» уордьаннар кавалера, РСФСР, САССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ суруналыыстыкаҕа Государственнай бириэмийэтин лауреата, СӨ, Дьокуускай куорат, Бүлүү улууһун Бочуоттаах гражданина Нина Иннокентьевна Протопопова архыыбыттан 84 хаартысканы үөрүүлээх быһыыга-майгыга М.Е. Николаев Киинин салайааччыта Н.П. Капитоноваҕа туттарда.
– Наталья Петровна, эйиэхэ ыҥырбыккар, болҕомтоҕор махтанабыт. Эһиги Кииҥҥит сэдэх хаартысканан байда. СӨ бастакы Президенэ М.Е. Николаев «Бэлэм буол» нууччалыы тылынан тахсарыгар оруоллаах. Мин оҕо сааһым кини салайар кэмигэр түбэспитэ. «Барҕарыы» пуонда иһинэн уолаттар хордарыгар ыллыыр буолан, Австрияҕа, Францияҕа, «Артек» Кииҥҥэ тиийэ сылдьыбытым. Онон мин олохпор бастакы Президент оруола улахан. Эһиги, оҕолор, элбэҕи ааҕыҥ, ситиһиҥ, айар үлэнэн эмиэ дьарыктаныҥ, – диэтэ.
Хаартыска хамсаабат, саҥарбат эрээри, олохпут түгэнин көрдөрөр, арыйар улахан суолталаах. Алексей эбэтин архыыбыттан булбут 84 хаартыскатын фотографтар: Петр Оконешников, Мария Васильева, Владимир Танашкин уо.д.а. үйэтиппиттэр. Манна Михаил Ефимович дьону-сэргэни, оҕолору, култуура, наука, спорт деятеллэрин кытары араас сылларга түспүт.
Биир хаартыска тугу кэпсиирий?
Элбэх хаартыскаттан бииригэр биһиги болҕомтобутун хатаатыбыт: манна Михаил Николаев, Нина Протопопова, Алексей Томтосов, хаһыат урукку ааҕааччылара, эдкордара, геройдара Ил Түмэн үс төгүл депутата, техническэй наука кандидата, билигин «Барҕарыы» пуонда дириэктэрэ Альбина Поисеева, социология наукатын кандидата, СӨ Хотугу Форумҥа Аляскаҕа бэрэстэбиитэлинэн өр сылларга үлэлээбит Анастасия Божедонова бааллар.
– Дьэ, бу хаартыска – оҕолорго аналлаах бастакы тэрээһиммититтэн биирдэстэрэ – Президент Харыйата, 90-с сыллар ортолоругар ыытыллыбыта. «Кэскил» хаһыат ааҕааччылара, баҕар, бу турааччы оҕолортон кими эмэ билэргит буолаарай? Ол туһунан чинчийии үлэтин ыытан, өссө хаһыакка суруйан ыыттаргыт үчүгэй буолуо этэ. Ити күн улуустартан кэлбит делегациялар олбу-солбу уларытыһа сылдьан, өйдөбүнньүк гына хаартыскаҕа түспүттэрэ, – диир Альбина ПОИСЕЕВА.
– Историяҕа Михаил Николаев – Тыгын Дархан курдук ытык киһибит. Оччотооҕуга Президент Харыйата – сонун хайысха быһыытынан биллибитэ. Сойуус үрэллибитин кэннэ, оҕолорбутун туохха сирдиибит, иитэбит диэн ыйытыы күүскэ турбута. Мин ол кэмҥэ «Саха- Азия оҕолоро» пуондаҕа, Дьиэ кэргэн, оҕо, дьахтар дьыалаларыгар кэмитиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлиирим. «Кэскил», «Юность Севера» редакциятыгар Нина Иннокентьевна тула үгүстүк түмсэрбит, ырытыһарбыт. Хас да сыл кыттыгас улахан куонкурустары ыытан, тыһыынчанан оҕону «Михаил Светлов», «Демьян Бедный» теплоходунан Өлүөнэ очуостарыгар сырытыннарбыппыт. 1994 с. «Кэскил» хаһыат биир нүөмэрин французтуу бэлэмнээн, Францияҕа тарҕаппыппыт. Мин олорбут, үлэлээбит сирбэр Аляскаҕа оҕолорго хаһыат диэн суоҕа. Эһиги сайдаргытыгар манна бары кыах баар, бэл диэтэр, хаһыаттааххыт, сурунааллааххыт. Омук тылын билиҥ, үөрэтиҥ, эрдэттэн сыаллаах, искитигэр баҕа санаалаах буолуҥ, – диир Анастасия БОЖЕДОНОВА.
Сайдар суолу тэлбитэ
Клара Николаевна ТОМСКАЯ, «Кэскил» хаһыаты, «Чуораанчык» сурунаалы ааҕыыга көҕүлээччи, бэтэрээн учуутал:
– Биһиги дьиэ кэргэн «Бэлэм буолу» былыр-былыргыттан билэр, ааҕар. Кэлин бэйэм үлэлиирбэр, учуутал быһыытынан сайдарбар «Бэлэм буол»-«Кэскил» олук буолбута. 2011 с. «Чуораанчык» сурунаал редактора Татьяна Ильинична Жиркова миигин Нина Иннокентьевналыын билиһиннэрбитэ. «Кэскилбит туһугар» диэн дьоҕус кинигэбитин бэлэхтээбиппитин Нина Иннокентьевна олус үчүгэйдик ылыммыта. Бастаан мин толлубутум, редакцияҕа планерка буолаары турар этэ. Ону Нина Иннокентьевна мунньаҕын тохтотон туран, миигин кытары көрсүбүтэ. Ол кинигэҕэ киирбит оҕолорум быйыл оскуоланы бүтэрэллэр.
Истиҥ, дириҥ ис хоһоонноох көрсүһүүнү М.Е. Николаев Киинин сүрүн бибилэтиэкэрэ Лена Анатольевна Петрова ыытта. Өктөм лиссиэйин IV кылааһын үөрэнээччилэрэ ылбаҕай ырыаларын бэлэхтээтилэр. Үһүс кылаас үөрэнээччитэ Динара Рожина төрөөбүт тыл туһунан Күндэ хоһоонун дорҕоонноохтук аахта. Уулаах Аантан, Чапаевоттан кэлбит оҕолор кулун тутартан «Кэскил» хаһыаты, «Чуораанчык» сурунаалы ааҕар гына сурутуу оҥортордулар.
Жанна ЛЕОНТЬЕВА.
Ааптар түһэриилэрэ.
Өктөм, Хаҥалас.
РЕДАКЦИЯТТАН СОРУДАХ: хаартыскаҕа ханнык оҕолор түспүттэрин билэр буоллаххытына, 4sakral@mail.ru аадырыска сиһилии суруйан, бу оҕолор туох дьон буолбуттарын, ханна үлэлииллэрин ыытыҥ.