«Кэскил» оҕо-ыччат таптаан ааҕар хаһыата хас да көлүөнэ дьоҥҥо сабыдыаллаан, үгүс сылы-хонугу туораан сайдан-үүнэн кэллэ. Быйылгыттан хаһыат сыһыарыыта буолан «Кэскиллээх олоххо бэлэм буол» сурунаал тахсар.
От ыйын 25 күнүгэр «Кэскил» хаһыат эрэдээксийэтин кэрэспэдьиэннэрэ Вера Петрова, Эльдар Садовников «Сосновый Бор» лааҕырга ыалдьыттаатылар, «Газета будущего» проектнай сессияны ыыттылар. Дьааҥы уонна Кэбээйи улуустарын оҕолоро кыттыыны ыллылар. Түөрт хамаандаҕа арахсыбытттара. Лааҕыр сынньанааччылара сурунаалга кэрэхсэбиллээх өрүттэрин, итэҕэстэрин, тугу тупсаран, эбэн биэриэххэ сөбүн лааҕыр оҕолоруттан, үлэһиттэриттэн ыйыттылар, ол санаалары стенхаһыаттарыгар тистилэр. Оҕолор толкуйдаабыт рубрикаларынан көрдөххө, сыаналаатахха, олус дойдуларын таптыыр, кини туһугар долгуйар, саҥаны, билиини сомсуон баҕарар, олус үчүгэдйик уруһуйдуур оҕолор эбиттэр.
Биһиги сүрүн ааҕааччыбыт — оҕо буолар. Ол курдук, «Сосновый Бор» лааҕыр иитиллээччилэрин санааларын иһиттибит, астынныбыт. Таһаарыыларбыт оҕо аныгы үйэҕэ сайдарыгар улахан күүс-көмө буолаллар. Ааҕааччыларбыт санааларын истэн куруутун тупсарга, сайдарга үлэлиибит — хамныыбыт!
Эльдар САДОВНИКОВ