Халыма туундаратыгар 11 м дириҥнээх сиртэн ылыллыбыт, кылбачыйар көһөҥө муустан саламандраҕа маарынныыр дьикти харамай көстүбүтүгэр көмүһү көрдүүр рабочайдартан хайалара даҕаны бу кинилэр булуулара наукаҕа самородок кыһыл көмүстээҕэр ордук күндү буолуон сэрэйэн да көрбөтөхтөрө: көһөҥө муус ирэн, уулларын кытта, харамай тиллибитэ. Ол харамай сибирскэй углозуб – 10 см кэриҥэ кээмэйдээх олох былыргы уу-хонуу харамайа этэ.
Бу Сибирь уонна ирбэт тоҥ кытаанах айылҕатыгар үөрэммит элбэҕэ суох уу-хонуу харамайдарыттан биирдэстэрэ этэ. Маннык харамайдар кыһын утуйан тахсаллара биллэр. Ол гынан баран биир да чинчийээччи бу курдук сүүс сыл устата утуйуохха сөбүн дакааастаабатаҕа. Бу сибирскэй углозуб сааһа сүүс сыл кэриҥэ эбитин билэн, учуонайдар олус соһуйбуттара. Маннык уу-хонуу харамайдара 10-15 сылтан ордуга суох сылдьааччылар.
Ф.П. Ефимов Дьиктилэр. Дьиибэлэр. Дьээбэлэр. – Дьокуускай, 1981.
Анюта Андреева-Күндүүнэ бэлэмнээтэ.