Елена Егоровна Попова Чурапчы улууһун Төлөй орто оскуолатын саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала, Чурапчы улууһун саха тылын, төрүт култууратын учууталларын мэтэдиичэскэй холбоһугун салайааччыта, СӨ үөрэҕириитин туйгуна саха тылыгар аналлаах уруокка туттар тэтэрээти оҥорон бэчээттэтэн таһаарда.
Ол туһунан бэйэтэ маннык диэн кэпсиир:
— Эрдэттэн саныы сылдьыбыт санаабын олоххо киллэрдим. Ол курдук биһиги үөрэтэр биридимиэппитигэр — саха тылыгар, литературатыгар анал үөрэнэр уруокка туттар тэтэрээт суох. Мин бэйэм элбэх оҕолоох ийэ буоларым быһыытынан, оскуолаҕа оҕолорбун тэрийэрбэр, атын-атын биридимиэттэргэ араас дьэрэкээн ойуулаах тэтэрээт баарын атыылаһабын, оттон бэйэм үөрэтэр биридимиэппэр суоҕун көрөн хараастар этим. Анал тэтэрээт баара буоллар, биһиги, учууталлар, үөрэтэрбитигэр, уруокка, үөрэнээччигэ наһаа көмөлөөх буолуо этэ диэн санааттан саха тылыгар анал тэтэрээти оҥорорго санаммытым.
ТЭТЭРЭЭТ ТУТУЛА
— Бу тэтэрээт оробуочай тэтэрээт буолбатах, оҕо үөрэнэр, туттар, биридимиэт тэтэрээтэ буолар. Бу тэтэрээти 5-11 кылаас үөрэнээччитэ ылан үлэлиэн сөп. Тэтэрээт таһыгар бэйэтин аата-суола, оскуолата, кылааһа сахалыы суруллар.
Тэтэрээт сирэйигэр саха дорҕооннорунан саха тылын учууталларын съеһигэр оҥоһуллубут Рустам Каженкин ааптардаах эмблеманы тутуннум. Кини эмблеманы туттары оруннааҕынан аахпыта.
Иннигэр уонна кэннигэр барыта 8 сирэй — саха тылын быраабылалара тыл үөрэҕин түөрт салаатынан киирдэ. Бастаан — «Фонетика», иккиһинэн — «Лексикэ», тэтэрээт кэннигэр — «Морфология», ону таһынан «Синтаксис» быраабылалара киирдилэр. Тэтэрээт ортотугар — 48 ыраас лиис оҕо үөрэнэригэр, туттарыгар ананар.
ТЭТЭРЭЭТ УРАТЫТА
— Бу тэтэрээт уратыта диэн — кэннигэр кюар куодунан оҕо саха тылын кылгас быһаарыылаах тылдьытын төлөпүөнүн нөҥүө киирэн туһаныан сөп, өйдөөбөт, ыарырҕатар тылын тута, онно-манна көрдүү барбакка, туттуон сөп, оҕо бары төлөпүөннээх, онон туттарыгар табыгастаах, маны таһынан оҕо тылдьыты тутта үөрэнэр.
Барытын оҥорон, бэчээттээн бараммын бэйэм кэллиэгэбэр Кузьмина Акулина Николаевнаҕа сибээскэ тахсаммын (кини бэйэтэ кинигэ таһаарыытынан дьарыктаммыта хас да сыл буолла), кини көмөтүнэн «Офсет» типографияҕа 300 устууканы таһааттардыбыт. Үбүлээһин өттүн бэйэм уоппускам харчытынан уйуннум. Номнуо тэтэрээт атыыланан бүттэ. Онон иккистээн эбии сакаас ыламмыт бэчээттэтэн таһааттараары сылдьабыт.
ИННИКИ САНААЛАРЫМ
— Инникитин саха тылын уруогар хас биирдии оҕо маннык анал тэтэрээти ылан үлэлиирэ эбитэ буоллар, быраабылалары укта сылдьан үөрэтэн, билэн, саха тылын наһаа уустугурдубакка, өйүгэр хатаан хаалыан сөп этэ дии саныыбын. Уонна уруок бириэмэтигэр эрчиллиигэ, сорудахха туһаныан сөп. Маны таһынан олимпиадаҕа кыттар оҕолорго, чуолаан этиилэри ырытарга көмө быраабылалары билиэхтээх. Уонна төрөппүттэр өйдөөн, оҕолоругар маннык тэтэрээти ылан биэриэхтэрэ диэн эрэллээхпин.
Маннык бэчээттэтэн таһаарыы миэхэ бастакы холонуу, онон кыра сыыһалар баар буолуохтарын сөп, онон биир идэлээхтэрим эттэхтэринэ, ылыныам дии саныыбын.
Елена Егоровна инникитин саха литэрэтиирэтигэр уонна култууратыгар анал тэтэрээттэри толкуйдаан таһаарар баҕа санаалаах. Киниэхэ ситиһиилэри уонна туруоруммут сыалын толороругар баҕарыаҕыҥ!
Холобур буолар учууталга «Лайк» баттыыргын умнума!
Кэпсэттэ Анна СЛЕПЦОВА.