Мин Орто Халыма улууһун Өлөөкө-Күөл бөһүөлэгэр олоробун. Мин дойдум улуус кииниттэн саамай ыраах сытар. Онон биһигиттэн салгыы туундара эрэ баар. Сайыммыт хойутуур, күһүммүт эрдэлиир. Ол да буоллар, дойдубун олус таптыыбын. Биһиги дойдубут айылҕата олус тыйыс, ол иһин манна үүнэр үүнээйилэр атын сир үүнээйилэринээҕэр ордук эмтээхтэр дииллэр.
Бөһүөлэкпитигэр ыаллар бары тэпэлииссэлээхтэр, араас оҕуруот аһын үүннэрэллэр. Бэл диэтэр, клубниканы, арбуһу, дыняны, тыыкыбаны эмиэ олордооччулар бааллар. Оттон биһиги дьиэ кэргэн оҕурсууну, помидору, кабачогу уонна биэрэһи олордобут. Быйылгы сайыммыт олус тымныы буолан, үүнүүбүт бытаан. Бэс ыйын устата наар оһохпутун оттон таҕыстыбыт. Онон оҕурсуубутун саҥардыы быстыбыт. Мин санаабын түһэрбэккэ, күннээх, сылаас күн эрэ буоллар, тэпэлииссэбэр тахсан, уу кутан, дьоммор көмөлөһөбүн. Атырдьах ыйа сылаас уонна күннээх буолуо диэн эрэнэбин. Күһүн оҕуруотум үүнүүтэ үөрдэн, кыһыҥҥыга хаһааныахпыт диэн күүтэбин.
Денис Винокуров,VI кылаас.
Орто Халыма.