Быйыл сайын «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатыгар Красноярскай кыраай эбэҥки национальнай оройуонуттан Дьэһиэй сахалара ыалдьыттаан ааспыттара.
Кэпсэтиибит сүнньэ саха тылын туһунан буолбута. Сахалыы тыллара-өстөрө сүтэр кутталламмытын, оҕолоругар «Чуораанчык» сурунаалы суруйтарыахтарын баҕаралларын туһунан санааларын эппиттэрэ.
– Аны икки сылынан Дьэһиэй төрүттэммитэ 400 сылын бэлиэтиэхпит. Бу күҥҥэ диэри алта аҕа ууһун араспаанньаларын сүтэрбэккэ илдьэ кэллибит — Боотулу, Оһоҕостоох, Маймаҕа, Чорду, Өспөх, Бэти, Уодай. Билигин манна 800-кэ киһи олорор. Оҕо саадыгар түөрт бөлөҕүнэн 60 оҕолоохпут, оскуолабытыгар 100-тэн тахса оҕолоохпут. Төһө кыалларынан сахабыт былыргы тылын-өһүн, норуоппут төрүт үгэстэрин илдьэ сылдьабыт, ычаттарбытыгар иҥэрэбит. Сүрүн дьарыкпыт кыыл табаны бултааһын, балыктааһын. Дьэһиэйгэ оҕо саада, участковай балыыһа, икки этээстээх орто оскуола баар. Оҕолорбут «Хотугу Сулус» ансаамбылга дьарыктаналлар, Красноярскай кыраай тас өттүгэр ыытыллар куонкурустарга ситиһиилээхтик кытталлар. Тустууктарбыт эмиэ бириистээх миэстэлэри ылаллар, – диэн кэпсиир Дьэһиэй олохтооҕо Алексей Боотулу.
– Билигин биһиги иннибитигэр тылбытын харыстыыр улахан сорук турар. Билигин биһиги, саастаах көлүөнэ, төрүт сахабыт тылын чөл, ыраастык тутан сылдьабыт. Оскуолаҕа, оҕо саадыгар саха тылын үөрэтиигэ чопчу оҥоһуллубут программаҕа, саха тылыгар анал үөрэхтээх учууталларга билигин ордук наадыйабыт. Оҕолорбут, ыччаттарбыт өбүгэлэрбит олорон ааспыт олохторун, историяларын төрөөбүт тылларынан үөрэтиэхтэрин баҕарабыт. Сахалыы тылынан тахсар саҥа кинигэлэр, учебниктар биһиэхэ суохтарын кэриэтэ. «Чуораанчык» оҕо сурунаалын аҥардас илиибитигэр тутан олорорбуттан үөрэбит. Маннык сурунаал биһиэхэ тиийэрэ буоллар оҕолорбутугар төһө эрэ туһалаах буолуо этэ, – диэн этэр Дьэһиэй олохтооҕо, социальнай боппуруостарга, култуураҕа олохтоох сэбиэт депутата, култуура дьиэтин дириэктэрэ Екатерина Христофорова.
Дьэһиэй сахалара аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар испииһэктэригэр киирбэттэр. «Онон аҕыйах ахсааннаах норуот быһыытынан судаарыстыба өттүттэн өйөбүлэ, көмүскэлэ суох олоробут. Бултуурбут, балыктыырбыт да көҥүллэммэт, тылбыт-өспүт өйөбүлэ, көмүскэлэ суох. Баар кыһалҕабытын туруорсабыт даҕаны да, билиҥҥитэ хамсааһын тахса илик» , — диэн санааларын үллэстэллэр.
2022-2023 үөрэх дьылыгар Дьэһиэй сахаларын кытта инникитин бииргэ үлэлэһэргэ, сурутуу хампаанньатыгар табыгастаах ньымалары толкуйдуурга үлэ былаанын торумнастыбыт.
Элбэҕи толкуйдатар көрсүһүү буолан ааста. Кыра омук олоҕун укулаатын уларыппакка, тылын-өһүн, төрүт үгэһин, дьарыгын тутан, норуот быһыытынан сүтэн-симэлийэн хаалбатыгар судаарыстыба өттүттэн оҥоһуллар көмө, өйөбүл ордук улахан суолталааҕын бу көрсүһүү өссө биирдэ санатта. «Оҕолорго аналлаах сахалыы тылынан тахсар сурунаалы тутан олорор Саха сирин олохтоохторо үөрэ-көтө ааҕан эрдэхтэрэ. Өссө туспа ыйынньыктаах бэлэм иитэр программалаах буолбут! Ыл да аах, туһан, оҕону кытта дьарыктан! Биһиэхэ суоҕа бэрт. Биһиэхэ тиийэрэ буоллар, баара буоллар…», — диэн бүгүҥҥү күҥҥэ тыл-өс өттүгэр лаппа улахан уустуктары көрсөн олорор Дьэһиэй сахаларын санааларын сыта-тура толкуйдаан көрүөххэйиҥ. Атахпыт анныгар тэпсэ сылдьарбытын сыаналаабат буолуохпутун эмиэ сөп…
Сардаана МАТВЕЕВА.