Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата үс сыл устата бэлэмнээн, ситэрэн-хоторон 2022-2023 саҥа үөрэх дьылыгар олоххо киллэрэр саҥа хайысхаларын билиһиннэрэбит.
II түһүмэх: Сахалыы толкуй диэн тугуй?
Быйыл бэс ыйын саҕаланыытыгар Дьокуускай куоракка «Ийэ тыл» общественнай хамсааһын мунньаҕа буолан ааспыта. Бу киэҥ түһүлгэҕэ төрөөбүт тылы көмүскүүр, туттуллар эйгэтин кэҥэтэр, сайыннарар, саха тылын уонна литературатын оҕоҕо тиийимтиэ гына оҥорор, оҕо саадтарыгар сахалыы иитии, куйаар ситимигэр сахалыы контеннары оҥоруу, оҕону иитиигэ тыл суолтатын, үөрэҕирии, наука сахалыы тылын туһунан санаа атастаһыыта буолбута.
Үүнэр көлүөнэни иитэн, үөрэтэн, такайан таһаарар эппиэтинэһи сүкпүт эдэр төрөппүттэрбит, учууталларбыт мунаахсыйар ыйытыылара биир – оҕо сахалыы толкуйун хайдах иҥэрэбит, сахалыы толкуй диэн тугуй?
Орто сүһүөх кылааска тахсыбыт оҕо математика, физика курдук предметтэри ылынарыгар, этигэр-хааныгар, өйүгэр-санаатыгар киллэрэригэр, кыаҕын, дьоҕурун арыйарыгар сахалыы толкуйа ордук улахан суолталаах, көмөлөөх. Төрөөбүт тыл аҥардас саха тылын эрэ предметигэр буолбакка, үөрэх атын предметтэрин ылынарыгар сүҥкэн улахан тирэҕи биэрэр. Ийэ тыл – оҕо сайдар, ис кыаҕын арыйар күүһэ. Сахалыы толкуйу хайдах иҥэрэбит диэн ыйытыы тула араас санаалары иһиттибит. Сахалыы тыллаах кылаастарга, оҕо саадтарыгар оҕо сахалыы эрэ саҥарарын күүскэ ирдиир, модьуйар кэм кэллэ диэн эдэр төрөппүттэр туруорсаллар. Сахалыы тылынан тахсар учебниктар тылларын-өстөрүн оҕоҕо сөптөөх, оҕо болҕомтотун, интэриэһин тардар гына ымпыгар-чымпыгар тиийэ ырытан оҥоруоххайыҥ диэн санаа элбэхтик этилиннэ. Оҕо дьиэ кэргэҥҥэ сахалыы эйгэҕэ иитиллэн тахсарыгар төрөппүттэргэ аналлаах үөрэхтэри тэрийиэххэйиҥ, бастыҥ уопуттары тарҕатыаххайыҥ, төрөппүттэргэ анаан бэлэм методичкалары оҥорон тарҕатыаххайыҥ диэн этиилэр эмиэ киирдилэр.
- 2022-2023 саҥа үөрэх дьылыттан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата бэчээттээн таһаарар сурунаалларын, хаһыаттарын оскуолаҕа үөрэтиллэр предметтэр программалларын кытта тэҥҥэ дьүөрэлээн таһаарыаҕа, оҕо тустаах предмети Саха сирин историятын, бэйэтин норуотун олоҕун-дьаһаҕын нөҥүө иҥэринэригэр туһалаах, өйдөнүмтүө буолуоҕа.
Сардаана МАТВЕЕВА.