Мин оскуолабар “Чиргэл” диэн лааҕыр 1-кы уонна 2-с сменэтигэр сырыттым. Бастакы сменэҕэ оту-маһы, сибэккини, үөнү-көйүүрү үөрэппиппит, кроликтары көрбүтүм, аһаппытым. Онтон иккис сменэ спортивнай хайысхалаах этэ. Араас спортивнай күрэхтэргэ, оонньууларга кыттыбытым. Ону тэҥэ кроликтары көрүүгэ-истиигэ миигин сүрүн үлэһит оҥорбуттара. Барыларын ааттарын-суолларын билэн, атаахтатан, аһатан сылдьыбытым. Остолобуойга минньигэс астаах повардарбытыгар Анна Анатольевнаҕа, Ольга Гаврильевнаҕа уонна бары үлэһиттэргэ махтал тылларын тиэрдэбин. Учууталларбыт Анна Федоровналыын, Розалия Федоровналыын бииргэ буоламмыт лааҕырбыт олус үчүгэйдик биллибэккэ ааста.
Оскуолабытыгар маннык лааҕыр баара наһаа үчүгэй. Мин элбэх оҕону кытта билистим, доҕордостум.
Бүтэһик күннэргэ куоракка киирэн “Norwey park”, “Орто дойду” зоопаркаҕа сылдьыбыппыт уонна “Кыччыгый Аан” диэн туристическай базаҕа хонон, оонньоон-көрүлээн кэллибит.
Ярик Михайлов,
V кылаас,
2-с Малдьаҕар орто оскуолата.
Хаҥалас улууһа.