Киһилээх хайалара Дьааҥы улууһугар 25 км усталаах сиргэ тарҕанан сыталлар. Манна 30 м үрдүктээх араас быһыылаах сымара таастар тураллар. Бу ытык сир 60 мөл. тиийэ саастаах. Номоххо кэпсэнэринэн, былыр дьон хайаларга олорбуттар. Онтон улахан тымныылар түһэннэр, дьон-сэргэ соҕуруу көһөргө быһаарыммыттар. Хараҥа күүстэр саба түһэннэр, дьон хайалары туораан истэхтэринэ тааска кубулуппуттар.
Хайа үрдүгэр уу мустар, онтон муоҕунан бүрүллүбүт оборчо үөскүүр, итиннэ түбэспит киһи бүтүннүү тимириэн сөп. Киһилээх хайаларын күүстэригэр итэҕэйэр дьон бэйэлэрин баҕа санааларын очуоска уруһуйдууллар. Учуонайдар быһааралларынан, хайа боруодата сир хайдыбытынан тахсыбыт уонна чорбоҕор быһыылаахтык сойбут. Ону ыраахтан көрдөххө, дьон субуруһан баран эрэрин курдук көрүҥнээх таастар бөлөхтөрө эриэккэс көстүүлээх.
Анюта Андреева-Күндүүнэ бэлэмнээтэ.