“Бары уруһуйдуубут” бырайыак аан бастаан “Хаҥалас оҕолоро уруһуйдууллар” диэн бырайыактан саҕаламмыта.
Төрүттээччинэн, билэрбит курдук, Саха сирин бастакы Президенэ Михаил Николаев буолар. Онон бу бырайыак өрөспүүбүлүкэ таһымыгар тахсыбыта олус улахан суолталаах.
2017 с. Дьокуускайга муусука уонна уруһуй учууталларын форума буолан ааспыта. Бу кэнниттэн икки министиэристибэ элбэх үлэни ыытан, ааспыт сыл бүтүүтүгэр дьаһал таҕыста. “Дорожная карта” диэн 5 сыллаах (2018-2022) бырагыраамата бэлэм буолла. Онон өрөспүүбүлүкэ бары үөрэҕин тэрилтэлэрэ, уопсастыбаннай тэрилтэлэр көмөлөөн, маны олоххо киллэриэхтээхтэр. Оскуола учууталларыгар, төрөппүттэргэ быһаарыы, өйдөтүү барыахтаах.
Бу туһунан биһиги Дьокуускайдааҕы художественнай училище дириэктэрэ Кирилл Петрович Гаврильевы кытта кэпсэттибит.
«Киһи күҥҥэ 24 чаас устата, ол аата олоҕун бүтүннүүтүн тухары эстетическэй эйгэ ортотугар сылдьар. Туох баар архитектура, куорат, дэриэбинэ көстүүтэ, туттар малбыт, таҥнар таҥаспыт – киһи бэйэтэ оҥорон таһаарар биридимиэттэрэ. Бу барыта киһи олоҕун таһымыгар, психикатыгар, доруобуйатыгар улахан сабыдыаллаах. Онон архитектор, дизайнер, худуоһунньук, иистэнньэҥ, уус хас биирдии киһи олоҕун киэргэтэр эбэтэр мөлтөтөр ураты кыахтаах. Оҕо күннэтэ көрөр тулалыыр эйгэтиттэн култууралаах киһи буоларга үөрэнэр».
Кирилл Гаврильев,
Дьокуускайдааҕы художественнай училище дириэктэрэ.
Дьокуускайдааҕы художественнай училище 1945 сыллаахха төрүттэммитэ. Онтон ыла сүүһүнэн талааннаах ыччат идэтийбит худуоһунньук, архитектор, дизайнер, искусствовед, скульптор, норуот маастара буоллулар. 1995 сылтан Саха АССР норуодунай худуоһунньуга, уһуйааччыта П.П. Романов аатын сүгэр. Билигин 200-тэн тахса устудьуон «Живопись», «Дизайн» (“средовой”, “графический”, “цифровой дизайн”), «Декоративно-прикладное искусство и народные промыслы» («художественная обработка дерева», «художественная резьба по кости», «художественный металл», «керамика», «художественная береста») салааларга үөрэнэр.
Уус киһи хаһан
баҕарар сыаналанар
– Кирилл Петрович, уонча сыллааҕыта экономистар, юристар, биэс сыллааҕыта техническэй идэлэр, аны билигин худуоһунньуктар, уустар наадалаах буолан эрэллэр дуо? Эн санааҕар, оҕо чопчу уруһуйдуур, илиитинэн оҥорор дьоҕуругар тоҕо улахан болҕомто ууруллуохтааҕый?
– Учуонайдар чинчийэн быһаарбыттарынан, уруһуйдуур дьоҕур 50-тан тахса идэҕэ ситиһиилээх үлэһит буоларга олугу уурар эбит. Ити техническэй да, гуманитарнай да идэ буолуон сөп. Күннээҕи олохпутугар эстетика, уус-уран айар талаан улахан суолталаах. Сатаан уруһуйдуур, илиитинэн тугу эрэ оҥорор киһи хаһан баҕарар сыаналаныа. Холобур, аан дойдутааҕы “ТОП-50” саамай наадалаах идэлэр испииһэктэригэр графическай дизайнер үһүс миэстэҕэ сылдьар. Аныгы технология сайдан, худуоһунньук, дизайнер идэлээхтэргэ наадыйыы улаатта. Мультимедийнай эйгэҕэ, көмпүүтэр оонньуутугар, киинэҕэ, тэлэбиисэргэ “визуальнай спецэффектэр” барытын худуоһунньук анал бырагырааманан оҥорор эбээт.
– Форум чэрчитинэн туох үлэ барар?
– Оҕо сайдыытыгар эстетика, уус-уран көрүү улахан суолталааҕа биллэр. Сайын уруһуйга, черчениеҕэ, архитектураҕа олимпиада ыытыллыаҕа. Өктөмнөөҕү лиссиэйгэ сайыҥҥы оскуола үлэлиэ. Онно биллиилээх худуоһунньуктар Николай Иннокентьев, Вячеслав Артамонов, Гаврил Попов, дизайнердар Ариан Ермолаев, Валентина Никифорова, норуот маастара Николай Петров, скульптор Ньургустана Филиппова, туосчут Надежда Корнилова маастар-кылаастары ыытыахтара. Оҕолор плэнергэ үлэлиэхтэрэ, “Орто Дойду” зоопаркатыгар кыыллары уруһуйдуохтара.
Нам кэллиэһигэр оҕону дьарыктыыр сыаллаах “Республиканская детская школа художеств” тэриллиэхтээх. Дьокуускайга П. Алексеев уулуссатыгар дьиэ биэрэн, онно эмиэ 100-чэкэ оҕо дьарыктанар. Аны “Атласовтар уһаайбаларыгар” былырыын икки төгүл керамика бэстибээлин ыыппыппыт.
Дьоҥҥо-сэргэҕэ туһаны аҕалаары
– Оччоҕо уруһуйунан эрэ муҥурдаммакка, скульптура, керамика, иис-уус барыта киирэр буоллаҕа…
– Уруһуйтан орнамент тахсар. Бу орнамент, оһуор-дьарҕаа норуот оҥоһуктарын киэргэлэ, уратыта буолар. Училищебытыгар “декоративно-прикладное искусство и национальные промыслы” салааҕа керамика, туос, мас, муос, ювелирнай оҥоһуктарга үөрэтэ сылдьабыт. Бу салаа оҕолоро ситиһиилэрэ элбэх. Салгыы үрдүк үөрэххэ барыахтарын сөп. Холобур, керамикаҕа Красноярскайга үөрэнэллэр.
– Билигин бэйэлэрэ араас сахалыы таҥаһы, малы-салы, симэҕи, миэбэли оҥорор дьон бэйэлэрэ бизнес тэринэн, син балайда сайдан эрэллэр быһыылаах.
– Оннук. Билигин олоххо-дьаһахха наадалаах оҥоһуктары оҥорор маастар элбээтэ. 400-тэн тахса норуот маастара айа-тута олорор. Санаан көр, Кировскай уобаласка бүддьүөттэн 30 мөлүйүөн суума норуот маастардарын өйөбүлүгэр бэриллэр. Ол иһин бу уобалас сувенир оҥоһуутуттан элбэх дохуоту киллэрэр. Онон маастардарга судаарыстыба өттүттэн өйөбүл наада. Биһиги бэйэбит үөрэнээччилэрбит үчүгэй усулуобуйаҕа үлэлиэхтэрин баҕарабыт. Оччоҕо эрэ кинилэр талааннара дьиҥнээхтик арыллыа, дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалара улахан буолуо.
Америка, Англия,
Германия мусуойдарыгар
– Чахчы, урут ити иис-уус өттүн хайдах эрэ буолар буолуохтааҕын, боростуой баҕайы курдук ылынарбыт. Туох да ураты курдук көрбөт этибит. Дьиҥэр сорох-сорох маастардар олох искусство айымньытын курдук айан-тутан таһаараллар эбээт.
– Кырдьыгын эттэххэ, урукку кэмҥэ култуура салалтатын өттүттэн наар духуобунай өттүгэр суолта бэриллэр этэ. 16 тыйаатыр! Дьон наадыйар материальнай өттүгэр болҕомто суоҕа. Дьэ, “Симэх” норуодунай искусство киинэ тэриллэн, саха материальнай култууратын сайыннарар, чинчийэр үлэни саҕалаата. Материальнай култуура диэн буоллаҕа үйэ-саас тухары көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэр баайбыт. Саха норуотун декоративнай-прикладной искусствотын ураты оҥоһуктара Америка, Англия, Германия улахан мусуойдарыгар харалла сыталлара элбэҕи этэр.
– Туризм сайыннаҕына, сувенир да хамаҕатык барыа этэ.
– “Сувенирщик” диэн хайысханы арыйыахпытын баҕарабыт. “Саха-Булт” фирманы кытта дуогабардаһар былаан баар.
Искусство аармыйатааҕар күүстээх!
– Уопсайынан, сахалар илиилэригэр дьоҕурдаахтара биллэр. Урут аармыйаҕа, саха буолла да, худуоһунньук, суруксут буолара.
– Ол былыргы олох-дьаһах ирдэбилиттэн тахсар. Илиитигэр сатабыллаах эрэ киһи биһиги тыйыс айылҕабытыгар тыыннаах хаалар кыахтаах этэ. Тыыннаах хаалар мөккүөрэ!
– Оттон биһиги өбүгэлэрбит аҥаардас боростуой малы-салы оҥорботтор этэ дии. Этэргэ дылы, “произведение искусства”! Дьиҥэр, оһуора-таймата да суох боростуой миискэни-чааскыны оҥоруохтарын син этэ буоллаҕа…
– Омук култуурата төһөнөн күүстээх, ураты, бэйэтигэр тардар, абылыыр кыахтаах да, оччонон күүстээх. Искусство аармыйатааҕар күүстээх! Холобур, былыр Кытайы Япония сэриилээн ылбыта да, онно олохсуйбут дьоппуоннар бэйэлэрэ кытай буолбуттара.
Айар дьоҕур саха ыччатын хааныгар баар. Онно билигин усулуобуйа тэрийэн, талааннарын арыйан биэриэхпитин наада. Бу – биһиги, сахалар, омук быһыытынан тыыннаах хаалар, ассимиляцияламмат, глобализацияҕа бэриммэт суолбут буолар. Итиннэ сытар искусство үрдүкү суолтата.
Уруһуйдуур дьоҕур хааммытыгар баар
– Онон оҕону уруһуйга уһуйуу хайаан да наада дуо?
– Уруһуйдуур дьоҕурдаах оҕо иннигэр араас идэни таларыгар киэҥ аан арыллар. Холобур, оҕону скрипкаҕа, пианиноҕа олордуоҥ. Бу оҕо сааһын тухары ону эрэ тута сылдьар, атын хайысхаҕа барар кыаҕа суох. Оттон уруһуйга уһуйуллубут оҕо архитектор, графическай дизайнер, промышленнай график, норуот маастара, о.д.а. буолар. Аҕыйах сылынан хас улуус, бэл, нэһилиэк аайы дизайнер наада буолуо. Аныгы технология худуоһунньуга суох эмиэ сайдыбат: көмпүүтэр оонньуулара, киинэ, тэлэбиидэнньэ худуоһунньуктара… Уруһуйдуур, илиинэн оҥорор-айар дьоҕурбут хааммытыгар баар. Бу уратыбытын биһиги сөпкө туһаныахтаахпыт, сайыннарыахтаахпыт. Онуоха усулуобуйа эрэ наада. Судаарыстыба өттүттэн өйөбүл. Форумҥа этиллибитин курдук, “Бары уруһуйдуубут” бырайыак хас биирдии биэбэйиккэ, оскуолаҕа үлэлээн, утуйа сытар уратыбытын уһугуннарыахтаах, саха искусствотын сайыннарыахтаах.
Кэпсэттэ Таисия АЛЕКСЕЕВА.
ХААРТЫСКАЛАРГА: училище оҕолорун үлэлэрэ.