Хас нэһилиэк аайы историяны кэпсиир музейдар бааллар. Бүлүү улууһун Чинэкэ нэһилиэгин музейын алын кылааһын учуутала, энтузиаст Светлана Демьяновна Яковлева салайар.
Сыл хонук аастаҕын аайы олох сайдыыта тэтимирэн иһэр. Саҥаттан саҥа арыйыылар, көрүөхтэн дьикти кэрэ оҥоһуктар, тутуулар үксээн иһэллэр. Дьон-сэргэ өбүгэлэрин туһунан билиилэрин кэлэр ыччаттарыгар биэрээри араас маллары уурунан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ туттаран иһэр.
Ол курдук, биир сэдэх экспонат баарын көрдүбүт. Киһи хараҕар улаханнык быраҕыллыбат тэриэлкэ буолар.
Кини диаметра 22 см, кытыыта 6 улахан уонна 6 кыра сэбирдэх курдук ойуулаах. Тэриэлкэ кытыытыгар 3 см кэтиттээх күөх балаһа барар. Ол иһигэр от күөх өҥнөөх от үүнээйигэ майгынныыр оһуордаах уонна 12 үс муннук курдук кыһыл былаах киэргэллээх. Тэриэлкэ ортото маҥан өҥнөөх, 16,5 см диаметрдаах. Ол иһигэр көмүс солотуулаах 9 см диаметрдаах төгүрүмтэ баар. Бу төгүрүмтэ иһигэр 8 салаалаах көмүс кырааскалаах сибэккилээх. Сибэкки анныгар латинскай буукубаларынан «SASSR 15 SЬLA» диэн суруктаах.
Светлана Яковлева:
Тэриэлкэ 1936 сыллаахха оҥоһуллубут диэн сыллыктыыбыт. Бу тэриэлкэни 1998 сыллаахха, ийэтин тэриэлкэтин, Наталия Федотовна дьон –сэргэ көрүүтүгэр туттарбыт. Тэриэлкэ хаһаайкатынан Протопопова Александра Федоровна буолар. Кыыһа этэринэн: “Үчүгэй үлэтин иһин бэлэх ылбыт буолуохтаах. Ол саҕана итинник иһит улахан сыаналаах, ону мин ийэм ылар кыаҕа суох, кыаммат этилэр”, — диир
Александра Федоровна күҥҥэ көрбүт соҕотох кыыһа Наталия Федотовна 2 оҕолоох, 4 сиэннээх.
Эльдар Садовников