(Кэпсээн)
Yhүѳ буолан, кэллиэгэлэр, куорат оскуолатын учууталлара, субуотаҕа болдьоhон, сааскы куска таҕыстыбыт. Куораттан чугас, Киллэм биир ходуhатыгар тахсыбыт ууга дурда туттан сыттыбыт. Киэhэ хойут, кус кѳтүѳ суох диэммит, отуубутугар таҕыстыбыт. Уот оттон, чэй ѳрүннүбүт.
Намыhах уҥуохтаах эрээри киппэ кѳрүҥнээх, кэтит сарыннаах Алексей Петрович кулуhуҥҥа эбии абырҕал быраҕан биэрэн баран, «Милитари» кууркатын кѳннѳрүннэ уонна, уҥа кулгааҕын кытарбыт эминньэҕин тарбана-тарбана, кэпсээнин салҕаата:
– Дьэ, онон, табаарыспын кытта оскуола кэнниттэн химическэй факультекка киирэр баҕалаах Казань куоракка тиийбиппит. Киирии эксээмэннэр саҕаланнылар. Арай, химияны туттара олордохпуна, сэҥийэтигэр сэксэйбит биир тутум бытыктаах эрээри, эдэрчи кѳрүҥнээх профессор ыйытар:
– Табаарыс, тиэмэҕин син арыйа сатаатыҥ. Чэ эрэ, биири ыйытыым. Манна Габдулла Тукай аатынан улахан болуоссат баар. Габдулла Тукай диэн кимий?
Мин бэриллибит ыйытыыга мунаардым. Логикабын «холбоотум». Химияны туттара олоробун, онон, бука, онно сыhыаннаах биллэр киhи буолуохтаах. Онон маннык хоруйдаатым:
– Габдулла Тукай – татаар биллиилээх химик-учуонайа.
Профессор сэксэйбит бытыгын бобуччу тутта, чочумча миигин тонолуппакка одуулаата, онтон кытаанах куолаhынан:
– Эдэр киhи, кэлбит дойдуҥ устуоруйатын, култууратын, улуу дьонун билэргэ дьулуhуохтаах этиҥ. Тукай химик буолбатах, – диэтэ уонна «икки» сыананы туруоран эрилитэн кэбистэ.
Абитуралаан бүттэҕим ол. Дойдубар кэлэн, биир сыл сопхуоска куруусчуттаабытым. Эһиилигэр БГФ-га киирбитим. Син, химия учууталын идэтин ылан, билигин онон килиэптэнэн сырыттаҕым.
Абрамыч биһикки күлэн мүчүҥнэһэбит. Сандал Абрамович Новиков диэн, биһиги үстэн саамай эдэрбит, түѳрт уончатыгар лаппа чугаһаан эрэр. Бастаан утаа «Абрамуобич» диэн кѳрѳн баран, Абрамычка уларыппыппыт. Абрамыч оллоон аттыгар турар хоруолаах хочулуоктан кулуһун буруота сыттаах итии чэйи от күѳх эмаллаах куруускатыгар кутунна уонна:
– Доҕоор, оттон ол Габдулла туох киһи эбитий? – диэн баран, химик диэки бүлтээриччи кѳрѳн кэбистэ, андаатар бэргэһэтин сүүһүн диэки сыҕарытта.
– Поэт эбит. Суруйааччы, – Алексей Петрович кулуһун буруота кини диэки кэлэрин халыҥ ытыһынан сапсына олорон кылгастык хоруйдаата.
– Габдулла Тукай – татаар норуодунай поэта, – литература учууталын быһыытынан, салгыы кэпсээн бардым. – Кини ѳссѳ литературнай кириитик, тылбаасчыт, общественнай деятель быһыытынан биллэр.
Габдулла 3 сааһыгар тѳгүрүк тулаайах хаалбыта. Ыраах-чугас аймахтарыгар, хас даҕаны ыалынан сылдьан, муҥу муннунан тыыран улааппыта. Медресеҕэ үѳрэнэн, элбэхтик ааҕан, киэҥ билиилэммитэ. Элбэхтик айанныыра. Норуотун олоҕун чэпчэтэргэ дьулуһара. Төһө да баара-суоҕа 26 эрэ сыл олордор, уонтан тахса кинигэни суруйан хаалларбыта.
– Оо, Лермонтов курдук, кылгастык күлүмнээн ааспыт! – Абрамыч тѳбѳтүн илгистэн ылбытыгар бэргэһэтин быата чанчыгар охсуллан ылар.
– Оннук, – табаарыстарым сэргээн истэн олороллоруттан үѳрэ саныыбын. – Кини тѳрѳѳбүт тыл туһунан хоhоонноох:
Ии, туҕан тил!
Ии, мадур тил!
Иним, инийүгүнүм тили!
Габдулла Тукай тыҥатынан аһааҕыран, ыарыһах буолан, Башкирияҕа, Казахстаҥҥа кымыһынан эмтэнэ сатаабыта. 1-кы Аан дойду сэриитэ саҕаланыан иннинэ, 1913 сыллаахха, ыалдьан ѳлбүтэ.
– Биһиги Алампабыт… – итии чэйин сыпсырыйан симириктии олорон, Алексей Петрович кылгастык саҥа ыһыктар.
Онтон салгыы, кутаабытыгар мас быраҕан биэрэ-биэрэ, сарсыардааҥҥы кус кѳтүүтүн кэтэhэ таарыйа, тѳрѳѳбүт тыл туһунан өргө диэри сэһэргэстибит.
– Доҕоттоор, Иван Гоголев «Таптыыр сахам тылынан» хоһоонугар эппитин санаан кэллим, – химикпит хараҕар төлөн күлүмнээтэ:
Тѳрѳѳбүппэр аал уот үѳрэн
Тигинэччи умайбыта.
Аастыйбыт астаах эбэм
Ботугураан алҕаабыта
Аптаах сахам тылынан.
Хоһоон муусука кэриэтэ кутуллар дорҕоонун, тэтимин биһирээн, саҥата суох олорбохтоотубут. Онтон аны мин Бүѳтүр Тобуруокап «Айхал, сахам тылыгар!» айымньытыттан аахтым:
Ытыыр-ыксыыр ыар түгэммэр
Ынтах-бэттэх буолар күммэр
Ынырыктаах ыарахаҥҥа,
Мүhүлгэннээх мүччүргэҥҥэ,
Тиhэх тыыным субу дииргэ,
Тиhэх сырдык дьэ, бу, дииргэ
Син биир,
Син биир,
Саргы дьаалы
Сахам тыла,
Уруй олук
Сахам тыла,
Күн бэлэҕэ
Сахам тыла,
Эйигин мин ыҥырыаҕым,
«Ийээ!» – диэммин
хаhыытыаҕым!
Үөрэр-көтөр, ѳрѳгѳйдүүр,
Өргѳстѳнѳр, ѳрүкүйэр
Yйэлээх саас биирдэ эрэ
Өңөс гынаат, мэлис гынар
Yрдүк чыпчаал ѳргѳhүгэр
Yктэнэр да түгэммэр
Yѳгүлүѳҕүм,
Ыҥырыаҕым:
«Ийээ! Ийээ!» –
диэмэхтиэҕим!
Туругура, тупса тур,
Тирэҕирэ, чиҥии тур,
Тоҕойдору туораан ис,
Саргы дьайаан
Сахам тыла,
Сарыал санаа –
Сахам тыла!» – дорҕоонноохтук ааҕан түмүктээтим.
(Бүтүүтэ бэчээттэниэ).
Максим КСЕНОФОНТОВ,
СӨ үѳрэҕириитин туйгуна.