НОРУОТ ПЕДАГОГИКАТЫН ТУҺУНАН
… Аны саха оҕоҕо аналлаах сахалыы литератураҕа фольклору, норуот тылынан уус-уран айымньытын туһаныы туһунан этиэм этэ.
Саха дьоно үйэлэрин тухары, үйэлэртэн үйэлэргэ олоҕурбут үгэстэринэн, ньымаларынан оҕолорун үтүөнү-кэрэни өйдүүргэ, албыны-көлдьүнү абааһы көрөргө үөрэтэн кэлбит буолуохтаахтар. Биһиги норуоппутугар эмиэ народнай педагогика, норуот үгэһэ, олорго холбоһор тылынан уус-уран айымньылар, остуоруйалар, таабырыннар, өс хоһоонноро, көр-күлүү диэн бааллар. Маны барытын оҕону иитиигэ төрөппүттэр, учууталлар, детсад иитээчилэриттэн суруйааччыга диэри бары сатаан туһанарбыт буоллар бэрт буолуо этэ.
Оҕо литературатыгар остуоруйа букатын сүттэ, литературнай остуоруйа диэн биһиэхэ букатын да суох быһыылаах.
Остуоруйаһыт суруйааччы Виктор Важдаев этэн турар: «Сказка, первая среди других жанров воспитывает маленького читателя и делает это в те годы, когда человек только начинает формироваться».
Улууканнаах советскай педагог Василий Александрович Сухомлинскай оҕо билэр дьоҕурун сайыннарыыга, оҕону киһи быһыытынан иитиигэ остуоруйа улахан суолталааҕын өйдөөн, бэйэтин педагогическай үлэтигэр остуоруйаны куруук туһанара.
Остуоруйа геройдара оҕо иэйиитигэр тиийимтиэлэр, норуот уус-уран тылын байытан умсугуталлар, ону сэргэ туһааннаах өйү-санааны иитэллэр диэн суруйаллар.
Былыргы остуоруйала схематыгар саҥа ис хоһоону киллэрэн, литературнай остуоруйаны суруйар оҕо суруйааччылара хас омук аайы элбэхтэр. Норуот үйэттэн үйэҕэ бэриллэн испит остуоруйаларын остуоруйаһыттар күннээҕи олохторугар олоҕуран сюжетын уларытан, геройун бэйэтин кэминээҕи герой оҥорон иһэллэрэ. Ол курдук биһиги сахабыт остуоруйаларын эмиэ норуот үгэһигэр олоҕурбут кутун кэспэккэ, сатабыллаахтык, айымньылаахтык туһанан, бүгүҥҥү күҥҥэ сөп түбэһэр остуоруйалары айар тоҕо табыллыбат буолуой. Бу биллэн турар, уустук үлэ. Н.К. Крупская этэн турар: «Нужны детские книжки, в которые ребята могли бы получить необходимую им интернациональную зарядку. Не станем спорить о форме. Пусть это будет сказка на манер: Олео, закрой глазки», только была бы эта сказка-правда… Только бы воспитывала эта сказка из нашей смены горячих борцов»
Итиннэ эппиэттээн, татаар оҕо литературатыгар саҥа сэбиэскэй кэм остуоруйатын олохтообут, фашист түрмэтигэр өлбүт Абдулла Алиш челюскинецтар туһунан остуоруйалара, немец фашистарын көрдөрөр остуоруйаны суруйдаҕа буолуо.
Онон биһиги «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин» бүгүҥҥү ыанньыксыт, “Мэник Мэнигийээн” ракетаҕа олорсон ыйга тиийэрэ, “Суппуун сонноох суут албын” биир эмэ омук дойдутугар мүччүргэҥҥэ түбэһэр сырыылара суруллара буоллар оҕолор үөрүүнэн көрсүөхтэрэ эбитэ буолуо.
Оҕолору эстетическэй иитии оскуолаҕа оҕолору ырыаҕа үөрэтиинэн, ыллатыынан, үҥкүүлэтиинэн эрэ быһаарыллыбат. Хаһыат, кинигэ, искусство тугун, искусство киһи олоҕор оруолун өйдөтөргө, искусство айымньыларын, диэйэтэллэрин туһунан оҕолорго кэпсиир соруктаахтар. Ити соругу биһиги редакциябыт олус мөлтөхтүк толорор. Ону биһиги өйдөөбөт да, баҕарбат да буоламмыт кыайан толорбот буолбатахпыт. Итиннэ автордары булар сүрдээх уустук суол буолла биһиэхэ. Эгэ, кинигэни суруйар, бука, дэбигис кыаллыбат буолуо. Ол эрээри итинник кинигэ баар буолара бүгүҥҥү күн булгуччулаах ирдэбилэ буолуохтаах.
Мин кинигэ издательстволарыгар этиэхпин баҕарабын, искусство туһунан оҕолорго аналлаах сүрдээх үчүгэйдик нууччалыы суруллубут кинигэлэр бааллар. Оннук биир эмэ кинигэни тылбаастаан таһааран саха оҕолоругар аахтарбаккыт ээ диэн. Нууччалыы да ааҕыахтарын иһин оннук кинигэлэргэ тиксэр сүрдээх уустук.
Инники хаартыскаҕа: Нина Иннокентьевна хос сиэнэ Дианалыын.