Биһиги норуоппут историятыгар биир биллэр бэлиэ түгэнинэн XVII үйэ бастакы аҥаарыгар Саха Сирэ Россияҕа холбоһуута буолар. Онтон ыла күн бүгүнүгэр диэри нуучча норуотун кытары эйэ-дэмнээхтик олорорбутугар биир сүҥкэн оруоллаах сүдү киһинэн, тымыр-сыдьаан тардар төрүт өбүгэбит Лөгөй Тойону ааттыыбыт.
Бүгүн Бороҕон Киин болуоссатыгар улуу киһибит Лөгөй Тойон аатынан пааматынньыгын аһыллыытын сиэрэ-туома оҥоһулунна. Пааматынньыгы арыйдылар Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков, Саха Өрөспүүбүлэкэтин Бырабыытылыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников уонна Уус Алдан улууһун Аҕа баһылыга Алексей Федотов.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа Владимир Заболоцкай уонна Тойон Мүрү култуура дыбарыаһын «Дуолан» эр дьонун ансаамбыла, Лөгөй нэһилиэгин олохтооҕо Валентина Бурнашева тылларыгар уонна Владимир Заболоцкай матыыбыгар «Үйэ саас эйиэхэ өрөгөй, Лөгөй Тойон» диэн ырыаны доргуччу ыллаатылар.
Пааматынньык ааптара Владислав Бурцев, пааматынньыгы оҥордулар: Владимир Левин, Петр Элаков уонна Владислав Бурцев.
Уус Алдан дьоно-сэргэтэ бу пааматынньык арыллыытын үөрэ-көтө кэлэн көрдүлэр.
Улуу Лөгөйбүт пааматынньыга улуус киинин Мүрү нэһилиэгин биир кэрэ көстүүтэ буолан олохтоохтору уонна ыалдьыттары үөрдэ туруо.
Дайаана Степанова, IX кылаас,
Алина Гриц, Дуня Сивцева, выпускниктар,
Муру 1 №-дээх орто оскуолата.