Кыра дохуотттаах, элбэх оҕолоох ыалларга сыллата оскуола таҥаһын, тэрилин ыларга биир кээмэйдээх төлөбүр оҥоһуллар. Бу төлөбүрү 23-гэр диэри саастаах үс уонна онтон элбэх оҕолоох кыаммат дьиэ кэргэн ылыан сөп.
Төлөбүрү e-yakutia.ru порталга уонна «Мин докумуонум» киинигэр оҥотторуохха сөп. Биир кээмэйдээх төлөбүр суумата 3884 солк. тэҥнэһэр.
Төлөбүрү ыларга маннык докумуоннар ирдэнэллэр:
- паспорт
- ИНН
- СНИЛС
- бары о5олор төрөөбүттэрин туһунан туоһу сибидиэтэлистибэ
- ыал буолуу эбэтэр арахсыы туһунан туоһу (аҕа буолуу олохтонуутун туһунан) сибидиэтэлистибэ
- үлэ кинигэлэрэ — сыллааҕы дохуот туһунан ыспыраапка (ИП-лар нолуок декларациятын уонна учуот кинигэтин)
- оскуолаттан ыспыраапка
- «Мир» каартаҕа счет реквизиттара.
Ону таһынан 23-гэр диэри саастаах оҕо стипендиятын кээмэйин уонна алимент төлөбүрүн сууматын туһунан ыспыраапка наада.
Төлөбүр оҥоһуллар болдьоҕо уон үлэ күнэ, оттон сайабылыанньа «Мин докумуонум» нөҥүө киирдэҕинэ 13 хонук буолар.
Санатан этэр буоллахха, былырыын Арассыыйа Бэрэсидьиэнин ыйааҕынан оскуола оҕолордоох төрөппүттэр 10 тыһ. солк. биир кээмэйдээх төлөбүрдэри хатылыыр туһунан билиҥҥитэ информация суох.
keskil14.ru