Икки дьиктини арыйабын
Айылҕаҕа киһини сөхтөрөр дьикти көстүүлэр баалларын өйдөөн көрбөппүт.
Холобур, биир дьикти — уу. Иккис дьикти — салгын. Хас күн, чаас, мүнүүтэ, сөкүүндэ ахсын, бэйэбит да билбэппитинэн, салгыны иҥэринэбит.
Дьиэҕэ оҥоһуллар уопуттартан икки дьиктини биллим.
Бастакы уопут
Архимед күүһэ
Биһиэхэ наада:
• уулаах иһит
• пластилин
• оонньуур фигуркалар.
Пластилины төгүрүтэбит уонна ууга угабыт. Төгүрүкпүт ууга тимирэн хаалла. Онтон пластилиммытынан тыы оҥоробут уонна ууга ыытабыт. Тыы тимирбэтэ, ууга уста сылдьар. Үрдүгэр оонньуур фигуркаларбытын ууруохпутун сөп.
Тоҕо? Айылҕаҕа Архимед күүһэ диэн дьикти күүс баар. Архимед – былыргы грек омук учуонайа. Ууга түспүт предметтэри уу төттөрү анньар. Ол күүс үтүллэн тахсан уу ыйааһыныгар тэҥнэһэр. Хараабыллар, тыылар бары бу күүс баар буолан, ууга усталлар, тимирбэттэр эбит.
Иккис уопут
Кумааҕы хаппах
Биһиэхэ наада:
• уулаах ыстакаан
• кумааҕы лииһэ
Ыстакааҥҥа уу кутабыт. Кумааҕыны саба уурабыт уонна эргитэбит. Уубут тохтубат.
Тоҕо? Биһиги салгыннаах сиргэ олоробут. Салгын бары эттиктэри баттыыр. Уулаах ыстакааны кумааҕынан сабан баран таҥнары туттахпытына, уу тохтубат. Кумааҕыны үөһэттэн уу баттыыр, аллараттан салгын анньар. Салгын анньар күүһэ уу баттыыр күүһүттэн улахан. Ол иһин тохтубат.
Сири бары өттүттэн салгын араҥата тулалыыр.
Өйү тобулан, толкуйдаан, кэтээн көрүөххэ
Айылҕа дьиктилэрэ физика сокуонун кытта сибээстээхтэр. Ону арыйан, үөрэтэн, интэриэһинэй чахчылары тус олохпор сөпкө туһаныам дии саныыбын. Айылҕа дьикти көстүүлэрин кэтээн көрөрбүн, чинчийэрбин сөбүлүүбүн. Бу өйгүн-санааҕын сайыннарар, билиигин хаҥатар.
“Чуораанчык” ааҕааччыларын тулалыыр эйгэни кэтээн көрөргүтүгэр ыҥырабын. Ким өссө ханнык уопуттары билэрий?
Ааптар Айтал Ноговицын, Суотту орто оскуолата, Уус Алдан
Худуоһунньук Алина Монастыршина.