Ой дуораанын эгэлгэтэ! Оҕо эрдэҕинэ ким онон оонньообот этэй. Ол гынан баран биһиги дойдубутугар ой дуораана дьиҥнээх уһулуччу дьикти көстүү буолар түбэлтэтэ баар.
Киренскэй куораттан 300 км хоту диэки Өлүөнэ өрүс 200 м тиийэ үрдүктээх истиэнэ курдук туруору биэрэктээх сиринэн дохсуннук сүүрэр. Өрүс бэйэтин туората манна эмиэ 200 м. Айылҕа оҥорбут көрүдүөрүгэр теплоход гудогун ой дуораана 25 төгүл хатыланар уонна 17 сөкүүндэ кэнниттэн эрэ тохтуур. Саа тыаһа – 12 төгүл, оттон киһи улаханнык саҥарбыта 7 төгүл хатыланар.
Ф.П. Ефимов Дьиктилэр. Дьиибэлэр. Дьээбэлэр. – Дьокуускай, 1981.
Анюта Андреева-Күндүүнэ бэлэмнээтэ.